Ыам ыйын бэлиэ дааталара

Ыам ыйын 1 күнэ

П.А.Ойуунус­кай аатынан Саха музыкальнай-драмати­чес­кай театрыгар драма артыыһа, то­йуксут, норуот ырыаһыта Николай Тимофеевич АЛЕКСЕЕВ төрөөбүтэ 100 сыла.

Кини 1924 сыллаахха Тэбиик нэһи­лиэгэр төрөөбүтэ. Оҕо сылдьан бииргэ төрөөбүт убайа Савваҕа кэлэн Баатаҕайга олохсуйбута. Сэттэ кылаас үөрэхтээх. Саха театрыгар үлэлии киириэн иннинэ холкуоска Кэптэниттэн Баатаҕайга диэри дьаам сүүрдээччинэн үлэлээбитэ.

Айылҕа маанылаабыт талааннаах оҕотун таба көрөн, бэйэлэригэр сыһыаран, Прокопий Наумович Соловьевтаах ырыаларыгар-тойуктарыгар кыттыһыннарар буолбуттар. Сэрии иннинэ П.Н. Соловьев “Күскэм күүстээх Күн Толуур” олоҥхотугар 14-15 саастаах уол сылдьан кыттыбыт.

1957-1970 сылларга П.А. Ойуунускай аатынан Саха музыкальнай-драмати­ческай театрын артыыһа.
Сүрүн оруоллара: Кыһыл Ойуун – П. Ойуунускай “Кыһыл Ойуун”, Алаа Моҕус – И. Гоголев ”Кыталыктар кырдаллара», Бэрт Хара – И. Гоголев “Туймаада сарсыардата”, Дуолан Хара – И. Избеков – Уустаах “Сыгый Кырынаастыыр”, Уот Уһутаакы – М. Жирков, Г. Литинскэй “Ньургун Боотур”, Баһылай – Амма Аччыгыйа “Ситим быстыыта”, Черношейкин – О. Очкин “Өлөрү кыайбыт өлбөт”, Хойос­тоон – Г. Григорян “Хотугу сибэкки”, Тиит – Н. Габышев “Икки дьол”.

Абааһы уолун, Үрүҥ Уолан ырыалара, Айыы тойон ырыата, Уол тойуга пластинкаҕа уһуллубуттара.
1957 сыллаахха Москваҕа ыытыллыбыт Саха литературатын уонна искусствотын бастакы декадатыгар көрдөрүллүбүт “Ньургун Боотур” опера-олоҥхоҕо Уот Уһутаакы партиятын ситиһиилээхтик толорон, “Үлэҕэ килбиэнин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Кини 1994 сыллаахха олохтон туораа­быта. Кини туһунан улуустааҕы Киин библио­тека фондатыгар баар “Антология Саха театра” III томугар (2010), “Олоҥхо биһигэр” (2004), “История Усть-Алданского улуса в лицах” (2010) ыйынньыкка, “Энцик­лопедия культуры и искусства” (2011) 1 томугар уо.д.а. кинигэлэргэ ааҕыахха сөп.

Ыам ыйын 8 күнэ

Биир дойдулаахпыт, биллиилээх судаарыстыбаннай-­уопсастыбаннай деятель, Саха сиригэр физическэй култуура уонна спорт хамсааһынын төрүттээччи уонна сала­йааччы, САССР физкультура уонна спорт дьыалаларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаевич ТАРСКАЙ төрөөбүтэ 100 сыла.

Кини 1924 сыллаахха I Өспөх нэһи­лиэгэр төрөөбүтэ. 1939 с. Чараҥай 7 кылаастаах оскуо­латын, салгыы Дьокуускайдааҕы 8 №-дээх орто оскуоланы үөрэнэн бүтэрбитэ. 1942 с. военруктар куурустарыгар үөрэммитэ. Өнөр, Чараҥай, Танда, Мүрү оскуолаларыгар военругунан, физкультура учууталынан үлэлээбитэ. 1947 с. Тандаҕа үлэлиир кэмигэр ыччат ортотугар маассабай физкультурнай-спортивнай үлэни тэрийиигэ үтүөлэрин иһин комсомол Киин Комитетын Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта.

