Анал байыаннай дьайыыга улууспут үөрэхтээһинин эйгэтиттэн үлэһиттэрэ, кинилэр чугас дьонноро, оҕолоро кытта сылдьаллар. Үөрэх үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын улуустааҕы кэмитиэтэ уонна маҥнайгы сүһүөх тэрилтэлэр ытык иэстэрин толоро сылдьар дьоннорун өйөөн араас аахсыйалары, көмө субуотуньуктары ыыталлар, бары туһааннаах тэрээһиннэргэ, нэһилиэк, улуус ыҥырыытын биир киһи курдук өйөөн көхтөөхтүк кытталлар.
Биир оннук тэрээһининэн улуустааҕы үөрэх үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын былааннарыгар олоҕуран, профсоюзнай үлэһиттэр күннэригэр анаммыт декада уонна ыччат идэлээх сойууһун нэдиэлэтин чэрчитинэн үөрэх үлэһиттэрэ «Фронтовая соточка» диэн аахсыйаны тэрийэн ыыттылар. Киирбит үбү анал байыаннай дьайыыга сылдьар үлэһиттэрин дьиэ кэргэттэригэр туттардылар.
Идэлээх сойуус бэрэссэдээтэллэрэ кэргэттэрин, оҕолорун туһугар дьылҕаларыттан көрдөһө сылдьар ийэлэри кытта ис сүрэхтэн кэпсэтэн, долгуйууларын үллэстэн, санааларын бөҕөргөтөн, сүбэлээн-амалаан, кыһалҕалаах кэмҥэ өссө түмсэн бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһө туруохтарын эттилэр.
Мария Аргунова