Үлэ Дьоруойа – Убаһалаах алаас олохтооҕо

Аҕыйах хонуктааҕыта барыбыт киэн туттуубут, Россия Үлэҕэ Дьоруойа Михаил Готовцев үлэтин-хамнаһын билсээри, Ба­йаҕантай нэһилиэгэр анаан баран кэллибит. Онон будулҕан туманнаах, томороон тымныы­лаах биир кыһыҥҥы күнү Убаһалаах алааска атаардыбыт.

Сарсыарда эрдэттэн Михаил Николаевич төрүт олоҕор айан­наан тиийдибит. Дойду үрдүнэн сураҕырбыт Убаһалаах алаас ураты көстүүтэ арылла түстэ. Киэҥ-нэ­лэмэн сыһыы улаҕатыгар икки дьиэ буруота унаарар. Былыр өбүгэлэрбит эмиэ маннык олордохторо. Ааһан эрэр айанньыт алааска киирдэҕинэ, киэҥ сыһыы улаҕатыгар балаҕан буруота унаарарын көрөн тиийэн аараан бардаҕа. Ол иһин этэн эрдэхтэрэ, «Алаас ааттаах, дойду сурахтаах» диэн. Онон Убаһалаахха тиийдэххэ, өбүгэ тыынын, саха сиэрин билиҥҥи көстүүтүн билиэххэ сөп.

Михаил Николаевичтыын кэпсэтиибит устатыгар дойдутун таптыыр киһи алааска төннүөхтээҕин туһунан хаста да санатта. Кырдьык, ханнык баҕарар саха киһитэ санаатын улаҕатыгар син биир алааска тардыһар буолуохтах. Ол омук быһыытынан уратыбыт буоллаҕа.

Алааска төннүү

Михаил Готовцев сопхуос ыһыллаатын кытары бэйэтэ бэйэтигэр хаалан, салгыы сүөһү ииттэр санаатын олоххо киллэрэн баа­һынай хаһаайыстыба тэриммитэ. Ол туһунан маннык ахтар: ”Сопхуоска үлэлээбиппэр паай ылбатаҕым. Дьоммуттан хаалбыт кэтэх сүөһүлээх эрэ этим. Ол сүөһүлэрбит ньирэйдэрин улаатыннаран, ынах оҥос­тон хаһаайыстыбабытын улаатыннаран истэхпит”. Кини өбүгэлэрбит алааһынан бытанан олорон, сүөһү эрэ ииттэн бэйэлэрин көрүнэн олорбуттарын санаан, сүөһүлээх киһи алаас­ка олоруох­тааҕын өйүгэр хатаан, ону иитиэх­тээн Убаһалаах алааһы талбыт (төрүттэрин сирэ). Аны хаһаа­йыстыба тэринэн баран, ынах боруодатын тупсарыыга үлэ­лэһэн барбыт. Кини, биир боруодаҕа наар тохтуур буоллахха, сүөһү буомурар, эти-үүтү биэрэрэ аччыыр диир. Ол иһин хаһаайыс­тыба тэринээт, “Сахаплем” холбо­һукка киирэн үүттээх ханнык боруода баарын туоһуласпыт. Онуоха исписэлиистэр голштин-фризскэй диэн Герма­нияҕа үөскэтиллибит боруода оҕус сиэмэтэ баарын эппиттэр. Дьэ, ону сэҥээрэн бэйэтин симменталь боруода ынахтарын ол сиэмэнэн буо­һатан, билигин ураты сүөһүлэри үөскэттэ диэххэ сөп. Онон Убаһа­лаах алаастан саҥа боруода таҕыста диэҕи, Михаил Николаевич биир хаһаайыстыба сүөһүтүттэн оннук тэнийдэ диир табыллыбатын этэр. “Дьиҥэр, симменталы кытта голштины холбообут сүөһүлэрим хаана төрдүс-бэһис көлүөнэ буолбута буолуо, ону племхолбоһук исписэлиистэрэ анализтаан быһаарыахтаахтар”, – диэтэ.

Оттон тоҕо алааска кэлбитин туһунан Михаил Готовцев маннык этэр: ”Алаас диэн айылҕа барахсан сүөһү ииттэргэ анаан үөскэппит сирэ. Алааска үөскээбит сүөһү ураты төрөлкөй, үүттээх, этэ минньи­гэс буолар. Билигин урукку курдук араас эбии аһылык суох буоллаҕа, оту кытары уотурба эрэ. Онон алаас барахсан буора да туһалаах. Ол иһин бөһүөлэккэ олорон хаһаайыстыба тэринэри соччо сэҥээрбэппин”.

