Ходуһа хоһууттара былааны толорор соруктаахтар

Күһүҥҥү күн-дьыл ыган кэллэ, сөрүүн, силбиктээх кэмнэр саҕаланнылар. Ол эрээри, сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин хампаанньата тэтимин ыһыктыбат. Өлгөм үүнүүлээх, быйаҥнаах сайын бэлэҕиттэн бэриһиннэрэн ходуһа хоһууттара билигин да оттуу сылдьаллар.

Тыа хаһаайыстыбатын управлениетыттан иһитиннэрбиттэринэн, атырдьах ыйын 31 күнүнээҕи туругунан, ходуһаҕа билигин да 332 киһи күөх быйаҥы сомсор. Барыта 147 звено оттуу сылдьар. Ол иһигэр 81 механизированнай, 58 механизированнай аҥаардаах, биир көлө-илии, 7 илии звенота.

Бу күннээҕи көрдөрүүнэн 29718 га ходуһа охсуллубут, 32211,25 тн от кэбиһиллибит. Онон былаан туолуута 96,21% тэҥнэспит.

Былырыыҥҥы оттооһуну кытта тэҥнээтэххэ, балаҕан ыйын 1 күнүнээҕи көрдөрүүнэн, улуус үрдүнэн 22,943,2 тн (былаан 30000 тн этэ) от бэлэмнэммит. Ол былаан 76,47% тэҥнэспит.

Кэтэһиилээх балаҕан ыйын кураан күннэрэ кэллэллэр эрэ, хоһуун отчуттар өссө хоҥнохтоохтук түһүнүөхтэрэ. Оччоҕо тиэрдиллибит былаан туолуон сөп эбит диэн эрэниэҕиҥ.

Афанасий Сектяев

Читайте дальше