Суотту нэһилиэгин «Туйма» астыыр-үөллүүр тэрилтэтин үлэһиттэрэ күөх сайын быйаҥыттан сомсон, нэһилиэнньэттэн үүт тутан астыыр үлэлэрин үгэнэ буола турар. «Туйма» астыыр-үөллүүр салаа (сал. Владислав Мухин) үүт сыаҕын таһынан, туспа турар бойнялаах, эт сыаҕа уонна бородууксуйатын атыылыыр маҕаһыыннаах.

«Туйма» сүөгэйин, иэдьэгэ­йин, суоратын туох да эбилигэ суох натуральнай амтан­нааҕын иһин атыылаһааччылар биири да ордорбокко хамаҕатык атыылаһан, сандалы остуолларын сибиэһэй үрүҥ аһынан хааччыналлар. Сайылыктан үүт таһар уонна уу таһар массыыналар хааччаҕа суох сылдьан көмө-тирэх буо­лаллар. Үүт таһар массыына суоп­парынан эдэр үлэһит Семен Тарскай, уу таһар массыынаҕа Рустам Шадрин эрэллээхтик сүүрэн, үлэни-хамнаһы түргэтэтэллэр.

Быйыл үлэлиир сыахтарын кыһыҥҥы кэмҥэ ититэргэ газгольдер туруоран, сылаастык, киэҥник-куоҥнук кыстаан, үлэлэрин тэтими күүһүрдэр кыахха киириэхтэрэ. Быйыл саамай элбэх үүтү 17 ынахтаах Варламовтар улахан дьиэ кэргэн 15 туоннаны туттарарга дуогабардаһан, күүстээх үлэҕэ туруна сылдьаллар. Сыахха аҕалыллыбыт үүтү маастар Егор Ушницкай уонна технолог Сардана Семенова үүт, сүөгэй, 25 бырыһыаннаах чөчөгөй, суорат, амтаннаах арыы, иэдьэгэй, кефир, быыппах оҥорон Бороҕонунан, Дьокуускайынан атыыга таһаараллар. Сибиэһэй үүтү нэһилиэк 13 ыала, оскуола хаһаайыстыбата уонна нэһи­лиэк бааһынай хаһаа­йыстыбалара, «Лена» ТХПК сайылыга (сал. Мирослав Черкашин) туттараллар. Быйыл сыахха биир киилэ үүтү 70 солкуоба­йынан быһан туталлар эбит.

Онон тыа сирин үрүҥ илгэни дэлэтээччилэрин дохуоттанар сайыннара салҕанар.

Светлана СИВЦЕВА