Ахсынньы 2 күнүгэр Хоноҕордооҕу “Түһүлгэ” сынньалаҥ киинигэр Бүтүн Сойуустааҕы ырыа куонкурсун лауреата, “Түһүлгэ” СК, “Илгэ” фольклорнай, “Чугдаар” уолаттар ансаамбылларын уус-уран салайааччыта, бастакы категориялаах учуутал, үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын туйгуна, үйэҕэ дэҥҥэ көстөн ааһар кэрэ куоластаах нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ киэн туттар ырыаһыта Мария Иннокентьевна Степанова төрөөбүтэ 70 сылыгар аналлаах кини сырдык аатын, айымньылаах үлэтин үйэтитэр “Ырыа уйан кутугар уйдаран…” улуустааҕы ырыа ансаамбылларын икки ардыларыгар аһаҕас көрүү-күрэх, ахтыы киэһэтэ олус тэрээһиннээхтик буолан ааста. Бу үтүө тэрээһини олохтоох дьаһалта, «Түһүлгэ» с/к коллектива, Мария Степанова оҕолоро үрдүк таһымҥа тэрийдилэр.
Тэрээһини Суотту нэһилиэгин баһылыга В.И. Иванов, сынньалаҥ киин салайааччыта Е.Н. Гоголева, Мария Иннокентьевна уола Илья Степанов эҕэрдэ тылларын этэн үөрүүлээхтик саҕалаатылар, кэлбит ыалдьыттары саха сиэринэн алгыстаах алаадьынан күндүлээтилэр, оһуохай түһүлгэтэ тэрилиннэ. Хоноҕор олохтоох библиотекара И.А. Осипова туруорбут «Ырыа уйан кутугар уйдаран…» кинигэ, хаартыска быыстапката дьон болҕомтотун тарта.
Кулууп сырдык сыанатыгар ырыа күрэҕэ саҕаланна. Бииртэн биир чаҕылхай кыттааччы ырыа түһүлгэтин тэрийдилэр. Күрэҕи “Түһүлгэ” СК уус-уран салайааччыта В.С. Бубякина иилээн-саҕалаан ыытта. Ырыа күрэҕэр Мүрү, Суотту нэһилиэктэриттэн, Бороҕон нэһилиэгин Тумул, Арыы-Тиит бөһүөлэктэриттэн барыта 8 ансаамбыл кыттыыны ылла. Күрэххэ кыттар ансаамбыллар толорууларын дьүүллүүр сүбэ — бэрэссэдээтэл СӨ култууратын үтүүлээх үлэһитэ, “Хотугу сулус” оҕо теле-радио академиятын генеральнай дириэктэрэ, улуус Бочуоттаах олохтооҕо Татьяна Афанасьевна Гоголева, биллиилээх педагог, хормейстер Евдокия Семеновна Карманова, Мария Иннокентьевна кыыһа, Дьокуускайдааҕы культура уонна искусство колледжын преподавателэ Евгения Егоровна Степанова сөптөөхтүк сыаналаатылар.
“Умнуллубат сулус буолан…” ахтыы түһүмэҕи Суотту олохтоох модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ Р.Н. Черкашина истиҥник ыытта. Мария Степанова туһунан үтүөкэн ахтыыны, РФ, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, «Кэнчээри» оҕо образцовай ансаамбылын, Уус-Алдан улууһун мелодистарын түмсүүтүн төрүттээччи уонна салайааччы Василий Степанович Парников оҥордо. Мария Степанова, оччолорго эдэркээн 20-х эрэ кыыс, Найахы хуорун састаабыгар (хормейстер С.Г. Васильев) киирсэн Улуу Москва куоракка Кремльгэ Съезтэр Дыбарыастарыгар ылласпытын, хор улахан ситиһиилэнэн, лауреат үрдүк аатын ылбытын туһунан үөрэн-көтөн, истиҥник аҕынна.
Мария Иннокентьевна бииргэ төрөөбүт эдьиийэ СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «СӨ учууталлар учууталлара» бэлиэлэрдээх Дьөккөн уонна 2-Күүлэт нэһилиэктэрин, Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо Евдокия Егоровна Кылабысова куйаар ситиминэн ыыппыт махтал, эҕэрдэ тылларын Раиса Николаевна ааҕан иһитиннэрдэ. Евдокия Егоровна кыыһа Мэҥэ-Хаҥалас улууһун 1 №-дээх Майа орто оскуолатын учуутала, СӨ үөрэхтээһинин туйгуна Надежда Гаврильевна Черкашина эдьиийин Мария туһунан олус истиҥ ахтыыны оҥордо. Маны тэҥэ Мария Степанова олорон ааспыт үтүө олоҕун, үлэтин кинини кытта бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьоно, дьүөгэлэрэ учуутал, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Фекла Константиновна Слепцова, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, Ытык киһибит, ансаамбыл кэрэ куоластаах ырыаһыта Мария Дмитрьевна Федорова, “Илгэ” фольклорнай ансаамбыл ырыаһыттара ис сүрэхтэн истиҥник аҕыннылар. Ансаамбылга өр сылларга уус-уран салайааччынан айымньылаахтык үлэлээбит Мария Степанова оҕолоругар салайааччы А.М. Максимова уонна ансаамбылга бииргэ ылласпыт, бииргэ үлэлээбит дьүөгэтэ Ф.Н. Ширяева бэйэтин дьиэ кэргэнин аатыттан ахтан-санаан туран сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.