Үрүҥ илгэ үрүлүйэр

Михаил Готовцев хаһаайыстыбатын аата “Удьуор” диэн. “Мин сүөһүнү сөбүлүүрүм хааммар баар эбит. Байаҕантай сирин булбут өбүгэбититтэн саҕалаан, бары сүөһүнү хото ииппиттэр эбит. Ийэм эмиэ холкуос ыанньыксыта этэ. Кини этэринэн, биһиги дьоммут хол­куос­ка 80-ча сүөһүнү холбоон киир­биттэр”, – диэн салгыы сэһэр­гиир. Онон удьуор сүөсүһүт буолан, ха­һаайыстыбатын итинник аат­таатаҕа. Билигин хаһаа­йыстыбаҕа 142 сүөһү кыстаан турар. Мантан 95-һэ ыанар ынах. Күн бүгүн үс ынах төрөөбүт. Хаһаа­йыстыбаҕа ынахтар тохтообокко сылы эргиччи ыаналлар. Ол төрүөтэ искус­ственнай сиэмэлээ­һиҥҥэ сытар. Көрө сылдьан, ынахтарын уочаратынан сиэмэлииллэр. Оттон билигин, кыһын үүт тардыбыт кэмигэр күн өрүү-өрүү биир туон­наттан тахса үүт “Мүрү-Ас” астыыр-үөллүүр тэрилтэҕэ таһылла турар. Үчүгэй от түбэстэҕинэ өссө элбиир эбит. Оттон сайын, саамай быйаҥ­наах кэмҥэ өссө дэлэйэрэ чахчы. Сорох ынаҕа саамай үүттүгэннээх кэмҥэ биир ыамҥа 30-ча лии­тэрэ үүтү биэрэр эбит. Дьэ, сөҕүмэр ­буолбат дуо?

Үүтү дэлэччи ыаһыҥҥа Ми­хаил Николаевич биир ураты көрүүлээҕин кэпсээтэ. Ол курдук, ынаҕы сайыҥҥы кэмҥэ 5-6 чааска сыһыыттан хомуйан аҕалары сыыһанан ааҕар. Ити кэмҥэ ынах саҥа мэччийэн ыанньыйан эрэ кэмэ эбит. Ол иһин 8-9 чааска бэ­йэтин дьаалатынан, ыксаппакка үүрэн аҕалан ыыр саамай сөптөөх диир. Күҥҥэ иккитэ ыыры эмиэ табыгастааҕынан ааҕар. Онон Убаһалаах өҥ кырыһыттан чахчы үрүҥ илгэ үрүлүйэр.

Михаил Николаевичтыын ынахтарын туһунан кэпсэтиигэ, кини племенной үлэтин түмүгүнэн, «Саха саҥа боруода ынаҕа үөскээн эрэрэ буолуо суоҕа дуо?» диэн санаабын эттим. Онуоха боруоданы үөскэтии диэн киэҥ хабааннаах үлэ буоларын туһунан эттэ. Холобур, «илин эҥээр улуустар бары голштин уонна симменталь боруо­далары холбоон, мин үлэбин тэнитэллэрэ буоллар, кыһыл эби­риэн саха ынаҕа диэн боруода баар буо­луон сөптөөх» диэн саныыр эбит. Итиниэхэ кини племенной үлэтин уруккуттан сэҥээрэр киһи быһыытынан, “саҥа боруода тахсыбатаҕа буолуо дуо?” диэн санаабар, кыым саҕыллыбытын саҕа санаатым.

Михаил Николаевич сопхуос­ка ыанньыксыттыырын саҕана Нарыннаайы диэн сылга 6000 лии­тэрэ үүтү биэрбит ынах баара. Ол кырдьык, ураты ынах эбит. Урут соп­хуос саҕана, атын сиртэн сүөһүлэри кэмиттэн-кэмигэр аҕалаллара. Биирдэ оннук кэлии сүөһүлэри далга хаайан туруоралларыттан биир тыһаҕаһы сөбүлүү көрөн хотоҥҥо киллэрэн, ынахтарын таһыгар баайан кэбиспит. “Соһуйуом иһин, ол сүөһүнү ким да сүтүктээбэтэҕэ, ыйыппатахтара”, – диэн сонньуйар. Туһугар ураты түгэн эбит. Оччолорго, суот-­учуот кытаанах кэмэ этэ, ээ. Нарыннаайы уратыта үүттээҕэр эрэ буолбатах, төрөөтөҕүн аайы игирэ ньирэйдэри төрөтөр эбит. Ол иһин, икки оҕус ньирэйин племхолбоһукка иитэ ыланнар, атыыр оҕус оҥостоннор, олор сиэмэлэрэ өрөспүүбүлүкэни биир гына тарҕаммыта. Онон, Нарыннаайы үүтү дэлэтиигэ чахчы үтүөлээх ынах эбит.

