Саха омук былыр-былыргыттан ынах сүөһүнү, сылгыны иитэн, онтон аһаан-таҥнан кэлбитэ. Олох сайдыытын тэтимигэр олорсон кэнники бырамыысыланнас эмиэ күүскэ сайдан эрэр.
Онон сорох улуустарга тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныы аҕыйаан иһэр диэххэ сөп. Уус Алдан улууһа өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатынан дарыктанар улууһунан биллэр. Онон эти-үүтү оҥорон таһаарыы – сүрүн сорукпут. Күн бүгүн улууспутугар 16 тыһ. ынах сүөһү, 14 тыһ. сылгы иитиллэн турар. Аҕыйаҕа суох сүөһү. Маннык сыыппара баар буолуутугар, биллэн турар, биир өрөбүлү билбэккэ үлэлээн сүөһү, сылгы ииттэн тыа сирин быйаҥын дэлэтэ сылдьааччыларбыт үтүөлээхтэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүн биир сүрүн сорук быһыытынан балачча үлэ барар. Биир ыанар ынах төбөтүгэр 37 тыһ. солк. бэриллэрэ да улахан көмө. Ону тэҥэ араас граннар олохтононнор, ол кыайыылаахтара балачча харчынан көмө ылаллар. Уус Алдан улууһугар оннук көмөнү ылбыттар эмиэ аҕыйаҕа суохтар.
Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета биэрбит сыыппараларынан бүгүн “Агростартап” гранын ылбыттар туһунан уопсай балаһыанньаны кэпсиим.
Ыспыраапка. Маннык бырагыраама үлэлээбитэ төрдүс сыла буолла. Ол аата уус алданнар онно 2019 сылтан кытталлар. Быйылгы 2023 сыл сэттэ ыйын көрдөрүүтүнэн, бу ааспыт сыллар усталарыгар барыта 13 киһи “Агростартап” гранын куонкуруһугар кыттаннар кыайыылааҕынан ааттаммыттар. Кинилэргэ барыта 50 мөл. 733,3 тыһ. солк. бэриллибит.
Хайысхатын ылан көрдөххө, ынах сүөһүнү уонна сылгыны үөрдээн иитиигэ үлэлэһэллэр эбит. Онон бэриллибит харчыларын хотон, сылгы баазатын тутуутугар, тиэхиньикэ, ынах, сылгы атыылаһыытыгар ороскуоттаабыттар. Кинилэртэн 6 киһи хотон туттубуттар, 1 киһи сылгы баазатын оҥостубут. Урут сопхуос саҕаттан, билигин даҕаны саамай табыгастаах тыраахтарынан “Беларус” буолар. Ол иһин 11 киһи тыраахтар ылыммыттар. Онно анаан прицеби, охсору, рулоннуур агрегаты, о.д.а тэриллэри барыта 20-ни ылбыттар. Аны сүөһүлэрин эмиэ эбиммиттэр. Ол курдук ынах сүөһүнү иитээччилэр 125 ынаҕы, сылгынан барбыттар 91 сылгыны атыыласпыттар. Ити, биллэн турар, оҥорон таһаарыы улаатарын туһугар туһаайыллар. Грант ылбыттартан 7-тэ ынах сүөһүнү, 6-та сылгыны иитиигэ хайысхаламмыттар.
Ынах, сылгы ииттэргэ оттуур сирэ суох хайдах да табыллыбаккын. Билиҥҥи туругунан, кинилэр 510,9 гаа ходуһа сирдээхтэр. Онон ынахтарын, сылгыларын кыстатар оту булунар кыахтаахтар. Быйылгы өҥ дьылга курулуур да оттонуохтарын сөп. Итини тэҥэ икки киһи сири таҥастааннар бааһына оҥостоннор, сиэмэ ыһан «зеленка» бэлэмнииллэр эбит. Онон эбии аһылыктарын эмиэ быһаарыналлар.
“Агростартап” гранын ылыы миэстэтигэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга улахан төһүүнэн буолара саарбахтаммат. Ол курдук пиэрмэр буолбуттар хаһаайыстыба тэринэллэригэр 125 ынаҕы атыыласпыт буоллахтарына, билигин сүөһүлэрин ахсаана 286 буолбут. Мантан 77-тэ ыанар ынах. Оттон сылгынан барбыттар саҥа саҕалыылларыгар 91 сылгыны атыыласпыт буоллахтарына, билигин 409 сылгылаахтар (бу быйылгы төрүөҕү киллэрэн туран). Аны үлэ миэстэтин таһаарыыга ылсаллара эмиэ кэрэхсэнэр. Кинилэр бу сыллар усталарыгар 20 киһини үлэҕэ ыланнар хамнастыыллар эбит. Онон хайа эрэ дьиэ кэргэн ийэтэ, аҕата, оҕото дуу, үлэлээх буолан, дьонун иитэ сырыттаҕа.
