Бэҕэһээ Ил Дархан Айсен Николаев “Саха” НКИХ ханаалыгар Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө быһа эфиргэ таҕыста. Кини 3 чаас устата Саха сирин араас муннуктарыттан олохтоохтору долгутар ыйытыыларга хоруйдаата.
Өспөх нэһилиэгин баһылыга Лена Свешникова быһа эфиртэн тугу сэҥээрбитин үллэстэр:
– Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар өрөспүүбүлүкэбититтэн улахан көмө оҥоһуллар. Биир кэлим координациялыыр киин, Ростов к. тирэх пуун тэриллэн үлэ ыытыллар. Саха сиригэр “Сокол” квадроцикл, дроннар, тепловизордар оҥоһуллан ыытыллаллар, улахан сакааһы “Сокол” квадроциклга ылары ситистибит. Итини таһынан госпиталларга улахан үлэни ыытабыт, быраастарбыт баран үлэлииллэр. Ону сэргэ координациялыыр киин нөҥүө киһи бөҕө баран тирэх пууннарга үлэлээтилэр. СВО-тан кэлбит дьону үлэнэн хааччыйыыга Аҕа дойдуну көмүскээччилэр фондалара, дьарыктаах буолуу кииннэрэ утумнаах үлэни ыыталлар.
Саха сиригэр нэһилиэнньэ дьадаҥы араҥата уопсай ахсаан 15%-нын ылар. Онуоха бу көрдөрүүнү 2-2,5 төгүл аччатарга сорук турар. Маны ситиһэргэ, бастатан туран, элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр наадалааҕын уонна өйөбүл араас көрүҥнэрэ олоххо киириэхтэрин Ил Дархан киэҥник сиһилии сырдатта.
Саха сирин экономиката күүскэ сайда турарын этэн, билигин олоххо киллэрэр бырайыактарбыт республика эрэ иһинэн буолбакка, бүтүн Уһук Илиҥҥи региону хааччыйыахтаахтарын өйдөттө. Саха сирин сайыннарыыга 2030 сылга диэри уонна өссө эбии 10 сылга тус программанан салайтаран олоробут. Ол чэрчитинэн бииртэн-биир улахан бырайыак хотунан, соҕуруунан, илининэн, арҕаанан, киин улуустарынан олоххо киирэн иһиэхтэрэ.
Үүт субсидиятын тиэрдии туохтан бытаарбытын Ил Дархан өйдөнөр гына быһаарда. Онон сокуонунан буолбакка, бырабыыталыстыба уурааҕынан тыырылларыгар дьаһал бэриллибит. Үп-харчы маннык ньыманан көрүллэр, тиэрдиллэр буоллаҕына, тыа дьоно суол-иис алдьана илигинэ сайыҥҥы үлэлэргэ эрдэттэн бэлэмнэниэх этилэр.
Итини таһынан ыччаты кытта үлэ, доруобуйа харыстабыла, онтон да атын үгүс тиэмэ ырытылынна.
Эфир кэнниттэн биһиги улууспут атыттартан хаалбакка, барыларын кытта тэҥҥэ хардыылаһан иһиэн наада диэн күүстээх баҕа санаа үөскээтэ.