Бээрийэ бөрөһүтэ – Сэмэн Васильев

Саха сиригэр сыл ахсын муус устар маҥнайгы субуотатыгар Булчут күнэ бэлиэтэнэр. Быйыл муус устар 4 күнэ түбэһэр. Онон Булчут күнүн көрсө Бээрийэ нэһилиэгин олохтооҕо, бөрөһүт Семен Васильев туһунан кэпсээммин саҕалыым.

Семен Иванович 1965 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Кыра сааһыттан аҕатын батыһан куобахха, куска сылдьыһан, уол оҕо сиэринэн айылҕалыын алтыһа, булка умсугуйа улааппыта. Оскуо­ла кэннэ дойдутуттан тэлэһийбэккэ сопхуоска сылгыһытынан, тырахтарыыһынан үлэлээбитэ. Онтон 1996 сылтан урбаан­ньыт быһыытынан кэтэх хаһаайыстыбатын тэринэн үлэлиир.

Кэргэннээх, биэс оҕолоох, биэс сиэннээх. Сопхуос ыһыллыбытын кэннэ, иллэҥсийбиччэ буолуо, 35 сааһыттан улахан булка – тайахха ылсыбыта. Ол курдук бастакы улахан булдун 2002 сыллаахха тыатааҕыны бултаабыта. Онтон ыла Ба­йанайдаах булчут ыыра кэҥээбитэ. Сири-уоту тайаан, хара тыаны кэрийэн сылдьар булчут киһи өрүү кэпсээннээх буолар. Семен Иванович бултаабытын тухары дьикти түбэлтэҕэ түбэс­питин туһунан бу курдук кэпсиир:

– 2024 сыл киискэ ииппит хапкаам­мар хотой иҥнибит этэ. Атаҕынан хаптаран баран, муҥур тииккэ тахсан олороро. Ону уһун ураҕас ыламмын анньыалаабыппар, хапкааным алдьанан, босхоломмута. Онуоха хотойум көтөн тахсан иһэн киһи курдук мин диэки эргиллэн көрбүтэ харахпар бу баар. Мин «этэҥҥэ буол» диэн ботугуруу хаалбытым. Онтон эһиилигэр бөрөҕө ииппит туһахпар эмиэ хотой иҥнибит этэ. Мин соммун устан саба тутан, төбөтүгэр үтүлүкпүн кэтэрдэн баран арааран ылбытым. Онуоха хотойум хаарга дайан түспүтэ уонна миигин өр одуулаһа олорбута. Быйыл икки хотойу көрдүм. Бөрө сылгыны таппытыгар кэлэн олороллор этэ. Баҕар, ол хотойдорум сылдьаллара буолуо дии саныыбын. Дьэ, ити дьиибэ, дьиҥэр, хотой киһи хараҕар мээнэ көстүбэт кыыл ээ. Арааһа, Ба­йанайым алгыыр дуу диэн сэмээр үөрэ ылыммытым.

Үс сыллааҕыта Бээрийэ нэһилиэгэр бөрөлөр мэнээктээннэр, дьон сыл­гытын тардан улахан хоромньуну таһаар­быттарыгар, Сэмэн Уйбаанабыс бөрөнү бултаһан көрөргө санаммыта. Онуоха сүбэ-ама буолар бөрөһүт булчуту көрдөөбүтүгэр, Тааттаҕа олорор Суот­туттан төрүттээх биир дойдулаахпыт Петр Охлопков тылланан кэлэн, Сэмэни бөрөҕө хайдах хапкаан, туһах иитэри көрдөрөн уһуйбута, тэҥҥэ бултаспыта. Онон Сэмэн Уйбаанабыс бөрөнү бултаабыта үһүс сыла. Бу үс сыл иһигэр 14 бөрөнү бултаата. Быйыл уон бөрөлөөх үөртэн сэттэ бөрөнү бултаста. Олор истэригэр ааспыт ыйга иһигэр аҕыс эм­брионнаах ийэ бөрө түбэстэ.

– Бөрө наһаа өйдөөх, ылбычча туттарбат сырыылаах кыыл. Онон мындыр өйгүнэн салайтаран, ыксаабакка кэтээн-манаан бултанар. Сорох ардыгар бөрө бэйэтэ сыыһа-халты үктэтэн, булт үөрүйэҕэр үөрэтэр дуу диэх санаа киирэн ылар. Булчут быһыытынан бултуу барарбар саха сиэринэн аартыгы, сиргэ тиийэн аал уоту аһатабын, маа­нылыыбын.

Булка үөрэбин, махтанабын. Кырдьаҕас булчуттар үгэстэринэн оҕо эрдэхтэн булт саҕаламмыт кэмигэр бастакы булпун ыллахпына, дьиэбэр «айгыстан» киирэбин. Ол аата ааны атахпынан тэбэн күүскэ тоҥсуйабын, оччоҕуна ааны дьиэҕэ баар киһи ары­йыахтаах. Бэйэм арыйбаппын. Уонна булпун көтөҕөн буолбакка, соһон киллэрэбин. Булчут киһи тыаҕа харыстабыллаахтык, кыылга-сүөлгэ, булдугар убаастабыллаахтык сыһыаннаһыах­таах. Адьырҕа кыыл бултаныллыах­таах дии саныыбын. Тыа сиригэр сүөһүгэ-­аска эрэ буолбакка, дэриэбинэҕэ чугаһаабыт кыыллар дьоҥҥо да кутталы суоһууллар буоллаҕа, – диэн булчут кэпсэтиибитин түмүктүүр.

Мария АРГУНОВА