1924 сыллаахха ыам ыйын 18 күнүгэр улууска дьахталлар бастакы мунньахтара буолбута. Онно дьахталлар сэбиэттэрэ тэриллэн, салайааччынан 17 саастаах Парасковья Мигалкина талыллар.
«Олоҥхо дьиэтэ» этокультурнай кииҥҥэ бу үөрүүлээх күнү бэлиэтиир тэрээһин «Кэм быыһын сэгэтэн» быыстапкаттан саҕаланна. Бу сүүс сыл устата улууспутугар дьахталлар түмсэн, үлүскэн үлэни кыайан, олоҕу иилээн-саҕалаан кэлбиттэрин кэпсиир быыстапка дьон болҕомтотун тарта.