Бүгүн Үлэ Геройа Данил Бурцевка аналлаах сквер Чараҥ бөһүөлэгэр киирии аартыкка бар дьону уруйдуу турардыы оҥоһуллан аһылынна, онно Герой боруонса бюһа турда.
Саҥа сквер нэһилиэк биир кэрэ-бэлиэ миэстэтэ буолан дьон-сэргэ, кэнчээри ыччат сүгүрүйэр сиригэр кубулуйуоҕа.
Бу үөрүүлээх түгэн Уус Алдаҥҥа Үлэ Геройа Данил Бурцев төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт улуус ыһыаҕын тэрээһиннэрин саҕалаата.


