Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн, “Земский учитель” бырагыраама киирэн үлэлээбитэ 4-с сылыгар барда. Бу бырагыраама учууталы тыа сиригэр тардар сыаллаах үлэлиир. Бырагыраама балаһыанньатынан тыа сиригэр үлэлии кэлбит учуутал биэс сыл үлэлиэхтээх, оччоҕо киниэхэ 2 мөл. солк. харчы төлөнөр. Ордук кытыы нэһилиэктэргэ учуутал тиийбэт кыһалҕата – баар суол. Онуоха бу бырагыраама абырыыр. Биһиги улууспутугар маннык бырагырааманан үс учуутал кэлэн үлэлии сылдьар. Кинилэри кытта билсэн, санааларын истиэх.
Наталья Киренская, Түүлээх орто оскуолатын математика учуутала:
– Томпо улууһун Хаандыга бөһүөлэгиттэн төрүттээхпин, Тополинай нэһилиэгэр үөрэммитим. Эбэм – алын сүһүөх кылаастар, ийэм математика уонна физика учууталынан үлэлээбиттэрэ. Онон учууталлар династиялара буолабын. СГПА-ҕа, математика уонна информатика идэтигэр үөрэммитим. Манна кэлиэхпэр диэри тоҕус сыл Горнай-геологическай техникумҥа математика преподавателынан үлэлээбитим. Кэргэннээхпин түөрт оҕолоохпун.
«Земский учитель» бырагыраама туһунан 2021 сыллаахха билбитим, 2022 сыллаахха кыттарга санаммытым. Техникумҥа тоҕус сылы быһа үлэлээн, кэнникинэн «умулла» быһыытыйбыт курдугум. Үлэбин уларытар кэм кэлбит диэн быһаарыммытым. Куонкуруска кыттыыбын кэргэним Николай өйөөбүтэ. «Баҕар биир эмэ оҕо дьылҕатыгар көмөлөһүөҥ», – диэн эппитэ.
Тута Түүлээх орто оскуолатын талбытым. Тоҕо диэтэххэ, кэргэним Суотту нэһилиэгиттэн төрүттээх. Онон сыл аайы сайыҥҥы уоппускабыт кэмигэр дьиэ кэргэнинэн аҕабыт төрөөбүт дойдутугар тахсааччыбыт. Онон Уус Алдан улууһа миэхэ чугас.
Куонкурсу ааһан 2022 сыллаахха атырдьах ыйын 30 күнүгэр Түүлээх орто оскуолатыгар үлэлии кэлбитим. Нэһилиэк дьаһалтата түөрт кыбартыыралаах дьиэҕэ олохтообута. Олорор, үлэлиир усулуобуйам үчүгэй. Биллэн турар, бу нэһилиэккэ сылы эргиччи суол суоҕа уустуктардаах. Манна үлэлиирбин олус сөбүлээтим. Оскуола кэлэктиибэ олус үчүгэйдик көрсүбүтэ. Кылаайы нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ олус истиҥ сыһыаннаахтар. Онон үлэбэр ыарахаттары көрсүбэтим, үөрэ-көтө үлэлиибин. Ол эрээри, дуогабарым бүттэҕинэ, салгыы хаалбатым буолуо. Ол сыл улахан кыыһым бу оскуоланы бүтэрэр.
“Земский учитель” бырагыраама тыа сиригэр, учууталларга көдьүүстээх бырагыраама диэн сыаналыыбын. «Бу бырагыраамаҕа туох уларытыыны киллэриэххин баҕараҕын?» диэн ыйытыыга «учууталларга саҥа сиргэ көһөллөрүгэр ороскуота төлөнөрө буоллар» диэм этэ. Бу бырагырааманан 2022 сыллаахха үлэлии барбыт учууталлары кытта сибээһи тутабыт, кэпсэтэбит. Көһөн кэлиибитигэр бары үп-харчы өттүнэн ыктаран ыарахаттары көрсүбүппүт. Атын эрэгийиэнтэн кытта үлэлии кэлээччилэр бааллар, олор ороскуоттарын санаан көрдөххө, өссө уустук буоллаҕа.
Александр Федоров, Танда орто оскуолатын физика уонна информатика учуутала:
– Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕиттэн сылдьабын, манна үлэлии кэлиэм иннинэ Бэрдьигэстээх улуустааҕы гимназиятыгар үлэлии сылдьыбытым. «Земский учитель» бырагырааманы саас 2020 сыллаахха истэн баран, кыттан көрөргө санаммытым. Куонкуруска киирсэрбэр хоту улууска эмиэ ыҥырбыттара, онуоха киин сири Уус Алданы талбытым. Онон 2020 сыллаахха Танда орто оскуолатыгар үлэбин саҕалаабытым, олорор усулуобуйанан хааччыллыы үчүгэй.
Оскуолам кэлэктиибэ үөрэ-көтө көрсүбүтэ, үлэ этэҥҥэ баран иһэр. Үлэм болдьоҕо бүттэҕинэ, салгыы үлэлии хаалбатым буолуо. Дьокуускай куоракка олохсуйар былааннаахпын. «Земский учитель» бырагыраама олус туһалаах дии саныыбын. Тыа сиригэр билигин кадр боппуроһа күүскэ турар дии, онон өссө уһаталлара буоллар диэн баҕарабын.
Айна Васильевна Слепцова, Суотту орто оскуолатын математика учуутала:
– Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Төҥүлүгэ төрөөбүтүм, онно оскуолабын бүтэрэн ХИФУ математика уонна информатика институтугар киирэн үөрэммитим (бакалавриат, магистратура). Хаҥалас улууһугар идэбинэн үлэбин саҕалаабытым. Ол кэннэ куорат сахалыы иитэн-үөрэтэн таһаарар «Айыы кыһата» национальнай гимназияҕа үлэлээбитим. Бу кыһаҕа үлэлии сылдьан «Земский учитель» бырагыраама куонкуруһугар кыттан, билигин Суотту орто оскуолатыгар үлэлии сылдьабын.
«Земский учитель» бырагыраамаҕа, хайдах баарынан кистээбэккэ эттэххэ, эбии көмө диэн, бэйэ дьиэлэнэр баҕа санааттан кыттыбытым. Республикабыт киин куоратыттан чугас диэн Суотту оскуолатын талбытым. Куонкуруһу иккис сырыыбар ааһан, 2023 сылга үлэлии кэлбитим. Толору хааччыллыылаах дьиэҕэ олоробун. Баай уопуттаах, методика өттүнэн күүстээх кэлэктиипкэ киирэн үлэлии сылдьабын. Сөбүлээтим. Салгыы үлэлии хааларбын-хаалбаппын бириэмэ көрдөрөн иһиэҕэ дии саныыбын.
Мария Аргунова