Юки уонна Айси – Базаровтар дьиэ кэргэннэрин чилиэннэрэ

Самоед боруодалаах Юки, австралийскай овчарка (аусси) Айси олус доҕордуулар. Кинилэри Майаҕас бөһүөлэгин олохтоохторо Базаровтар дьиэ кэргэн оҕо курдук бүөбэйдээн, күндүлээн иитэллэр. Ыты сөптөөхтүк иитэр, аһатар, дьарыктыыр буоллахха эрэ киһи доҕорунан билиниллэр, бэриниилээх, көмөлөөх уонна тулалыыр эйгэҕэ кутталы үөскэппэт буола сайдыахтаах. Оннук санааны бигэтик тутуһан Алита ийэтинээн Таисия Васильевналыын күннэтэ ыттарын көрөр-истэр, дьарыктыыр түбүктээхтэр.

Юки уонна Айси курдук ыттар өрөспүүбүлүкэҕэ да аҕыйахтар. Маннык боруодалары бэрээдэккэ такайыы судургу (дрессировкаҕа), бэриниилээхтэр, астара-үөллэрэ кыра, дьиэҕэ бэртээхэй доҕоттор диэн, о.д.а. бары үчүгэй хаачыстыбаларын учуоттаан ылбыттара.

Ыттарын кытта сүрүннээн Алита бодьуустаһар. Кини Майаҕас орто оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ. Кинолог буолар баҕалаах кыыс билиҥҥиттэн ыкка сөптөөхтүк сыһыаннаһарга, иитии ымпыгын-чымпыгын баһылыырга дьарыктанар, үөрэнэр. Ол туһунан бу курдук билиһиннэрдэ:

– Боруода ыты иитии ыарахаттардааҕын билэр этибит. Биллэн турар, үгүс бириэмэ, үп-харчы барар. Онно бэлэммит, тулуйуохпут диэн толкуйданан, анаан-минээн ылбыппыт. Ыттарбар араас хамаанданы үөрэтэбин уонна ону истэллэрин ситиһэ сатыыбын. Ардыгар ол ыарахаттардаах эрээри санаабытын түһэрбэппит. Юки – истигэн, холку, ол быыһыгар туспа сигилилээх. Сорудахтаатахха – толороро бытаан, бэйэтэ баҕарбытынан оҥоруон сөп. Айси мэник-тэник, түргэн-тарҕан, туох эмит буоларыгар бэлэм сылдьардыы куруутун кэтиир-маныыр, барытын иилэ хабан ылар, толоро сатыыр, онтон бэйэтэ үөрэр курдук. Ол иһин икки тус-туһунан майгылаах-сигилилээх ыты иитэргэ ыарахаттардаах. Атын-атын сыһыаны ирдииллэр.

Ыттарбытын кытта нэдиэлэҕэ үстэ хайаан да күүлэйдии сатыыбыт. Дьон суох сиригэр босхо ыытабыт. Киэҥ хонууга тиийэн дьарыктыыбыт. Оттон бөһүөлэк иһигэр поводоктаах сылдьан күүлэйдэтэбит. Киһиэхэ, массыынаҕа кыһаммат буолалларын курдук үөрэтэбит.

Астарын анаан маҕаһыынтан атыылаһабыт уонна күн аайы биир кэмҥэ аһыылларын тутуһабыт. Бу боруодалар кыраны аһыылларынан биллэллэр. Кыра эрдэхтэринэ күҥҥэ иккитэ, оттон билигин киэһэ биирдэ аһатабыт. Онно ыт организма үөрүйэх.

Сэбэрэлэрин көрөргө-харайарга ийэбинээн көмөлүүбүт. Сууйабыт-тарыыбыт, уһаабыт түүлэрин, тыҥырахтарын кырыйабыт, о.д.а. элбэх. Ханнык баҕарар дьиэ кыылын көрүөм-истиэм диэн ылаҕын. Онон улахан болҕомтону ууруохтааххын, эппиэтинэһи сүгүөхтээххин. Ол курдук ыттарбытын кытта дьарыктанарбытыгар иллэҥ кэммитин барытын аныыбыт.

Базаровтар Айси диэн ыттарын ыты иитээччилэр өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциациялара тэрийэн ыытар анал быыстапкаларыгар кытыннараллар. Айси боруодатын, сыаналаах ыраас хааннааҕын бигэргэтэр докумуоннаах. Уссурийскайдааҕы питомниктан сакаастанан кэлбит быыстапка ыта. Маннык тэрээһиннэргэ сылдьан араас регионнартан кэлбит судьуйалар сыанабылларынан “САС юниора”, “Кылааһыгар кыайыылаах”, “Бастыҥ юниор”, “РК эдэр чемпиона” ааттары ылбыта.

Маннык боруодалаах ыттар өрөспүбүлүкэҕэ төрдүөлэр эрэ уонна кини соҕотох тыһы. Онон икки сааһын аастаҕына төрүөхтээх. Айси дьүһүнэ эмиэ эриэккэс – «голубой мрамор с подпалом». Генетикатынан хараҕын дьүһүнэ эмиэ ураты (гетерохромия).

Бу курдук олус сыаналаах уонна аҕыйах ахсааннаах боруода ыттары үксэтэр дьон үгүс күчүмэҕэйдэри көрсөннөр, кыыл иннин ылаллар, бэртээхэй доҕор оҥостоллор.

Ольга Шепелева

Читайте дальше