1949-1951 сс. Мүрү орто оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэлээбитэ. Үөрэнээччилэр чэпчэки атлетикаҕа, боксаҕа, волейболга, хайыһарга кыайталыыллара. 1950 с. Мүрү орто оскуолата Саха АССР Министрдэрин Сэбиэтин көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамятын ылар чиэскэ тиксибитэ. 1949 с. сүүрүүгэ өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиадаҕа 100 миэтэрэҕэ оройуон саҥа рекордун олохтообута (11,5 сек.) Кини Уус Алдан оройуонугар физкультура уонна спорт сайдыытыгар бастакы суолу тэл­битэ. Эт-хаан өттүнэн чэгиэн буолуу холобурун тус бэйэтинэн көрдөрбүт энтузиаст этэ. 1954 с. И.В. Сталин ааты­нан Москватааҕы физкультура институтун туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитэ. 1955 сыллаахха Саха АССР Министрдэрин Сэбиэтин иһинэн физкультураҕа уонна спортка өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэт бэрэссэдээтэлинэн анаммыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ спортивнай базалары тэрийиигэ элбэҕи ситиспитэ. Кини көҕүлээһининэн “Спартак” стадион (билиҥҥи “Туймаада”) тутуллан үлэҕэ киирбитэ. 1956 с. кини көҕүлээһининэн кэлин үгэскэ кубулуйбут Саха сирин норуоттарын бастакы спартакиадата ыытыллыбыта. 1956 с. көҥүл тус­тууга өрөспүүбүлүкэ бастакы чемпио­натын тэрийбитэ. Көҥүл тустуу 1956 сылтан Сахабыт сиригэр сайдан барбыта. Дьону-сэргэни умсугуппут, спорт бу көрүҥэр тапталы иҥэрбит киһинэн буолар. Д.П. Коркин салайаач­чылаах Чурапчыга спортивнай интер­нат-оскуола 1966 с. аһыллыбыта. 1959-1960 сс. Уус Маайатааҕы райисполком бэрэссэдээ­тэлинэн ананар. 1961 с. Мос­кваҕа Үрдүкү партийнай оскуолаҕа үөрэнэ киирэр. 1962 с. ахсынньы 8 күнүгэр олохтон хомолтолоохтук туораабыта.

Н.Н. Тарскай өрөспүүбүлүкэҕэ физкультурнай хамсааһын уонна спорт үрдүк таһымҥа тахсыытыгар, спорт олимпийскай көрүҥнэрин сайдыытыгар уһулуччу кылаатын киллэрбитэ, кини кыһамньытынан саха спортсменнара аан дойду спортивнай түһүлгэтигэр тахсыбыттара. Кини салалтатынан Саха сиригэр көҥүл тустууга, боксаҕа, ыарахан атлетикаҕа чемпионаттар, үлэһит ыччат ортотугар спартакиадалар, фестиваллар ыытыллыбыттара.

1963 с. өрөспүүбүлүкэҕэ көҥүл тустуу чемпионата кини аатынан ыытыллыбыта. 1981 с. Өрөспүүбүлүкэ Миниис­тирдэрин Сэбиэтин бирииһигэр кубулутуллубута, онтон 1990 с. саҕалаан Н.Н. Тарскай аата төннөрүллэн ыытыллар. 1990 с. төрөөбүт алааһыгар Араҥастаах­ха олимпийскай символикалаах өйдөбүнньүк сэргэ туруоруллубута. Саха ССР Министрдэрин Сэбиэтин 1991 сыл тохсунньу 28 к. уурааҕынан кини аата Баатаҕай орто оскуолатыгар иҥэриллибитэ. 1996 с. Баатаҕай орто оскуолатын базатыгар “Н.Н. Тарскай аатынан спортивнай Албан аат” музейа тэриллэн үлэҕэ киирбитэ. 1996 с. кини аата Мүрү нэһилиэгин Радиотумул уулуссатыгар, 1997 с. Баатаҕайга уулуссаҕа, 2004 с. кини аата Бороҕоҥҥо спортивнай-чэбдигирдэр комплекска иҥэриллибитэ. 1999 с. Н. Тарскай бюһа Баатаҕай орто оскуолатын базатыгар Н.Н. Тарскай аатынан спортивнай Албан аат музейын иннигэр туруоруллубута. 2004 с. Н. Тарскай үбүлүөйдээх даа­таларыгар Баатаҕай орто оскуолатын базатыгар улуус оскуолаларын үөрэнээччилэригэр научнай-практическай конференция ыытыллар. 2024 с. улуус­тааҕы V-с, өрөспүүбүлүкэтээҕи I-кы науч­най-практическай конференция ыытылынна. 2023 с. күһүнүгэр Бороҕоҥҥо Н.Н. Тарскай аатынан Спорт дыбарыаһа үөрүүлээхтик аһыллыбыта. СӨ Ил Дархана Е.А. Борисов 2015 сыл алтынньы 12 к. 703 №-дээх ыйааҕынан Дьокуускай куорат “Туймаада” стадиона Н.Н. Тарскай аатын сүгэр.

