Олохпут укулаата уларыйан, киин сиргэ сүөһүнү иитии ураты көстүү курдук буолан эрэр. Билигин Бороҕоҥҥо ынахтаах ыал диэн 10-тан эрэ тахса буолуо. Мин 25 сыл аннараа өттүгэр манна кэлэрбэр аҥаардас чугастааҕы 10-тан тахса ыалым сүөһүлээхтэр этэ. Оттон билигин “тымтыктанан” да буларым уустук курдук. Итинник көстүү оннооҕор уруккуттан тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаммыт нэһилиэктэргэ баар буолла.
Ол эрээри, Бороҕоҥҥо билигин да сүөһү ииттэр хоһуун дьон баарыттан киһи астынар. Биир оннук ыалынан Ивановтар буолаллар. Кинилэр Бороҕон арҕаа уһугар Западная уулуссаҕа олороллор. Дьиэ хаһаайката Светлана Слепцова аҕыйах сыллааҕыта улаханнык ыалдьыаҕыттан дьиэттэн соччо ырааппат. Аҕа баһылык Гаврил Иванов ДьУоКХ хачыгаардыыр. Ол да буоллар, сүөһү ииттибиттэрэ уонтан тахса сыл буолбут.
Кэпсэтиибитин, биллэн турар, улуус киинигэр сүөһү ииттэр төһө уустугуй диэнтэн саҕалаатым. “Билигин ынах төбөтүгэр харчы көрүллэр буолуоҕуттан ыарахаттар туоратылыннылар. Бу олус үчүгэй өйөбүлү көрдүлэр, бэриллэр харчынан сүөһү ииттэр ороскуоту толуйуохха сөп буолла”, – диэн Светлана үөрэ-көтө санаатын үллэстэр. Урукку өттүгэр наар харчы уурунан от, уотурба атыылаһан олорбуттар. Кинилэр манна анаан оттуур сирдэрэ суох, ол иһин отторун уруккуттан атыылаһан олорбуттар.
Оттон хайдах сүөһү ииттэргэ санаммыттарын туһунан аны Гаврил маннык кэпсээтэ:
– Мин чугас нэһилиэктэн – Бэрт Ууһуттан төрүттээхпин. Биһиги төрөппүттэрбит онно уруккуттан сүөһү ииттэр буоланнар, сүөһүгэ сыстаҕаспын. Арай 2008 сыл күһүнүгэр төрөппүттэрим: ”Сааһырдыбыт, сүөһү көрөрү ыарырҕатар буоллубут, харыһыйабыт эрээри, эһэрбит дуу?”, – диэтилэр. Онуоха Светлана: ”Биһиги ылан көрүөххэ, ээ», – диэн тыл көтөҕөөччү буолбута. Инньэ гынан ити сылтан ыла ынах сүөһү ииттэн саха ыалын саҕа сананан олордохпут. Оччолорго өссө киин диэки, Автодорожная уулуссаҕа олорбуппут. Онтон дьиэ туттан манна көһөн кэлэрбитигэр сүөһүлэрбитин илдьэ кэлбиппит. Сүөһү иитиитэ дьылтан эмиэ тутулуктаах. Өҥ дьылга сүөһүнү элбэтиэххэ сөп. Биһиги муҥутаан 15 сүөһүлэнэ сылдьыбыппыт. Биэс ыанар ынахтаах этибит. Билигин 8 сүөһүлээхпит. Олортон икки ынахтаахпыт да, аны хойукку уулаах икки тыһаҕас эбиллэр буолла. Мин Сыырдаахха оттуур алаастаахпын. Былырыын өҥ дьыл буолан, онтон 16 тн. оту ыламмын сүөһүлэрим кыстыыр отторун булбутум. Быйыл кураан дииллэр, ол эрээри саатар былырыыҥҥы ылбыт отум аҥаарын ылларбын бэрт этэ.
Ивановтар бэйэлэрэ оттуур тиэхиньикэлэрэ суох. Онон ынах төбөтүгэр бэриллэр харчыны улаханнык биһирииллэр. Итинник харчы баар буолуоҕуттан, туох баар ороскуоту толунар буолбуттар. Ол да буоллар, сүөһү ииттээччи улам аҕыйаан иһэриттэн мунаараллар. Билигин ити эҥээр, кинилэри ааҕан туран, үс эрэ ыал сүөһү ииттэр эбит.
Мин бииртэн мунаардым, Гаврил үлэтэ суукканан буоллаҕа, ол кэмҥэ сүөһүлэрэ хайдах буолаллар. Онуоха маннык хоруйдаата: ”Үлэлии барар күммэр хотоммун олох эрдэ көрөн барабын, сүөһүлэрбин оннук үөрэппитим, биир суукка турарга. Сүөһүгэ үчүгэй илиилээх, сыстаҕас киһи диэн баар. Мин оҕо эрдэхпиттэн сүөһү көрдөҕүм дии, онон үөрүйэхтэри билэбин диэххэ сөп. Светлана ыалдьар буолуоҕуттан итинник балаһыанньаҕа киирдибит».
Ивановтарга билигин икки ынах төрөөбүт. Онон остуолларыгар күннэтэ ыаммытынан үүт, сүөгэй ууруллар саха мааны ыала буолбуттар. Итини таһынан 4 кууруссалаахтар. Онон сотору сымыыт эмиэ баар буолуоҕа. Бэйэлэрин тэлгэһэлэриттэн уйгу-быйаҥ аллар саха мааны ыала эбиттэр. Саамай сүнньэ – сөптөөх өйөбүл баар буоллаҕына, саха киһитэ олорор сириттэн тутулуга суох сүөһү ииттиэн сөбүн холобура.
Афанасий Сектяев