Саҥа дьылбыт үүнэрэ баар эрэ биир хонук хаалла. “Саҥа дьылы хайдах көрсөҕүн да, оннук атаараҕын” диэн этии оруннаах. Бу кэмҥэ хайдахтаах да бэйэлээх тыйыс киһи кэрэҕэ, дьиктигэ итэҕэйэр, оҕотугар түһэр. Туох бэлиэни тутуһуохха нааданый?
- Саҥа дьылы үөрэ-көтө көрсүөхтээхпит. Сорох киһиэхэ солуута суох курдук иһиллиэн сөп эрээри, уопсайынан, олоххо туох барыта киһи ис туругунан тиксэр.
- Саҥа дьыл үүнэр сарсыардатыгар дьиэҕэ кэтэһиилээх, күндү эр киһигит киирдэҕинэ, баай-талым сыл кэлэр диэн өйдөбүл баар. Билбэт киһигит буоллаҕына, эҕэрдэлээҥ, күндүлээҥ.
- Саҥа дьыл үүнэр түгэнигэр сиэпкэ кэмпиэти угуннахха, минньигэс, астык дьыл кэлиэ.
- Маҥан таҥас, иһит-хомуос улахан уларыйыыта-тэлэрийиитэ суох уу-нуурал олоҕу тосхойуо.
- Эргэ, туттуллубат малы, таҥаһы быраҕа охсуҥ. Ону кытта ааһан эрэр сыл хомолтолоох түгэннэрэ сүтүөхтэрэ.
- Саҥа сыл үүнүөн иннинэ чүмэчилээх сылдьан, хостору, муннуктары ыраастааҥ.
- Саҥа дьыл иннинэ дьиэни-уоту сууйуллар. Малы-салы оннугар туруоран баран, биир долбууру кураанах хаалларыҥ. Онно дьол-соргу, ситиһии олохсуйуоҕа.
- Саҥа дьыл үүнэр күнүгэр кыаммат-түгэммэт дьоҥҥо көмөлөһөр олус улахан суолталаах. Дьон махтала эһиэхэ дьол, ситиһии буолан эргиллиэҕэ.
- Чаһы Саҥа дьылы биллэрэр кэмигэр кыра кумааҕыга баҕа санааны суруйан, уматан баран, иһэр утахха кута охсон, чаһы тыаһаан бүтэ илигинэ иһэн кэбистэххэ, баҕа санаа туолар диэни үгүс киһи билэр.
- Сорох дьон чаһы тыаһыыр кэмигэр ааннарын арыйаллар. Ол ааспыт сыл кыһалҕатын таһаарар, кэлэр сылга дьолу, ситиһиини киллэрэр.
- Сылгы сылын көрсөргө кини сөбүлүүр өҥүн туттар ордук. Кыһыл, көмүс, саһархай эбэтэр от күөх дьүһүннэр барсаллар.
- Сылгы — хамсааһын, сайдыы, имэҥ бэлиэтэ. Дьиэҕитигэр ат оонньууру, ат ойуулаах халандаары, оҥоһугу атыылаһан ууруҥ.
- Сылгы санаатын табан, Саҥа дьыллааҕы сандалыга элбэх оҕуруот аһын, фруктаны, оту-маһы ууруҥ.
- Үүнэр сылга ситиһиини ыҥыран, аан үрдүгэр ат боккуобатын иилиҥ.
Уйаара КУСТУК



