Бу күннэргэ улуус бэтэринээрдэрэ сааскы профилактическай үлэни ыыта сылдьаллар. Ол курдук ынах сүөһүттэн маассабай хаан ылыыта сүрүннээн түмүктэнэн эрэр. Бу хаан бруцеллез, лейкоз, паратуберкулез курдук ыарыыларга улуустааҕы бэтэринээринэй чинчийэр лабораторияҕа көрүллэллэр.
Ынах сүөһүнү барытын туберкулез ыарыыга аллергическай ньыманан бэрэбиэркэ, сибирскай язва, эмфизематознай карбункул, лептоспироз утары быһыылар оҥоһуллаллар. Аны былаанынан көрөн сылгылартан эмиэ хаан ылыллан лептоспироз ыарыыга Дьокуускайга республикатааҕы бэтэринээринэй чинчийэр лабораторияҕа ыытыллан бэрэбиэркэлэнэр.
Ыттарга уонна куоскаларга ииримтийэр ыарыы утары, эдэр ыттарга чума ыарыы утары быһыы эмиэ оҥоһуллар. Ордук кутталлаах (особо опасные) ыарыылар, а.э. бешенство, сибирскай язва, лептоспироз утары быһыылар өҥөлөрө төлөбүрэ суохтар. Бу үлэлэри сэргэ дьиэ кыылларын уопсай туруктарын көрүү, витаминизациялар, саҥа төрөөбүт ньирэйдэри биркалааһын, аҕылыыр ыарыы утары профилактическай быһыылар эмиэ оҥоһуллаллар.
Дьиэ кыылларын лиистик ыарыыларга чинчийии ыытыллар, ордук чуолаан болҕомто ыттар ыарыыларыгар ууруллар. Ыттар лиистиктэриттэн саамай кутталлаахтара эхинококкоз буолар. Хас биирдии ыттаах хаһаайын бэйэтин уонна чугас дьонун доруобуйаларын харыстыыр сыалтан ыттарын сааҕын сылга биирдэ, өссө булчут ыттары квартал аайы чинчиттэрэрэ наадалаах.
Саргылана Бурнашева, бэтэринээр быраас, Бээрийэ