Оттооһун үчүгэй, бурдук хомуура саҕаланна

Ураа муостаахпыт – ынахпыт, сыспай сиэллэээхпит – сылгыбыт кыстыгын ­быһаа­рар сайыҥҥы сүрүн үлэ – оттооһун – быйыл да үчүгэй соҕус көрдөрүүлээх ­буолуох курдук. Тыа хаһаайыстыбатын управлениетыттан иһитиннэрбиттэринэн, оттоо­һуҥҥа тиэрдиллибит былаан 80 тахса бырыһыана туолбут. Бу – үчүгэй көрдөрүү. Улуус үрдүнэн оттооһун былаана –31 000 т.

Билигин оттооһуҥҥа бары кэриэтэ тиэхиньикэ күүһүн күүскэ туһанар буо­ланнар, бу хампаанньа хотуулаахтык ­ыытыллан эрдэ түмүктэнэр буолла. Үүммэтэх сирдээхтэр “көҥүл хотуур” биллэриллибитинэн хаалбыт сирдэри оттоон кыстыктарын быһаарыныахтарын сөп.

От үүнүүтүгэр саас, сайын хайдах кэлии­лэрэ улахан оруоллаах. Ол курдук халыҥ хаардаах кыһын буолла, саас уу бөҕөтө кэлэр ини диир таба сылыктааһын буолбатах. Сааскы өттө хатааһыннаах буол­лаҕына, хайдахтаах да халыҥ хаартан уу кэлбэт, “көтөн” хаалар. Былырыын күһүн ардах­таах этэ. Онон сир балачча сииктээх тоҥмута. Ол иһин төһө да хатааһыннаах саас буоллар, от үүнүүтүгэр син туһалаабыта. Ыам ыйа уонна бэс ыйа, сайыҥҥы кэминэн ыллахха, бэрт сөрүүн этилэр. Күнүһүн сылаас курдук эрээри, түүнэ олус тымныы этэ. Тоҥоруулар да бааллара. Онон сир син күөх курдук эрээри, тымныырҕатан өнүйбэккэ турбута. Итинник ыһыахха диэри этэ. Ол кэмҥэ нэһилиэктэртэн биирдии­лээн кырдьаҕастартан туоһуласпыппар: ”Орто үүнүүлээх сайын буолуоҕа, куйаардар эрэ от өрө анньыаҕа”, – диэбиттэрэ. Оннук буолла, үрэх тымныырҕатан аанньа үүммэтэ, алаастар үүнүүлэрэ сорох нэһилиэктэргэ былырыыҥҥытааҕар ордук дэһэллэр. Аны от ыйа ардахтаах буолан, үрэхтэр ууламмыттар. Онон атырдьах ыйа кураан буолбутунан, уута дьэ тардан эрдэҕэ.

Улууспутугар оттооһун туругун көрдөххө, нэһилиэктэргэ бу хампаанньа хаа­мыыта эриэ-дэхси үчүгэй эбит. Бары кэриэтэ былааннарын толоро сыһыахтарын сөп туруктаахтар. Ол курдук атыр­дьах ыйын 25 күнүнээҕи туругунан, аҕыс нэһилиэк былаанын куоһарбыт. Бастыҥ көрдөрүүлээх Түүлээх нэһилиэгэ былаанын (100 т) 140 % толорбут. Оттон II Лөгөй нэһилиэгэ (200 т) 112% толорон иһэр. Былааннарын ситэ илик нэһилиэктэр 80-90% сылдьаллар. От ыйын иккис аҥаарыттан кураан күннэр тураннар, үрэхтэр уулара тартаҕа. Ол оттонноҕуна улуус да былаана куоһарыллыан сөп эбит. Онон олус куйаас да буолбатар, үтүөкэн, быйаҥнаах сайын буолла диибит.

Быйыл улуус үрдүнэн 20 мобильнай звено тэриллэн, 1367 т оттообуттар. Ити бука сайыҥҥы халаан уутуттан эмсэҕэлээбит хотугу улуустарга барара буолуо.

Ыйыллыбыт күҥҥэ диэри улуус үрдүнэн 2607,07 т от кэбиһилиннэ. Ол аата былаан 84 % туолан иһэр. Бу нэдиэлэ да ардаҕа суох буолла. Онон өссө эбилиннэҕэ. Аны манна сиилэс, сенаж эбилиннэҕинэ сүөһү кыстыга этэҥҥэ ааһарыгар сөптөөх аһылык баар буолар. Үлэ-хамнас оннук буоларын туһугар баран истэҕэ. Күн бүгүн улууспутугар 12513 ынах сүөһү, 11900 сылгы баар. Маны энчирэппэккэ тутан хаалар буоллар. Тыа сирэ сүөһүлээх, сылгылаах эрэ буоллаҕына үүнүө-сайдыа турдаҕа. Бэйэбит сирбит быйаҥыттан эттэнэн-арыыланан олорортон ордук туох кэлиэй? Аныгы тыа сирэ да сүөһүлээх ­буоллаҕына, сарсыҥҥылаах буолуоҕа.

