Билиҥҥи кэмҥэ оҕону иитиигэ, ордук уол оҕону иитиигэ, олоххо бэлэмнээх оҥорон таһаарыыга оскуолаҕа үлэ уруогун предметэ улахан оруоллаах. Бу хайысхаҕа улууска биир ситиһиилээхтик үлэлии олорор Лөгөй орто оскуолата буолар. Манна үлэ уруогун эдэр кэскиллээх учуутал Иннокентий Семенович Данилов үөрэтэр. Айымньылаах учуутал үгүс оҕону бэйэтин тула тардан, улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи, Арассыыйатааҕы куонкурустарга, кэмпириэнсийэлэргэ өрүү ситиһиилээхтик кытталлар.
Иннокентий Семенович Намнааҕы педагогическай колледжка технология учууталын идэтин баһылаат, 2005 сыллаахха үөрэммит оскуолатыгар эргиллэн кэлэн үлэлээн-хамсаан саҕалаабыта. Үлэлии сылдьан Дьокуускайдааҕы пединститут предпринимательство уонна технология учууталын идэтин кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэр. Билигин Иннокентий Семенович үлэ уруогун таһынан үөрэх кэннинээҕи эбии үлэни тэрээһиннээхтик, систиэмэлээхтик ыытар. Ол да иһин оҕолор алын сүһүөх кылаастан дьарыктанан, улахан кылааска киириилэригэр номнуо бастакы наабыктарын, сатабылларын иҥэринэн тахсаллар.
Лөгөй орто оскуолатыгар анал мастерской кылааһа баар. Онон оҕолор дьарыктарыгар бастакы тирэх баазалаахтар.
— Билигин сайдыы биир сиргэ турбат, улахан хардыынан иннин диэки бара турар. Бастаан Арассыыйа таһымнаах куонкуруска кыттан үһүс миэстэ буолбуппутугар үбүлээһин көрүллүбүтэ. Онон ылтаһыны токурутар саҥа станок, илиинэн уһанар тэриллэрбитин саҥардан ылыммыппыт, — диэн Иннокентий Данилов үлэ хаамыытын билиһиннэрэн саҕалыыр. – Билигин лазернай, быһар араас станоктары, аныгы оборудованиелары ылан мастерскойбутун саҥардыахпытын, туттарга үөрэнэн иһиэхпитин баҕарабыт. Бэйэм үлэбэр уруокка бэриллэр программаны таһынан, куруһуоктарга төрүт үгэстэрбитин: быһаҕы оҥорууттан саҕалаан, маһы уһаныыга, сахалыы оһуордары быһыыга тиийэ үөрэтэ сатыыбын. Оҕолор алын кылаастан саҕалаан дьарыктанан, улаатыыларыгар номнуо сатабыллаах, дьиэ, хаһаайыстыба үлэтигэр кыраны бэйэлэрэ оҥорор буолан тахсаллар. Үлэбит түмүгүнэн араас куонкурустарга кыттабыт: 2012 с. «Радуга Севера» өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапкаҕа Ариан Прядезников, Толя, Артем Бочкаревтар, Гриша Новгородов, Женя Кычкин үлэлэрэ гран-при буолбуттара. Предметнэй олимпиадаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ 2018 с. Женя Кычкин I м., 2021 с. Максим Кычкин II м., 2023 с. Антон Тищенко I миэстэ буоллулар.
“Инникигэ хардыы” конференцияҕа 2020 с. Ваня Стручков Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн, Сочи куоракка бүтүн Арассыыйатааҕы «Большие вызовы» конференцияҕа призер, 2021 с. Максим Кычкин, Арсен Эверстов эрэгийиэннээҕи конференцияҕа 3 степеннээх дипломаннар, Антон Тищенко Бүтүн Арассыыйатааҕы “Молодежь. Наука. Бизнес” быыстапкаҕа 1 степеннээх дипломант буолбуттара.
2017 с. “World Skills” иһинэн ыытыллыбыт «Junior skills-2018» күрэххэ “Тимиргэ кровельнай үлэ” компетенцияҕа Кирилл Никифоров өрөспүүбүлүкэтээҕи этээпкэ 2 миэстэ, 2019 с. “Уһанар дьыала” компетенциятыгар Максим Кычкин өрөспүүбүлүкэҕэ 5 миэстэ, “Тимиргэ кровельнай үлэ” – Дима Кириллин кыайыылаах буолбуттара. “Wotld Skills” 2021 с. Максим Кычкин Москва куоракка 3 миэстэ, 2022 с. Вася Приблых 4 миэстэ буоллулар. 2023 с. өрөспүүбүлүкэ чиэһин Антон Тищенко көмүскээн, Москва куоракка атырдьах ыйыгар 3 миэстэни ылла.
2022 с. “Kids Skills” улууска кыра саастаах оҕолорго маһынан уһаныыга Айаал Борисов, Алик Тищенко 2 миэстэ, Сеня Петров, Саша Решетников 2 миэстэ буолбуттара. Бу күрэххэ быйыл 2023 с. Айаал Борисов кыайыылааҕынан ааттанна. Оҕолорум хас биирдиилэрин ситиһиитинэн киэн туттабын, үөрэбин, үлэҕэ кынаттанабын.
Иннокентий Данилов дьоммор, аймахтарбат учууталлар үгүстэр диэн этэр, олор ортолоругар кини эр киһи учуутал соҕотох эбит. Кини: “Дьонум да холобурдарынан уонна бэйэм айар-тутар предметтээх буоламмын, оҕолору кытары тэбис-тэҥҥэ үлэлээн астынабын. Уһаныы диэн дьиҥ эр киһи үлэтэ, дьарыга буоллаҕа”, — диэн этэр. Өссө биири бэлиэтиир: “Тыа сиригэр олорор буоламмыт, биһиги уолаттарбыт, миэхэ дьарыктанар оҕолор бары үлэнэн иитиллэр дьиэ кэргэн ыччаттара, этэргэ диэри, от-мас үлэтин билэр, итиигэ, тымныыга эриллэр, буһар-хатар дьон, ол да иһин сахалыы мындыр толкуйдаахтар. Ол дьоҕурдара, үлэҕэ эриллибит тулуурдара барыта кинилэр сатабылларыгар иҥмит буолан ханнык баҕарар таһымнаах куонкуруска ситиһиилээхтик, чиэстээхтик кытталлар. Ол иһин төрөппүттэргэ, чуолаан аҕаларга оҕолоргутун, уолаттаргытын айылҕаҕа сыһыарыҥ, үлэнэн иитиҥ, дьиҥ эр киһи буолан тахсалларыгар бэйэҕит сыраҕытын, болҕомтоҕутун ууруҥ диэн сүбэ быһыытынан баҕа санаабын тиэрдэбин”, — диир.
Урут уруккаттан оскуолаҕа энтузиаст, оҕо тардыһар учууталлара баар буолаллара. Билигин ол үтүө үгэс эмиэ салҕанар, оҕону иитиигэ саҥа хайысхаларынан үлэ таһаарыылаахтык, хаачыстыбалаахтык ыытыллар. Ол биир туоһутунан Лөгөй орто оскуолатын үлэ уруогун учуутала, оҕо сатабылын сайыннарар дьоҕурдаах педагог Иннокентий Семенович Данилов ситиһиилээх, айымньылаах үлэтэ буолар.
Екатерина Захарова.