Мүрү нэһилиэгин «Алаас Хотуна» уопсастыбаннай түмсүү 15 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһинэ бүгүн Олоҥхо дьиэтигэр ыытылынна.
Үбүлүөйдээх тэрээһин бары ыалдьыттарын Уус Алдан улууһун баһылыгын солбуйааччы Анатолий Сторожев, Мүрү нэһилиэгин баһылыга Прокопий Румянцев, кини солбуйааччыта Вероника Сивцева, о.д.а. эҕэрдэлээн туран, наҕараадалары, бэлэхтэри туттардылар. «Алаас Хотуна» уопсастыбаннай түмсүү салайааччытынан уһуннук үлэлээбит Валентина Шадрина бииргэ үлэлэспит чугас дьонугар эҕэрдэтин кытта бэйэтин бэлэҕин туттарда уонна түмсүү саҥа салайааччытын Владилена Колесованы билиһиннэрдэ.
Бу түмсүүгэ улуус киин нэһилиэгин бастыҥ актыбыыс, араас эйгэҕэ өр кэмнэргэ ситиһиилээхтик үлэлээбит далбар хотуттар Валентина Шадрина, Анна Бурнашева, Галина Иванова, Людмила Винокурова, Любовь Седалищева, Матрена Мырсанова, Мария Атласова, Светлана Ушницкая, Галина Бурцева, Саргылана Полякова, Мария Жиркова, Марфа Иванова түмсэн, бу сыллар усталарыгар элбэх тэрээһини ыытан, кыаммат араҥаҕа көмө-ньыма буолан, маны сэргэ сылын ахсын ыытыллар акцияларга, рейдэлэргэ, кытталлар.
“Алаас хотуна” түмсүү бэйэтин иһинэн тэриллибит араас хайысхалара дьон-сэргэ сэҥээриитин ылаллар, олору холобурдаатахха – «Тиэргэн», «Сибэккилэр бырааһынньыктара», «Ыраас түөлбэ күрэһэ», «Дьол уйата», «Үтүө санаа ыллыга», «Эбээ оскуолата» курдук түмсүүлэр.
Элбэх оҕолоох ийэлэр, далбар хотуттар бу курдук түмсүү тэринэн туһалааҕынан дьарыктана, олохторун сэргэхситэ, кэрэни, сырдыгы элбэтиһэ олороллоро кэрэхсэбиллээх итиэннэ кэнчээри ыччакка үтүө холобур буолар.
Наталья Попова