Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Үлэ сылыгар Сэһэн Ардьакыап аатынан улуустааҕы кыраайы, историяны үөрэтэр түмэлгэ эргиэн үлэһитэ Анна Павловна Ильина (1919–1987) уонна сэбиэскэй-партийнай үлэһит Евстафий Федорович Федоров (1917–1979) тустарынан «Үлэ – олох төрдө» быыстапка турда. Быыстапка аһыллыытыгар Федоровтар төрөппүт кыыстара, 36 сыл устата Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолатыгар нуучча тылын учууталынан үлэлээбит СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Евдокия Федорова мустубут дьоҥҥо төрөппүттэрин туһунан сиһилии билиһиннэрдэ.
Анна Павловна 19 сааһыгар Дүпсүн сельпотун салайыаҕыттан эргиэн систиэмэтигэр, оройуоннааҕы үп салаатын сэбиэдиссэйин солбуйааччынан, сэбиэдиссэйинэн, кэлин сбербааҥҥа үлэлээн сынньалаҥҥа тахсыбыта. Кини эҥкилэ суох үтүө суобастаах үлэтин «Үлэҕэ туйгунун иһин» (1944 с.), «1941–1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэр, потребкооперация Киин Сэбиэтин Бочуотунай кинигэтигэр киирбитэ туоһулууллар.
Евстафий Федорович Дьокуускайдааҕы пед.училищены бүтэрэн баран Чараҥай ситэтэ суох орто оскуолатыгар үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн, 1939–1942 сс. оройуон үөрэҕин салаатын сэбиэдиссэйинэн, кэлин 4 сыл Горнайга тиийэн райОНО сэбиэдиссэйинэн, партия райкомун пропагандаҕа отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1952–1954 сс. ССКП райкомун II сэкирэтээринэн, райком пропагандаҕа отделыгар 1964 с. дылы үлэлээн оройуон сайдыытыгар тус кылаатын киллэрсибитэ. Кини «1941–1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн, Саха АССР Верховнай Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. Евстафий Федорович 50-ус сыллартан саҕалаан оройуон, өрөспүүбүлүкэ сүрүн хаһыаттарын актыыбынай кэрэспэдьиэнэ этэ. Кини үгүс ыстатыйалара паапкаларга наарданан көрдөрүүгэ турбуттар.
Быыстапка аһыллыытыгар аймахтар ааттарыттан үлэ бэтэрээнэ Галина Ноговицына, түмэл дириэктэрэ Дьулустаан Заболоцкай, үлэ, сэрии, тыыл бэтэрээнэ Ытык киһи Мария Фомина, Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Алексей Мигалкин, түмэл научнай үлэһитэ Зоя Белолюбская, оскуола музейын үлэһитэ Елена Сыроватская тыл эттилэр.
Үлэ дьонугар анаммыт быыстапка бу ый бүтүөр дылы туруоҕа. Сонун, баай матырыйааллаах быыстапканы түмэлгэ тиийэн көрөргүтүгэр ыҥырабын.
Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.