Улуус баһылыга Василий Алексеев бүгүн Өнөр нэһилиэгэр тиийэн сыллааҕы үлэни отчуоттаата.
Бу нэһилиэккэ кэккэ уонча сыл устатыгар саҥа оскуола тутуутун туруорсаллар. Өнөрдөр 2014 сылтан ыла оскуолата суох олороллор. Биир көлүөнэ оскуола диэни билбэккэ олох киэҥ аартыгар үктэннэ. Онон бүгүн даҕаны ону туруорустулар. Бу кыһалҕаны туоратыыга кыым саҕалыах курдук диэтилэр. Бары бэлэмнэнии докумуоннара бүтэннэр, оскуола тутуутун федеральнай бырагыраамаҕа киллэрэргэ үлэ бара сылдьарын туһунан иһитиннэрдилэр.
Оскуола тутуута саҕаланнар эрэ аны квартальнай хочуолунай тутуллуох курдук буолбут. Ол докумуона эмиэ бэлэмнэммит. Онон олохтор үөрүүлээх кэмнэри долгуйа кэтэһэллэр.
Өнөргө кэккэ сылларга сүөһү ахсаана көҕүрээбэккэ турар эбит. Ол эрээри, арыы сыаҕар үлэһиттэрэ суох буолан, ааспыт сылга биир эрэ хаһаайыстыба үүт туттарбыт. Онон ити боппуруос быһаарылларын туруорустулар.
Маны тэҥэ эдэр исписэлиистэргэ олорор дьиэни, үрэҕи туоруур муоста тутуутун туруорустулар.
Онон оскуола тутуута быһаарылыннар эрэ Өнөр нэһилиэгин сайдыыта тэтимириэ, олоҕо-дьаһаҕа тупсуо этэ.
Афанасий Сектяев