Ити курдук тыа хаһаайыстыбатыгар сыстыан баҕалаахтарга биир үчүгэй бырагырааманан “Агростартап” буолар. Бу сүрүннээн саҥа саҕалааччылары өйүүр бырагыраама. Онон тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга кыах, өйөбүл баар, ылсыахха эрэ наада.
Урут түргэнник ситэр салаа диэн сибиинньэ, куурусса иитиитин улуус аайы күүскэ тэнитэ сылдьыбыттара. Оннук хайысханан бу “Агростартап” бырагыраамаҕа кыттар суох эбит. Итиннэ биһиги суолбут-ииспит эрэйдээҕэ ыарахаттары үөскэтэрэ буолуо. Ол иһин сибиинньэ да, куурусса да уотурбатын аҕалыыга ночоото улатан тахсар буолуохтаах. Арай “Мүрү-Агро” тэрилтэ уотурба оҥорор собуота үлэлээн бардаҕына, сибиинньэ, куурусса да иитиитэ тэнийиэ дуу диэн эрэл санаа баар.
Дьараама саҥа хаһаайына
Бороҕон нэһилиэгин Элэһиниттэн төрүттээх Иван Попов идэтинэн үрдүк үөрэхтээх педагог. Хас да сыл үөрэх эйгэтигэр үлэлээбитэ. Ол эрээри, кэнники санаата тыа хаһаайыстыбатыгар курдаттыы таттаран, билигин хаһаайыстыба тэринэн дьонун төрүт сирдэригэр Дьараама сайылыкка ынах сүөһүнү, сылгыны тэнитэн үлэлии-хамсыы сылдьар. Сопхуос кэмигэр Элэһин учаастага “Лена” сопхуос ыччат сүөһүнү иитэр киинэ, эмис эти биэрээччи төһүү сирэ этэ. Ону тэҥэ оҕуруотунан эмиэ дьарыктаммыттара. Онон бу тыа хаһаайыстыбатын сайыннарарга анаммыт курдук сир.
Иван төрөппүттэрэ уруккуттан сүөһүгэ үлэлээбит дьон буолан хойукка диэри кэтэх хаһаайыстыбаларын тутан олорбуттара. Онтон кэлин сааһырыы кыһайыытынан аҕа киһи Михаил Михайлович солбугун быһыытынан уолун көрөн, аймах төрүт үгэһин тутан хааларыгар эппит.
Ону ылынан Иван былырыын “Агростартап” бырагыраама куонкуруһугар кыттан кыайыылааҕынан тахсан 3 мөл. солк. грант ылбыта. Онон хаһаайыстыбатын кэҥэтэн үлэ үөһүгэр сылдьар.
Билигин кураан күннэри баттаһа сүөһүлээх дьон бары ходуһаҕа күөх быйаҥы сомсо сылдьаллар. Онон кинилэри алаастан, үрэхтэн эрэ булуохха сөп. Ол да буоллар, аныгы суотабай сибээс баар буолан, Иваны ходуһаттан булан ылан, омурҕанын кэмигэр түбэһиннэрэн, кыратык үлэтин туһунан кэпсииригэр көрдөстүм:
– Мин бу дьонум көлөһүннэрин тохпут, сыраларын биэрбит хаһаайыстыбаларын, сүөһүлэрин тутан хаалаары былырыын “Агростартап” куонкуруһугар кыайаммын 3 мөл. солк. грант ыламмын үлэлии сылдьабын. Техника, ыанар ынах атыыласпытым. Билиҥҥи туругунан, 35 ынах сүөһүлээхпин, 25 сылгылаахпын. Кыстыгы туоруурбар 100 тн от наада. Быйыл от үүнүүтэ үчүгэй буолан, кыстыырбын булан олоробун. Ол да буоллар, сорох алаастарбар тиийэ иликпин. Ону барытын оттуур соруктаахпын. Үүтү 10 тн туттарарга дуогабардаспытым, толорор кыах баар.
Ити курдук Дьараама сайылыкка уруккутун курдук ынах маҕырыыр, түптэ унаарар, үлэ тигинэччи барар. Көлүөнэ солбуста, үгэс салҕанна.
Афанасий Копырин