2016 с. от ыйын 1 күнүгэр “Азия оҕолоро” VI норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар аһыллыыларын көрсө Н.Н. Тарскай аатынан “Туймаада” стадион иннигэр Н.Н. Тарскай бюһа (скульптор В.В. Бочкарев) туруоруллубута. 2024 с. тохсунньу 4-6 к. Бороҕоҥҥо Н.Н. Тарскай аатынан Спорт дыбарыаһыгар төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт көҥүл тустууга үгэскэ кубулуйбут СӨ биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин чемпионата үрдүк таһымҥа ыытыллыбыта. Тохсунньу 11-12 к. Н.Н. Тарскай төрөөбүтэ 100 сылыгар оҕолорго өрөспүүбүлүкэтээҕи биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин тустуу күрэхтэһии­тэ ыытыллыбыта. Бу күрэхтэһиигэ Н.Н. Тарскай аат. Баатаҕай орто оскуолатын музейын фондатыттан сэдэх хаар­тыскалар уонна экспонаттар, Сэһэн Ардьакыап аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл фондатын, С.С. Васильев – Борогонскай аат. киин библиотека матыры­йааллара туруоруллубуттара.

Кини туһунан улуустааҕы Киин биб­лиотека фондатыгар баар “Тарский Н.Н. (жизнь в фотографиях: 1924-1962)” (1990), В.П. Кочнев хомуйан оҥорбут “Үтүө аата умнуллубат” (1994), В.П. Кочнев, П.С. Павлов уо.д.а. хомуйан оҥорбут “Организатор физкультурного движения в Якутии Николай Тарский” (2012), П.С. Павлов ”Үрдүккэ дабайыы үктэллэрэ” хомуурунньукка (2004), И.М. Жирков, И.И. Захаров хомуйан оҥорбут “Уус-Алдан чулуу спортсменнара (XX үйэ)” (2004), Д.А. Ефимов “Төрөөбүт түөлбэбит Баатаҕай” (2007) кинигэлэргэ, “История Усть-Алданского улуса в лицах” (2010) ыйынньыкка, “Энциклопедический словарь Якутии” (2018), И.М. Жирков “Майаҕатта Бэрт Хара удьуордара” (2022), П.С. Павлов, М.К. Попова, Я.С. Сивцев хомуйан оҥорбут “Уус Алдан спорда кэм кэрдииһигэр” (2022), Н.Г. Жирков, П.В. Пермяков, Е.Н. Сыроватская уо.д.а. хомуйан оҥорбут “150 сыл сырдыгы саҕар кыһабыт” Хабырылла Дьөгүөрэп аатынан Мүрү 1 №-дээх орто оскуолата, 1872-2022 (2023), Р.П. Петров “Саха сиригэр култуурунай уонна спортивнай хамсааһыны тэри­йиигэ үтүөлээх” (“Мүрү саһарҕата”, 2021, олунньу 12 к.; “Забота-Арчы”, 2021, кулун тутар 25 к.),С.С. Охлопков «Саха Пьер Де Кубертена» (“Мүрү саһарҕата”, 2022, олунньу 4 к.), К. Румянцева «Спортивнай оонньуулары төрүттэспит биир дойдулаахпыт» (“Мүрү саһарҕата”, 2022, от ыйын 1 к.), П. Павлов “Чемпионат үрдүк таһымнаахтык тэрилиннэ” (“Забота-Арчы”, “Дьулурҕан” сыһыарыыта, 2024, тохсунньу 11 к.) уо.д.а. кинигэлэргэ, ыстатыйаларга ааҕыахха сөп.

Зоя ДАНИЛОВА, улуустааҕы киин библиотека справочнай-библиографичес­кай салаатын сэбиэдиссэйэ