Бүгүн улуус дьаһалтатыгар судаарыстыбаннай эксээмэннэри тэрээһиннээхтик ыытыы тула мунньах буолла

Бүгүн улууска Биир кэлим эксээмэни (БКЭ) уонна Сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэни (ССЭ) тэрийэн ыытыыга тэрээһин боппуруостарын кэпсэттилэр. Мунньаҕы улуустааҕы үөрэх салалтатын начаалынньыгын солбуйааччы Тимофей Григорьев, улуус дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Иннокентий Троев салайан ыыттылар.

Тохсус кылаастарга эксээмэн ыам ыйын 21 күнүттэн саҕаланар. Уопсай үөрэхтээһини тэрийэр, үөрэх хаачыстыбатын кэтээн көрөр салаа начаалынньыга Саргылаана Громова иһитиннэрбитинэн, тохсус кылааһы бүтэрэр эксээмэни барыта 333 оҕо туттарыаҕа. Оттон 11-с кылаастарга оскуоланы бүтэрээччи ахсаана – 228, маны таһынан, былырыын бүтэрбит оҕолор, урукку сылларга аттестацияны ааспатах ыччат эбиллэн, барыта 234 оҕо туттарыаҕа.

Улууска эксээмэни тутар 17 пуун үлэлиэҕэ, о.и. Сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэни тутар 16 пуун, Биир кэлим эксээмэни тутар 12 пуун. Биир кэлим эксээмэни тэрийэн ыытыыга 261 киһи, оттон Сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэҥҥэ 327 киһи үлэлиэҕэ.

Уопсай үөрэхтээһиҥҥэ түмүктүүр эксээмэн тэрээһинэ сибээстэн, электричествоттан улахан тутулуктаах. Онон мунньахха тустаах тэрилтэлэр салайааччыларын, исписэлиистэрин кытта кэпсэтии таҕыста.

Бороҕоннооҕу РЭС начаалынньыга Николай Седалищев хас биирдии оскуолаҕа РИП (резервный источник питания) хааччынары, онно эппиэттээх үлэһити булуналларыгар сүбэлээтэ, ону сэргэ: «Уопсай линияҕа саахал таҕыстаҕына, тута туоратарга кыһаллыахпыт», – диэн эттэ. ДьУоКХ улуустааҕы филиалын кылаабынай инженерэ Анатолий Крылов бэс ыйын 6 күнүгэр диэри эксээмэни тутар пууннары сылаастан араарбаттарын туһунан эттэ. Итини таһынан мунньахха эксээмэн кэмигэр Ис дьыала үлэһиттэрэ оскуола таһыгар харабыллыыллара, кииннэммит балыыһа өттүттэн медиктэр үлэлэһэллэрэ быһаарылынна.

БКЭ баар буолуоҕуттан улууска түмүктүүр аттестацияны ыытыыга техническэй исписэлииһинэн үлэлиир Александр Турантаев быйыл эксээмэн ыытылларыгар саҥа технологиялаах үгүс оборудованиены ыылыыга көмөлөспүт улуус дьаһалтатыгар махтанна. Кини оскуолалар бары уот резервнэй источниктарынан хааччыллан олороллорун, оттон резервнэй сибээс сорох пууннарга суоҕун, АТС-га дизель көрүллэригэр баҕатын, сорох АТС-га үлэһит суох буолан мэһэйдэри көрсүөххэ сөбүн туһунан эттэ. Онон нэһилиэк баһылыктара сибээһи хааччыйар тэрилтэни  кытта биир тылы булан үлэлэһэлэригэр эрэннэ.

Бүтүн улуус эппиэтинэһигэр ыытыллар эксээмэҥҥэ бары тэрилтэлэр салайааччылара 20-тэн тахса сыл устата болҕомтолорун ууран бииргэ үлэлэһэн кэлбиттэригэр улуус дьаһалтатын аатыттан махтал тыллара этилиннилэр.

Мария Аргунова