Уйгу-быйаҥ ыһыахтар чугаһаабыттарынан, А.Р. Халдеева аатынан модельнай библиотекаҕа кылынан-сиэлинэн «сапсыыка» оҥоруутугар маастар кылаас ыытылынна. Маастар кылааһы уран тарбахтаах, сатабыллаах иистэнньэҥ Бороҕон олохтооҕо Елена Гоголева ыытта.

Кини сапсыыканы оҥоруу технологиятын билиһиннэрдэ, бэйэтин оҥоһугун көрдөрдө. Сапсыыканы оҥоруу уустук үлэттэн тахсар эбит. Бастаан туттар матырыйаалгын бэлэмниигин, онтон дьэ биирдэ оҥоруу үлэтигэр киирэҕин. Манна араас оҕуруолар, 10-наах суон соҕус хара, маҥан саптар, иннэлэр, фетр, сукуна наада эбит. Сапсыыка сүрүн чааһын бүтэрдиҥ эрэ тас киэргэтиитэ дьууппата уонна быатын өрүүтэ хаалар. Ол эмиэ биир туспа үлэ.

Биһиги Үһүс саас оскуолатын түмсүүбүтүгэр кылынан дьарыктанар, үгүс быыстапкаҕа ситиһиилээхтик кыттар талааннаах тарбахтаах иистэнньэҥинэн Сардаана Стрекаловская буолар. Кини биһигини көҕүлүүр, сүбэ-ама биэрэр.

Бастакы маастар кылааһы кылга-сиэлгэ, норуот маастара Прасковья Суоттуттан кэлэн ыыппыта. Биһиги онно кылтан-сиэлтэн таблетка бэргэһэлэри өрөргө үөрэммиппит. Кылынан-сиэлинэн дьарыктанар олус туһалаах, дьөһөгөй кыла-сиэлэ эмтиир, харыстыыр, арчылыыр. Маастар кылааһы ыыппыт Елена Иннокентьевнаҕа түмсүүбүт аатыттан махталбытын тиэрдэбит, баҕалаахтары кэрэҕэ уһуйан бар дьон махталын ыла турарыгар баҕарабыт.

Светлана ПРУДЕЦКАЯ, уопсас. кэрэсп.