Кэнники сылларга климат араас дьайыыларыттан тулалыыр айылҕабыт көтөрө-сүүрэрэ, араас үүнээйилэрэ бэйэлэрин ареалларын уларыталлар, кэҥэтэллэр. Урут биһиэхэ суох кыыллар, көтөрдөр, үүнээйилэр көстөр түбэлтэлэрэ сыллата элбээн иһэр. Айылҕабытыгар араас эгэлгэ үүнээйи үүнэр, олор истэригэр дьааттаах үүнээйилэр эмиэ бааллар.

Биһиэхэ, Бээрийэ бөһүөлэгэр, уруккуттан аһыы от (вех ядовитый) диэн сииктээх сиргэ үүнэр үүнээйи өрүүтүн баар. Сыллата бу от үүнэр күөлүн кытыытын саас уонна күһүн кэрийэн көрөбүт. Дьылыттан көрөн, наһаа элбээбит буоллаҕына, субуотунньук тэрийэн ыраастыыбыт.

Быйыл сайын белена диэн дьааттаах от үүммүтүн кырдьаҕас бэтэрээн ветеринар Александра Колесова миэхэ этэн баран көрбүппүт. Бу от урукку да сылларга онно-манна биирдиилээн үүнэрин билэр этибит. Быйыл букатын бөһүөлэк кытыы ыалларын тэлгэһэлэрин аннынан суол кытыытыгар үүммүт этэ. Баран көрөн, хаартыскаҕа түһэрэн, аныгы сиэринэн олохтоохтор ватсап группаларыгар дьону сэрэтэн суруйбуппут, чугас уһаайба хаһаайкатын Оля Томскаяны ыҥыран көрдөрбүппүт. Үүнээйини түөрэн ылан куулга хаалаан умаппытым.

Белена – олус дьааттаах икки сыллаах үүнээйи, аны үүнээйи бары чааһа барыта, ол аата умнаһа, сэбирдэҕэ, сибэккитэ уонна ордук чуолаан сиэмэтэ дьааттаах.

Сыттаах үүнээйи буолан, сайын күөххэ сүөһү, сылгы сиэбэт. Ол эрээри бэрт дьиибэ быһыылаах үүнээйи буолан, оҕолор интэриэһиргээн үргүөхтэрин, таарыйан ааһыахтарын, сиэмэтин үргээн сиэхтэрин сөп. Маннык түгэҥҥэ сүһүрүү бэрт түргэнник, 20 мүнүүтэ иһинэн дьайар. Таарыйбыт сиргинэн тирииҥ кытарар, сүрэх тэбиитэ күүһүрэр, айах иһэ куурар, харах көрөрө мөлтүүр, сүһүрүү улахан буоллаҕына галлюционация да буолуон сөп. Онон маннык үүнээйилэри көрдөххүтүнэ олох тыыппат буолуҥ, түөрэн ылан уматыҥ.

Саргылаана Бурнашева, ветеринарнай быраас