Төрөөбүт дойдуну ыллаан эрэ таптыыр тутах

Михаил Николаевич: “Саха киһитэ төрөөбүт дойдутугар чахчы бэриниилээх буоллаҕына. алаас­ка олоруохтаах”, – диэн санаалаах. Ити төрөөбүт дойдуларын таптыылларын туһунан  ырыа гынан туойалларын ылымматын, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу холобурунан аахпатын этэр. “Хоһоон тылынан буолбакка, үлэнэн тапталы биллэрэр буоллахха, дьиҥнээх бэриниилээх буолуу тахсар”, – диир.

Саха киһитэ алааһыгар төнүннэҕинэ, тыа хаһаайыстыбата өнү­йүөн сөбүн этэр. Билигин нэһи­лиэк аайы тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныан баҕалаах биирдиилээн эмит ыччат баарын этэр. Кинилэри алааска олохтоон, туох-баар көмөнү оҥорор буоллар, үлэлииллэригэр эрэллээх. Билигин бырабыыталыстыба тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар улахан көмөнү оҥорорун биһириирин биллэрэр.

“Онон алаас хаһаайыннааҕын тухары эрэ, тыа сирэ чэчириэн сөп эбит” диэн санаанан суруйуубун түмүктүүбүн. Түгэнинэн туһанан, улуус үөрэҕин управлениетын начальнигар Степан Литвинцевка айаммытыгар массыына биэрэн көмөлөспүтүгэр, суоппар Андрей Карповка сымнаҕас, сыыдам айанынан илдьибитигэр-аҕалбытыгар эрэдээксийэ аатыттан улахан махталбытын тиэрдэбит.

Хаһаайыстыба ититэр ситимэ – газгольдер

“Удьуор” бааһынай хаһаайыстыба (салайааччы Михаил Готовцев) бу сылга CӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн 15 мөлүйүөн суумалаах граны субсидия быһыытынан ылары ситиспитэ.

Хаһаайыстыба бу үбэ тиэхиньикэ атыылаһарга, ититии ситимин тардарга, биир үлэһити хамнастыырга туттуллубут. Кураан дьыллар турдахтарына, элбэх сыллаах оту бэйэ ходуһатыгар үүннэрэр сыалтан ыһыы тиэхиньикэтин атыыласпыттар. Онно бааһынаны хорутан бэлэмниир наадата суох эбит. Анал тиэхиньикэ буорга дьөлө анньан киирэн сиэмэни бэйэтэ түһэрэр оҥоһуулааҕын кэпсииллэр. Итиэннэ оту үүннэрбит ходуһаларын нүөлсүтэргэ ууну ыһар тиэхиньикэни уонна тыраахтары атыыласпыттар.

Улахан хаһаайыстыбаны көрүү-истии кэмигэр маһынан оттуллар оһоҕу кэтиир-маныыр үгүс күчүмэҕэйдээҕэ биллэр. Онон субсидия сорох үбэ газгольдер атыылаһарга туттуллубут. Газгольдер диэн гааһы хаһаанар автономнай резервуар. Бу резервуар дьиэ таһыгар сиргэ көмүллэн сытар. Куораттан анаан кэлэн гааһын толорон биэрэллэр эбит. Онтон ситим тардыллан дьиэ иһигэр киирэр.

Хаһаайыстыба олорор дьиэтин биэс кубтаах, сүүстэн тахса сүөһү турар хотонун 10 уонна гарааһын эмиэ биэс кубтаах газгольдердаах ситиминэн сылытар. Нэһилиэнньэттэн тэйиччи олорор, ититии ситимэ тиийбэт сиргэ олус абыраллааҕын үллэстэллэр. “Маннык дьаһанан, сүөһүнү, сылгыны дэлэтэр хаһаайыстыба оттуур ходуһатын аттыгар тэринэн олоруон сөп. Ыччат да дьон тыа сиригэр олохсуйалларыгар көмөлөөх буолуо этэ. Оччотугар бырабыыталыстыбабыт да өйөөн, көмө оҥоруон сөп буоллаҕа…” – диэн санааларын үллэстэллэр. Кырдьык да, дьиэлээхтэр абыраммыттар. Дьиэлэрэ-уоттара, хотонноро сып-сылаас.