Ырыа күрэҕин түмүгүн дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Т.А. Гоголева билиһиннэрдэ. Ол курдук күрэх түмүгүнэн Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатын учууталларын «Далбар Хотун» ансаамбыла (сал. Василий Парников) Гран-При хаһаайыннарынан буолуохтарын буоллулар. 1-кы истиэпэннээх лауреат үрдүк аатын Тумул б. “Туйма” эр дьон вокальнай ансаамбыла (сал. Альберт Васильев) ылла. Суотту “Көмүөл” эр дьон ырыа ансаамбыла (сал. Александр Бурнашев) 2-с истиэпэннээх лауреат, Уус-Алданнааҕы техникум коллективын “Сыдьаай” кэрэ аҥаардар ансаамбыла (сал. Лена Заровняева) 3-с истиэпэннээх лауреат, Суотту “Мичээр” кэрэ аҥаардар ансаамбыллара (сал. Елизавета Портнягина) 1-кы истиэпэннээх дипломант, Тумул “Дьүөгэлиилэр” ансаамбыл (сал. Альберт Васильев) 2-с истиэпэннээх дипломант уонна Арыы-Тиит “Кытыл” кэрэ аҥардар ансаамбыллара (сал. Лена Заровняева) 3-с истиэпэннэээх дипломант үрдүк ааттарын ситистилэр.
Ансаамбылларга олохтоох дьаһалта, нэһилиэк депутаттара, Мария Иннокентьевна оҕолоро, бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрэ, Хоноҕор оскуолатын выпускниктара, о.д.а. олохтообут бириистэрэ туттарылыннылар. Уус-Алданнааҕы техникум устудьуоннара ансаамбыл тэринэн, “Кэскил” диэн ааттанан (сал. Лена Заровняева) ситиһиилээхтик кытыннылар, кинилэргэ “Доҕордоһуу” ӨГИА түмэлин коллектива уонна “Илгэ” ансаамбылы төрүттэспит В.А. Абрамова кыыһа В.М. Татаринова анал бириистэрин туттардылар. “Илгэ” ансаамбыл анал бирииһин “Көмүөл” ансаамбыл ылла. Илья Степанов оҕолор ааттарыттан Е.Н. Гоголеваҕа махтал сурук, В.С. Парниковка анал бириис, итиэннэ Мария Степанова толорбут ырыаларын устууларын үйэтитэн тэрийээччилэргэ, ыалдьыттарга үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Василий Степанович “Түһүлгэ” СК коллективыгар махтанан туран Уус-Алдан мелодистарын ырыаларын хомуйан таһаарбыт ырыанньыгын бэлэх уунна.
Ылбаҕай ырыа киэһэтэ “Мин ырыа кэһиилээх…” кэнсиэринэн түмүктэннэ. Кэнсиэри И.А. Осипова ыытта. Киэн туттар биир дойдулаахпыт С.С. Васильев-Борогонскай тылларыгар, Г. Григорян мелодиятыгар “Дьон норуот сааскыта” ырыанан хор ньиргиэрдээхтик кэнсиэри аста (хормейстер Елизавета Портнягина). Ансаамбыллар көрөөччү дохсун ытыһын тыаһынан өссө төгүл ырыаларын бэлэхтээтилэр, Мария Иннокентьевна салайбыт “Илгэ” ф/а, нэһилиэк талааннаах ырыаһыттара, сыана ветереннара Мария Федорова, Алексей Охлопков, Зоя Заровняева, Илья Степанов, Хоноҕор сүрүн оскуолатын үөрэнээччилэрэ кыттан, Альберт Васильев, Ариан Васильев байааҥҥа доҕуһуоллаан ырыа киэһэтин киэргэттилэр.
Бу кэрэ киэһэни тэрийэн ыыппыт, көхтөөхтүк кыттыбыт нэһилиэкпит дьонугар-сэргэтигэр, улууспут ырыа ансаамбылларыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Маннык ис хоһооннох истиҥ тэрээһиннэр инникитин өссө кэҥээн, сайдан ыытылла турдуннар.
Фаина Ширяева, Ирина Осипова