Быйыл албан ааттаах буойуттарбытын чиэстиир биир бэлиэ бүгүн үүннэ. Ол курдук 80 сыл анараа өттүгэр атырдьах ыйын 23 күнүгэр Аҕа дойду сэриитигэр ньиэмэс халабырдьыттарын ССРС сириттэн-уотуттан букатыннаахтык үтүрүйүүгэ улахан оруолу ылбыт Курскай Тоҕой кыргыһыыта түмүктэммитэ.
Бу бэлиэ түгэҥҥэ анаан “Кыайыы уотун” эстафетата биһиги улууспутуттан Аҕа дойду сэриитигэр хорсун быһыыларын иһин дьоруой үрдүк аатын сүкпүт Владимир Лонгинов уонна Михаил Стрекаловскай төрөөбүт нэһилиэктэрин Байаҕантайынан уонна Өнөрүнэн айаннаан Бороҕоҥҥо кэллэ.
Уот эстафетатын биллэр экстремал сүүрүк Дмитрий Горохов салайан сылдьар. Кини “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньуулар уоттарын эстафетатын солбуллубат салайааччыта буолар. Дмитрий Николаевич быйылгы эстафета идиэйэтин өрөспүүбүлүкэ бэтэрээннэрин Сэбиэтин уонна Дьокуускай куорат мэриятин кытары толкуйдаан Курскай Тоҕой кыргыһыытын 80 сылыгар анаан туран Аҕа дойду сэриитин дьоруойдардаах улуустарынан айанныылларын туһунан кэпсээтэ.
Онон атырдьах ыйын 19 күнүгэр Дьокуускай куораттан саҕалаан Мэҥэ Хаҥаласка сылдьан баран, Уус Алдантан салгыы айаннаатылар.
Эстафета биир сүрүн соругунан чөл олоҕу тарҕатыы буолар. Онон Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 сылыгар эмиэ ананарын эттилэр. Бу айан өссө биир уратытынан эстафетаҕа Дмитрий Гороховтан ураты барыта дьахталлар сүүрэллэрэ буолар. Хамаандаҕа Анна Егорова, Дьокуускай куорат социальнай фондатын отделын салайааччыта, Валентина Доргуева, Таатта улууһуттан үлэ, спорт бэтэрээнэ, Наталья Неустроева, Дьокуускайдааҕы оҕо клиническэй балыыһатын бырааһа, Мария Слепцова, Бороҕоннооҕу оҕо спортивнай оскуолатын тренерэ, Сардаана Эверстова, Саха национальнай библиотекатын үлэһитэ, Каролина Слепцова, Бороҕоннооҕу оҕо спортивнай оскуолатын иитиллээччитэ бааллар.
Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыыны түстээбит Курскай Тоҕой кыргыһыытын кыттыылаахтарын сырдык ааттарыгар сүгүрүйэр “Кыайыы уота” эстафета албан ааттаах айанын салгыыр.
Афанасий Сектяев