Үлэ сылыгар уһун үйэлээхтэрбитин чиэстиэҕиҥ

Дойду үрдүнэн уһун үйэлэнии кээмэйэ 90 сааһынан быһыллар. Ол аата 90 сааһын туолбут киһи уһун үйэлээх дэнэр. Дьэ, итинник дьоммут биһиэхэ, Уус Алдаҥҥа, төһө элбэхтэрий?

Улуустааҕы социальнай көмүскэл управлениета биэрбит испииһэгэр улуус иһигэр (ол аата манна олороро бэлиэтэммит) 34 киһи баар эбит. Ону таһынан, бэйэм билэрбинэн, Уус Алдантан төрүттээх эрээри, олорор сирдэрэ Дьокуускайга бэлиэтэммитинэн, бу испииһэккэ киирбэтэх түөрт киһини ааҕабын. Оччотугар 38 уһун үйэлээх биир дойдулаахтардаах эбиппит.

Саамай элбэх уһун үйэлээх дьонноох нэһилиэгинэн курбуһахтар буолаллар – 11 киһи баар. Кинилэртэн 6 киһи күн бүгүн Уус Күөлүгэр олороллор. Атыттар куоратынан, Бороҕонунан бааллар.

Биирдиилээн ыллахха, улууспут саамай саастааҕынан Матрена Семеновна Гоголева буолар. Кини 101-рэ. Оттон сэрии бэтэрээнэ, Найахы нэһилиэгин олохтооҕо Николай Николаевич Иванов 99-һа. Маны тэҥэ Михаил Николаевич Колодезников 96 саастаах уонна түөрт киһи 95-рин туолбуттар.

Бу ытык дьоммут уһун үйэлэниилэрин кистэлэҥэ туохханый диэн ыйытык барыбытын үүйэ-хаайа тутар буолуохтаах. Ону бука генетиктэр быһаараллара буолуо. Оттон тус санаабар кинилэр үлэттэн уһун үйэлэммиттэр. Бары холкуос, сопхуос күүрээннээх үлэтин өрө тутан, хамсанан-имсэнэн чэбдик сырыттахтара. Онон быйыл Үлэ сылынан кинилэри чиэстиэххэ баар этэ диэн этиилээхпин. Уһун үйэлээхтэрбит барыбыт киэн туттуубут.

Афанасий Сектяев

Сүрүн хаартыскаҕа Курбуһах нэһилиэгин олохтооҕо 90 саастаах Дария Пестрякова уолунаан, сиэннэринээн.

Читайте дальше