Уус Алдан улууһун баһылыга Василий Аммосов Уус Алдаҥҥа библиотека тэриллибитэ үбүлүөйдээх 100 сылынан #кинигэситиһииуоннасайдыытөрдө бырайыакка кыттыһарга библиотека телеграм-каналын нөҥүө нэһилиэк баһылыктарыгар ыҥырыы таһаарбыта.
Онон бу ый устата С. Васильев–Борогонскай аатынан Уус Алданнааҕы киин библиотека телеграм-каналыгар нэһилиэктэр баһылыктара сөбүлээн аахпыт кинигэлэрин билиһиннэрэллэр, олохтоох нэһилиэнньэҕэ ааҕыыны, библиотекаҕа сылдьыыны көҕүлүүллэр.
Василий Аммосов библиотека үлэһиттэригэр сөбүлүүр суруйааччыта Софрон Данилов буоларын, кини айымньыларыттан ордук умсугуйан «Сүрэх тэбэрин тухары» романы аахпытын туһунан кэпсээтэ.
Улуус баһылыгын ыҥырыытын бастакынан Баатаҕай нэһилиэгин баһылыга Михаил Белолюбскай өйөөтө. Кини саха суруйааччыларын айымньыларын, история чахчыларын туһунан сөбүлээн ааҕар эбит, Иван Андросов–Айанньыт «Тумаҥҥа симэлийбиттэр» түөрт олуктаах романын ааҕарга сүбэлиир.
Оттон Мүрү нэһилиэгин баһылыга Прокопий Румянцев ордук нууччалыы кинигэлэри ааҕарын туһунан кэпсээтэ. Хоро нэһилиэгин баһылыга Алексей Ушницкай былыргы номохтору үһүйээннэри ааҕарын ордорор эбит. Оттон Байаҕантай нэһилиэгин баһылыга Савва Егоров Николай Якутскай «Төлкө» романын умсугуйан аахпыт. Бээрийэ нэһилиэгин баһылыга Петр Васильев история чахчыларын уонна Далан айымньыларын ааҕарын сөбүлүүр эбит. II Лөгөй нэһилиэгин баһылыга Петр Бурнашев ордук сөбүлээн Амма Аччыгыйа “Сааскы кэм” романын аахпытын эттэ.
Ити курдук баһылыктар: “Кинигэ ааҕар киһи сайдыылаах, киэҥ билиилээх, бөҕө тирэхтээх буоларын умнумаҥ. Кинигэни ааҕыҥ, библиотекаҕа сылдьыҥ”, – диэн ыҥыраллар. Бырайыак салҕанар.