«Өркөҥҥө» Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах астык оонньуу буолла

«Өркөн» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин иитиллээччилэригэр анаан «Төрөөбүт тылым – барҕа баайым» диэн Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаммыт “Станцияларынан оонньуулар” тэрээһин буолла.

Оҕолор хамаандаларга арахсан алта станцияны кэрийэн оонньоотулар. «Өбүгэ өс хоһоонун төһө билэҕин?» станцияҕа өс хоһооннорун, өбүгэ үгэстэрин таайдыбыт. Иккис станцияҕа сахалыы ребустары таайтардылар, «Саспыт тыллары таһаар» станцияҕа бэриллибит буукубаларынан тыллары таһаардыбыт, «Лэппиэскэ» оонньууга бэриллибит сорудахтары толордубут, сахалыы иһиттэри таайдыбыт. Олус интэриэһинэй сахалыы викторинаны таайдыбыт. Көхсүбүтүгэр саха суруйааччыларын ааттарын суруйбуттарын таайан, дуоскаҕа суруйдубут. Оҕолор ордук «Лэппиэскэ» оонньууну интэриэһиргээн оонньоотулар.

Оонньуу түмүгүнэн 3-с миэстэни «Бэрэски», 2-с миэстэни «Сулус», 1-кы миэстэни «Мохсоҕол» хамаандалара ыланнар үөрүү-көтүү өрөгөйүн биллилэр.

Түмүккэ педагогтар минньигэс алаадьынан, морсунан, согунан күндүлээтилэр.
Төрөөбүт тылбыт бараммат баайын иҥэринэн, өбүгэбит үтүө үгэстэрин туһунан элбэх саҥаны биллибит.

Лиза Готовцева Мүрү 1 № оскуолатын 4 в кылааһын үөрэнээччитэ, “Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин пресс-киинэ