Бүгүн Егор Жирков 70 сааһын туолла

I ыҥырыылаах РФ Федеральнай Мунньаҕын Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата, II, IV, V ыҥырыылаах СӨ Ил Түмэнин дьокутаата, педагогическай наука доктора, 1992-1994 сс. СӨ үөрэҕин миниистирэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Уус Алдан, Өймөкөөн улуустарын бочуоттаах олохтооҕо Егор Петрович ЖИРКОВ үбүлүөйдээх 70 сааһын туолла.

Кини 1954 с.Байаҕантай нэһилиэгэр Тандаҕа төрөөбүтэ. 1971 с. Мүрү ор­то оскуо­латын физико-математичес­кай кылааһын, 1976 с. СГУ физико-ма­те­матическай факультетын бүтэрэр. 1982-1985 сс. Москваҕа ССРС Пед.наукаларын академиятын математиканы чинчийэр аспирантуратыгар үөрэнэн, педагоги­чес­кай наука кандидата буолар. 1985-1990 сс. – СГУ үрдүкү математика кафедратын ассистена, методика кафедратын тэрийэн сала­йар. 1990-1992 сс. – СӨ үөрэҕин миниистирин солбу­йааччы. 1992-1994 сс. – СӨ үөрэҕин миниистирэ. 1993 с. пед.наука докто­рын степенин кө­мүскээбитэ. 1994-1996 сс. – Госдума I ыҥырыытын депутата. 1996-1997 сс. – СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэ­рэсидьиэн бырагыраамаларыгар уонна стратегичес­кай ресурсаларга департаменын дириэктэрэ. 1997-1998 сс. – «Cаха сирин көмүһэ» ҮХПК ген. дириэктэрин I солбуйааччы. 1998-1999 сс. – СӨ Бэрэсидьиэнин уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта. 1999-2000 сс. – РФ Бэрэси­дьиэ­нигэр СӨ Бастайаан­най бэрэстэбиитэлэ. 2000-2008 сс. – «Сары­лаах сурьма» бырамыысалыннай тэрилтэ ген.ди­риэктэрэ. 2008-2012 сс. – инвестиционнай хампаанньа (РИК) ген.дириэктэрин I солбуйааччы. 2012-2015 сс. – базальт матырыйаалларын собуотун дириэктэрэ.

Егор Петрович Россияҕа бастакынан национальнай оскуолалары саҥардыы уонна сайыннарыы Концепциятын оҥорон, төрөөбүт тылы, төрүт культураны үөрэтиигэ хамсааһыны таһаарбыта. Национальнай өрөспүүбүлүкэлэртэн бастакынан Саха сиригэр национальнай оскуолалар институттарын тэрийбитэ. СӨ Төрүт со­куонун барылын оҥорууга оробуочай бө­лөҕү салайбыта. Госдума дьокутаат­тыыр кэмигэр Хоту сир олохтоох­торун интэ­риэстэрин көмүскүүр сокуоннар ылыллыыларын туруорсубута.

Кини туһунан улуустааҕы киин биб­лио­тека фондатыгар баар «Депутат Думы Жирков Егор Петрович» (1995), «Государственное Собрание (Ил Түмэн) Республики Саха (Якутия)»(1999), «Энцик­лопедия Якутии» (2000),«Педагогичес­кая энциклопедия» 1 томугар (2000), «Егор Петрович Жирков: деятель, пат­риот, менеджер» (2007), А.Н. Жирков, М.П. Габышев уо.д.а. хомуйан оҥорбут «Избранные народом» (2009), Н.Г. Жирков, П.В. Пермяков, Е.Н. Сыроватская уо.д.а. хомуйан оҥорбут «150 сыл сырдыгы саҕар кыһабыт» Хабырылла Дьөгүөрэп аатынан Мүрү 1 №-дээх орто оскуолата, 1872-2022 (2023), «Энциклопедический словарь Якутии» (2018), «Ученые из Усть-Алданского улуса» (2000), С.Н. Назаров, С.Н. Свинобоев (зам. ред.), Е.Г. Герасимова, Н.А. Келин «Постпреды Якутии» (2005), «Профессора Якутского Государственного университета» (2007),«История Усть-Алданского улуса в лицах» (2010) ыйынньыктарга, «Авторефераты диссертаций Республики Саха (Якутия)» (2021), «Сайдыы төрдө – саҥа технология» (“Мүрү саһарҕата”, 2010, ахсынньы 15 к.), Г.Г. Филиппов «Егор Жирков — саха эрэлэ!» (“Кыым”, 2021, балаҕан ыйын 9 күнэ), И.С. Калининскай «Уус алданнар махтаныах тустаахпыт» (“Мүрү саһарҕата”, 2022, муус устар 15 к.), о.д.а. кинигэлэргэ, ыстатыйаларга ааҕыахха сөп.