Дьылҕа хаан тыйыһын… Баара-суоҕа 26 сааһыгар анал байыаннай дьайыыга олоҕун толук уурбут байыас, биир дойдулаахпыт Дьулустаан Старостины ахтан-санаан ааһыаҕыҥ.
Дьулустаан 1996 сыллаахха атырдьах ыйын 20 күнүгэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Зинаида Ильинична медицинскэй училищены бүтэрэн, улуус киин балыыһатыгар хирургическай салааҕа үлэлээбитэ. Аҕата Александр Егорович Намнааҕы педагогическай училищены бүтэрбитэ. Дьылҕа хаан тыйыс тыына илгийэн, ийэтэ эдэр сааһыгар ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта, оттон аҕата оһолго түбэһэн эмиэ күн сириттэн күрэммитэ. Онон икки кырачаан уол тулаайах хаалаахтаабыттара. Кинилэри ийэлэрин бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Валентина Жиркова ииппитэ. Дьулустаан 8-с кылааска диэри Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолатыгар, салгыы 2010 сыллаахтан таайын аахха Бэйдиҥэ орто оскуолатыгар үөрэммитэ. Онон салгыы таайын Михаил Андросов дьиэ кэргэнигэр иитиллибитэ.
Таайын кэргэнэ Марианна Андросова Дьулус туһунан бу курдук кэпсиир: «Оҕолор кыра эрдэхтэриттэн сайынын куруук биһиэхэ кэлээччилэр. Биһиги уоллаах кыыс оҕолоохпут, кинилэри кытта тэҥҥэ улаатан Дьулустаах Айсен бэйэбит оҕолорбут курдук буолбуттара. Сайылыкка илдьэ тахсааччыбыт. Дьулус кыра сааһыттан отчуттарга уу таһааччыттан, бугул түгэҕин харбааччыттан саҕалаан окко көмөлөһөрө. Уолаттар тиэхиньикэҕэ сыстан кэлэн-баран, күөх сайын үтүөтүн билэн, бииргэ оонньоон-көрүлээн улааппыттара».
Оскуолаҕа үөрэппит учууталлара Дьулуһу көрсүө, сэмэй майгылааҕын, үөрэҕэр олус кыһамньылааҕын, бэйэтин лаппа кыанар буолан спортивнай күрэхтэһиилэргэ уонна култуурунай тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттара диэн бэлиэтииллэр. Оттон бииргэ үөрэммит доҕотторо хас киэһэ аайы футболлаан, дьоллоох оҕо сааһы билбиттэрин ахталлар.
Бииргэ төрөөбүт убайа Айсен кэпсииринэн, Дьулус туруоруммут сыалын хайаан да ситиһэр кытаанах майгылааҕа. Кыра сааһыттан компьютерга сыстаҕас буолан, кэлин кибер спорт диэни интэриэһиргээн, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ миэстэлэһэрэ.
Бэйдиҥэ орто оскуолатыгар саха тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр уһуйбут учуутала Акулина Захарова этэринэн, Дьулус тоҕо эрэ Тимофей Сметанин «Егор Чээрин» уонна Михаил Шолохов «Судьба человека» айымньытын наһаа сэҥээрбитин өйдөөн хаалбыт. Биир кэлим эксээмэннэрин иҥэн-тоҥон туран, кыһаллан бэлэмнэнэн үчүгэйдик туттарбытын кэпсиир.
Оскуоланы 2014 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрэн, Таатта улууһугар Харбалаахха Орто Амма нэһилиэгэр 18№-дээх профессиональнай лицейгэ үөрэххэ киирэн баһаарынай идэтин баһылаабыт, ол кэнниттэн 2016 сыллаахха Аармыйаҕа Хабаровскай кыраайга сулууспалаабыт. 2017 сылтан Бороҕоҥҥо «Туйгун» бэкээринэҕэ кондитерынан үлэтин саҕалаабыт. Итиэннэ кафеҕа, маҕаһыыннарга техүлэһитинэн сылдьыбыта.
Кэлин 2019 сыллаахха улуустааҕы култуура управлениетыгар харабылынан уонна кафетыгар баристанан үлэлээбитэ. Манна үлэлиир кэмигэр “кэлэктиипкэ сылдьар үчүгэйин” диэн үөрэрэ, “дьиэ кэргэннээх курдук сананабын” диэхтиирэ. Онно кини үлэтинэн эрэ муҥурдаммакка, айар тыыннаах эйгэҕэ киирэн, култуурунай тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттан иһэрэ диэн кэллиэгэлэрэ кэпсииллэр.
Ити үлэлии сылдьан, анал байыаннай дьайыыга 2022 сыл балаҕан ыйын 22 күнүгэр быстах хомуурга хабыллан барбыт. Кини аармыйаҕа мотострелковай чааска сулууспалаабыт буолан, БМП-га мэхээнньигинэн сылдьыбыт.
2023 сыл атырдьах ыйын 3 күнүгэр Запорожскай уобалас Пологовскай оройуонун Марфополь сэлиэнньэтигэр эдэркээн уол Дьулустаан Старостин сырдык тыына быстыбыт. Убайа Айсен ыйыталаһан билбитинэн, кыргыһыы толоонугар инники этэрээккэ киирии кэннэ сынньалаҥыгар массыыналарын оҥостуохтаахтара, ону баара, арыылара бүтэн, ыаллыы сытар этэрээккэ арыы ыла диэн суоппар буоларын быһыытынан соҕотоҕун баран иһэн өстөөх ытыалааһыныгар түбэспит.
Тыыннааҕар, убайыгар эрийдэҕинэ, тоҕо эрэ куруук “бырастыы гын” диэхтиирэ үһү. Убайа «тоҕо итинник диигин?» диэн ыйыттаҕына, «билбэппин, испиттэн тахсар» диэн кэбиһэрэ. Бука, Дьулустаан убайын хаалларан барыаҕын сэрэйдэҕэ…
Дойдубут чиэһин эрэллээхтик көмүскээн, хорсун байыастар кэккэлэригэр киирбит уолбут өлбүтүн кэнниттэн «Эр санаа» уордьанынан наҕараадаламмыта.
Матырыйаал “Саха” НКИХ «Дойдубут туһугар» (18.10.2023 с.) биэриититтэн ылылынна. Бу биэриини ютуб ханаалга көрүөххүтүн сөп.
Мария Аргунова