Бурдук үүнүүтэ быйыл да үчүгэй

Билигин от үлэтэ үмүрүйэн эрэр буол­лаҕына, бурдук хомуура үгэннээн эрэр. Биллэрин курдук улууспутугар бурдук ыһыытынан үс хаһаайыстыба дьарыктаналлар: “Биэттэ АГРО” ХЭТ, “ИП Илларио­нов Д.В.” хаһаайыстыба, “Саһылыкаан” ТХПК. Улуус кылаабынай агронома Прокопий Белолюбскай иһитиннэрбитинэн, биэттэлэр атырдьах ыйын 11 күнүттэн уонна саһылыкааннар атырдьах ыйын 20 күнүттэн сиппит бурдуктаах баа­һынаны көрө сылдьан быһыыны саҕалаабыттар. Ол курдук атырдьах ыйын 25 күнүнээҕи туругунан, улуус үрдүнэн 449 гаа бааһынаттан сэлиэ­һинэйи уонна эбиэһи хомуйбуттар Араарар буоллахха, 207 гаат­тан сэлиэһинэй, 242 гааттан эбиэс хомуллубут. Үүнүү куһаҕана суох. “Биэттэ-АГРО” 623 гаа ыһыы иэннээҕин аҥаарын, 365 гааны хомуйан 1 гааттан ортотунан 16 ц бурдугу хомуйан иһэр. Бу – үчүгэй көрдөрүү. Оттон “Саһылыкаан” ТХПК 56 гааттан сэлиэһинэйи, 1 гааттан ортотунан 10 ц хомуйан иһэр. Онон ааспыт сыллааҕар көрдөрүүтэ үчүгэй. Бу хаһаа­йыстыба 38 гаа­лаах бааһынаны сүөһү аһылыгар көһөрөн сенаж бэлэмнээһинин саҕалаабыт. Билиҥҥи туругунан, 100 т бэлэмнэммит.

Дмитрий Илларионов хомуур үлэтигэр киирэн сэлиэһинэйи хомуйууну саҕалаа­та. Онон бурдук хомуура улуус үрдүнэн саҕаланан, күн-дьыл туран биэрдэҕинэ, уонча хонугунан бүтэр чинчилээх. Прокопий Алексеевич хомуур этэҥҥэ түмүктэннэҕинэ, 1500-1700 т бурдук хомуллара сабаҕаланар диэн эрэл санаалаах. Кини быйыл бурдук үүнүүтүгэр олус табыгас­таах сайын буолбутун бэлиэтиир. Ол курдук саас эрдэлээн, бааһыналар эрдэ куураннар, ыһыы үлэтэ ыам ыйын 11 күнүттэн саҕаламмыт. Аны бааһына сиигин иҥэринэн, бурдук үчүгэйдик тахсан иһиитигэр ардах эмиэ кэмигэр түһэн, билигин бурдук биир нэдиэлэ эрдэлээн ситэн эрэр эбит. Ити барыта эрдэттэн былааннаах үлэни тэри­йии түмүгэ буоллаҕа.

Хортуоппуй уонна оҕуруот аһын үүнүүтэ эмиэ үчүгэй эбит. Сабаҕалааһын быһыытынан 1800-1900 т хортуоппуй, 800 т оҕуруот аһа хомуллуо диэн этэллэр.

Өҥ дьыллар кэрдиистэрэ кэллэ дуу?

Иккис сылын оттооһун былаана туолар чинчилээх. Иллэрээ сыл күһүн хойукка диэри ардаан үрэхтэр сэтинньи ортотугар диэри сүүрдүбүттэрэ. Ол сири-дойдуну үчүгэйдик угуттаан от бөҕөтө үүммүтэ. Былырыын күһүн даҕаны ардахтаах этэ, сир нүөл тоҥмута. Саас төһө да хатааһыннаах буоллар, нүөл сир халлаан арыый сылыйаатын кытары күөҕүнэн өрө анньыбыта. Ол эрээри, түүнүн тымныы, бэс ыйын ортотугар уонна от ыйын саҥатыгар тоҥорон кутталы үөскэтэ сылдьыбыта. Хотуттан наар тымныы тыал үрэн, от үүнүүтэ тохтоон хаал­быта. Онтон от ыйын ортотун диэкиттэн куйааран уонна ардаан биэрэн ходуһа өлгөм үүнүүлэннэ. Ол да буоллар, хойукка диэри тымныы уонна тоҥоруу дьайыытыттан үрэх сиргэ ходуһалаахтар оттон мэлийдибит диэччилэр эмиэ бааллар эбит.

От ыйа ардахтаах буолан, ардах­таах сайын буолууһу, сүгүн оттотуо да суох дуу диэн сэрэхэдийии баара. Ол эрээри, ыйтан ордук ардах түспэккэ, кууруу-хатыы буолан эрэр. Аны балаҕан ыйыгар ардыырын кэтэһэбит. Норуот билгэһитэ Тускул да, дьылдьыт Андрей Варламов да сылык­тааһыннарын биллэрэ иликтэр. Оттон интернет балаҕан ыйдааҕы билгэтин көрдөххө, ый саҥатыгар эрэ ардах баар. Оччотугар эһиил курааны кэрэһэ­лиир курдук. Ити эрээри, ону айылҕа бэйэтэ билэн турдаҕа, хайдах дьылы тосхойорун. Билигин дьон-сэргэ Тускул билгэтин ордук ылынар буолан эрэллэр. Кини элбэх сыллаах кэтээн көрүүлэринэн өҥ дьыллар кэрдиистэрэ кэллэ диэн этэр. Кэнники сылларга күһүммүт наһаа уһуур буолла. Дьыл баччатыгар диэри хатыҥ сэбирдэҕэ даҕаны ситэ саһара илик. Оннук уһаан истэҕинэ, ардаҕы даҕаны аҕалыа дии саныыбын. Сайыммыт быйаҥын күһүн хомуйабыт, күлэбит, үөрэбит-көтөбүт.

Афанасий Копырин