Уус Алдаҥҥа оттооһун былаана 87%-на туолла

Атырдьах ыйын иккис аҥаара бүтэн эрэр, күһүн тыына сыыйа биллэн барда. Киэһэ эрдэ сөрүүкээн, түүнүн сиик күүскэ түһэн хатыҥ сэбирдэҕин саһардан эрэр.
Бастакы Ыспааһап таҥара күнэ ааһа охсон, иккиһэ ыган кэллэ. Ардаҕа өлгөм буолла, онон икки Ыспааһаптар силбэстилэр диэххэ сөп.

Аны атырдьах ыйын 29 күнүгэр үһүс Ыспааһапка диэри кураан буоллар, отчуттарга абыраллаах буолуо этэ. Мантан инньэ күнү эргиччи улахан куйаастар түспэттэр, онон кыратык аһаах да оту кэбиһиэххэ сөп.
Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетыттан иһитиннэрбиттэринэн, атырдьах ыйын 17 күнүнээҕи туругунан, ходуһаҕа билигин да 902 киһи күөх быйаҥтан сомсо сылдьар. Ол аата билигин да үлэ күргүөмнээхтик барарын бэлиэ­тэ. Барыта 523 звено үлэлии сылдьар. Мантан 319 толору механизациялаах, 195 механизированнай аҥаардаах, биир көлө-илии, 8 илии звенолара. Манна барыта 691 тиэхиньикэлээхтэр.

Билиҥҥи туругунан, 27 409 гаа ходуһа охсуллан сытар. Нэдиэ­лэ анараа өттүгэр 23 388 гаа этэ. Онон ити хомулуннаҕына балачча от буолсу. Атырдьах ыйын 17 күнүнэээҕи туругунан, 29261,45 тн от кэбиһиллибит. Бу былаан 87,40% тэҥнэһэр.

Быйаҥнаах сайын бэлэҕэ да ботуччу буолла. Бэртээхэй кураан күннэри ходуһа хоһууннара сөпкө туһананнар, хоннохтоохтук оттоон балаччаны сомсон ыллылар. Истэр тухары ким даҕаны отум суох диэбэт, үтүөкэн сайын ааста диэн махталлаахтар эрэ.

Иккис уонна үһүс Ыспааһаптар икки ардылара уон хонук. Онно кураан күннэр туран биэрдэл­лэр абырыа этэ. Онтон тиһэх Ыспааһапка “бэлиэтээн” баран дьогдьооттоотоҕуна, окко тиэр­диллибит былаан туолар туруктаах эбит. Ходуһа хоһууттара ону баҕас билэ-көрө, кэтии сылдьаллара чахчы.

Афанасий Сектяев

Читайте дальше