Таба этэ, чыыр, отон – хотугу норуоттар уонна саха төрүт аһын бастыҥ асчытын быһаарар куонкуруска талыллыбыт бүлүүдэ сүрүн састааба. Түөрт хамаанда кыттааччылара киһи «тылын быһа ыстыах» курдук ураты, минньигэс амтаннаах бүлүүдэлэри астаан көрдөрөн, кытаанах тургутууну аастылар.
Күрэһи сервис Дьокуускайдааҕы технологическай техникума тэрийдэ уонна эмиэ кытынна. Ону тэҥэ Уус Алданнаҕы, Жатайдааҕы, Сунтаардааҕы технологическай техникум хамаандалара күөн көрүстүлэр.
Төрдүс сылын үгэс быһыытынан «Вкус Якутии» гастрономическай фестиваль чэрчитинэн ыытыллар куонкурус кыттыылаахтарын кулинарнай искусство гурулара, Россия ааттаах-суоллаах шеф-повардара Красноярскайтан Евгений Баранников, Казаньтан Андрей Саховский, Рустам Рахимов, Дьокуускайтан Александр Ярохин сыаналаатылар.
Уус Алдан техникумуттан кондитер, повар группа устудьуоннара Александр Потримай, Саина Соловьева үөрэхтээһин маастардара Ирина Усова уонна Алена Стрекаловская салалталарынан ирдэбили толорон, өссө тупсаран, олус хайҕаннылар. Уонна «Бүлүүдэ компоненнарын бастыҥ дьүөрэлээһин» номинация кыайыылааҕынан ааттанан, анал бирииһинэн наҕараадаланнылар.
«Кыттааччылар үс бүлүүдэни астаатылар. Итии сокууска – “Астаах саламаат». Манна хайаан да чыыр балык туттулларынан, оҕолорбут чыыр балыктан аныгылыы рулет оҥордулар. Иккис – таба этиттэн итии бүлүүдэ. Манна таба этиттэн күлүүкүбэлээх рулет, гарнирыгар моркуоп кириэмэ, оҕуруот аһа, булгуур куруппа туттулунна. Киэргэтиитигэр отон маринадтаах лабыкта, морошка. Үһүс бүлүүдэҕэ ирдэбилинэн отонноох десерт бэлэмнээтилэр. Онон отонноох мусс, бисквит, күөрчэх уонна морошка соуһа оҥоһулунна.
Биһиги оҕолорбут астара саамай минньигэс, бары компоненнара бэйэ-бэйэлэригэр барсаллар, ситэрэн-хоторон биэрэллэр, аныгы тренд баар.
Онон үөрэнээччилэрбит үлэлэринэн олус астынныбыт, киэн тутта кэпсиибит», — диэн техникум асчыттар группаларын маастара Алена Стрекаловская билиһиннэрдэ.
Оттон кыайыылааҕынан Ю.А. Готовцев аатынан сервис Дьокуускайдааҕы техникумун хамаандата буолла. «Оригинальная подача» номинацияҕа Жатай техникума тигистэ.
Ольга Шепелева