«Хорсунун иһин» уордьаннаах Николай Сухов олоҕу олус таптыыра

Анал байыаннай дьайыыга сырдык тыыннарын толук уурбут уолаттарбыт тустарынан биир дойдулаахтарыгар кэп­сиир уонна сурукка тиһэн хаалларар ытык иэстээхпит. «Хорсунун иһин» уордьаннаах Николай Сухов туһунан бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Василена Сухованы кытта кэпсэтэн, тугу истибиппин суруйуум.

Николай Бороҕон нэһилиэгэр 2000 сыл­лаахха ыам ыйын 7 күнүгэр элбэх оҕолоох ыалга төрдүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Бииргэ төрөөбүт ахсыалар. Ыал улахан уола буолан, соҕотох ийэ инники эрэлэ этэ.

Кини Тумул орто оскуолатыгар 2007 сыллаахха маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирбитэ. Бииргэ үөрэнэр оҕолоро тап­таан Коляша диэн ыҥыраллара. Уруок­тар быыстарыгар кылаа­һын оҕолоругар бэйэтэ оонньуу толкуйдаан куруук тугу эмэ оонньотор идэлээҕэ, мунньан олорон барыны бары кэпсиирэ. Доҕотторугар наһаа истиҥ сыһыаннааҕа, улахан дьону олус убаастыыра. Кылааска хаһаайыстыбаннай өттүн көрөр эппиэтинэстээҕэ. Биирдэ тулалыыр эйгэ уруогар «Мин идэм» диэн тиэмэҕэ кэпсэтии буолбутугар саллаат буолуом диэбиттээх уонна саллаат туһунан хоһоонун ааҕан иһитиннэрбит. Бу санаатахха, саллаат буоларын эрдэттэн билбит курдуга. Оскуола олоҕор көрдөөх сыаҥкаҕа, үҥкүүгэ куруутун кыттара. Оннук бэһиэлэй, барыга бары көхтөөх үөрэнээччи этэ.

Коля бэһис кылааска Мындааба спортивнай хайысха­лаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Онон оскуоланы бүтэриэр диэри интэринээккэ олорбута. Боксанан утумнаахтык дьарыктаммыта. Тренерэ Илья Иванов төрдүс кылаастан бэйэтин кытта илдьэ сылдьан дьарыктаабыта. Кыра сылдьан Бороҕоҥҥо дьарыкта­нар буолан, тренерэ Коляны массыынатынан кэлэн ылара, аҕалан биэрэрэ. Ол курдук Коля интэринээттэн боксаҕа соҕотоҕун дьарыктанар буолан, куруук киэһэ аһылык кэнниттэн хойутаан кэлэн соҕотох аһыыра. Интэринээт асчыттара болҕомтолоох сыһыаннарыттан уолчаан үөрэрэ.

Кини өрөспүүбүлүкэҕэ да, улууска да элбэхтик миэстэ­лэспитэ. Оскуолатын, улууһун, өрөспүүбүлүкэтин аатын ааттаппыта. Уус Алдан, Чурапчы, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Алдан, Нерюнгри, Горнай, Хаҥалас, Нам, Дьокуускай өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирдарын кыттыылааҕа, кыайыылааҕа. Өрөспүүбүлүкэҕэ юниордарга 2-с, 3-с миэстэни ылары ситиспитэ. Улаатан эрэр уолаттарга 1-кы, 2-с миэстэлээх. Бүтүн Арассыыйатааҕы, Уһук Илиннээҕи уонна регионнааҕы күрэхтэһиилэргэ кыттан өрөспүүбүлүкэ чиэһин юниордарга көмүскээбитэ. Нерюнгри, Южно-Сахалинск куораттарга боксаҕа үтүөлээх тренер Н.Г. Размахнин аатынан ыытыллар «Юность Сахалина» турнирга чемпионнаабыта уонна итиннэ кыттыыны ыла сылдьан спорт маас­тарыгар кандидат нуорматын толорбута. Уһук Илиҥҥэ Биробиджан куоракка Уһук Илиҥҥэ бастыыр иһин күрэскэ 2-с миэс­тэлээх. Бүтүн Арассыы­йатааҕы турнирдарга «Б» кылаас кыайыылааҕа. Улахан дьоҥҥо, устудьуоннарга ХИФУ-га чемпионнуу сылдьыбыта. Биир сыл 2-с миэстэ буола сылдьыбыта.

 

Коля Мындааба спортивнай хайысхалаах орто оскуо­латын 2018 сыллааҕы выпускнига буолар. Үөрэҕэр кыһаллара, оскуола актыбыыһа этэ. Интэринээккэ бииргэ олорбут уолаттарын, «быраат, убаай» диэн ааттыыра. Куруук үөрэ-көтө сылдьара, олус дьээбэлээх буо­лара. Бииргэ үөрэммит, интэринээккэ олорбут оҕолорун кытта куруук билсэрэ-көрсөрө. Оскуоланы бүтэрэн барарыгар оскуола учууталларыгар, интэринээт үлэһиттэригэр махтал тылларын эппитэ. Аармыйаттан дойдутугар кэлээт даҕаны улааппыт интэринээтигэр бара сылдьыбыта.

Оскуолатын бүтэрэн баран, олимпиецтары бэлэм­ниир Роман Дмитриев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи орто анал үөрэххэ үөрэнэ киирбитэ. Ол сылдьан 2020 сыл алтынньытыгар ытык иэһин төлүү Хабаровскай куоракка сулууспалыы барар. Кэлэн баран быстах үлэ­лэргэ, тутууга үлэлээбитэ. Ол кэмҥэ 2022 сыл алтынньы 4 кү­нүгэр быстах хомуурга ыҥырыллан, Украинаҕа анал байыаннай дьайыыга барбыта.

 

 

Салгыы эдьиийэ бу курдук кэпсиир: «Колябыт Украинаҕа ба­йыаннай дьайыыга сылдьан, 2023 сыл муус устар 4 күнүгэр Донецкай народнай өрөспүүбүлүкэ Курдюмовка сэлиэнньэтигэр сэрии толоонугар сырдык тыына быстыбыта. Суох буолбутун туһунан соһуччу ыар сурах кэлэн куппут-сүрбүт аймаммыта. Сэрэйбит курдук, эрдэттэн «эбэм аттыгар көмөөрүҥ» диирэ, онон муус устар 21 күнүгэр дойдутун булларан, төрөөбүт буоругар, эбэтин аттыгар кистээбиппит. Коля байыаннай дьайыыга барарын истэн бары да харааста санаабыппыт. Ол эрээри, кини «кэлиэҕим, санаарҕаамаҥ, уол оҕото буоллаҕым дии» диэбитин истэн уоскуйа быһыытыйбыппыт. Быйыл оскуоланы бүтэрбиттэрин биэс сылын көрсөр былааннаахтара. Быйыл ыам ыйын 7 күнүгэр 23 сааһын туолуохтааҕа… Убайбыт, бырааппыт баара буоллар, биһиги ортобутугар хайдахтаах күлэ-үөрэ сылдьыа этэй, кини олоҕу наһаа таптыыра».

Мария Аргунова

Читайте дальше