Эдэр саас эрчимэ, эрэллээх бэһиэлэй доҕоттор, сайын кэрэтэ уонна төрөөбүт дойдуга таптал, ахтылҕан – Уус Алдан улууһун Арыылаах бөһүөлэгэр Владимир Мохначевскай киинэ курдук устубут күлүм түгэннэрэ хайдахтаах да тыйыс кыһын күөх сайыны, эдэр сааһы эргитиэх курдуктар.
Ютубка бэйэтин олоҕун чаҕылхай күннэрин видеоҕа устан үллэстэн номнуо үгүс көрөөччүлэммит Владимиры кытта билистим:
– Владимир, бэйэҥ тускунан кэпсии түһүөҥ дуо?
– Төрөөбүт-үөскээбит дойдум – Уус Алдан Арыылааҕа, манна оҕо сааһым ааспыта, дьиэ кэргэммитигэр биэс оҕоттон үһүс оҕобун. 2015 сыллаахха Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын бүтэрбитим. Билигин Дьокуускайга Арктикатааҕы судаарыстыбыннай агротехнологическай университекка «Зоотехния» хайысхаҕа 2-с курсугар аспирантураҕа үөрэнэбин.
Төрөппүттэрим элбэх сыл устата үөрэхтээһиҥҥэ бэйэлэрин сүдү кылааттарын ууран Орто Эбэ анал коррекционнай оскуолатыгар учууталлаабыт дьон буолаллар. Ийэм Пелагея Дмитриевна химия, биология, физика уонна да үгүс биридимиэти үөрэппитэ. Аҕам Моисей Моисеевич математика, геометрия, информатика, история биридимиэттэрин үөрэтэр этэ, маны таһынан ис сүрэҕиттэн дуобакка оҕолорго анаан куруһуок ыытара. Хомойуох иһин, дьоммут иккиэн биһиги кэккэбититтэн туораабыттара.
– Ютубка ханаал арыйар санаа хайдах кэлбитэй?
– Телефоҥҥа видео устарга, монтажтыырга бэйэм үөрэммитим, билиҥҥи кэмҥэ хайа баҕарар киһи сатыан сөп дии саныыбын. Бастакы видеобын ютубка былырыын сайын доҕор кыыспын кытта сынньана, дойдубун көрдөрө тахсаары сылдьан устарга санаммытым. Устарым саҕана бу ютубка анаан устабын игин диэн буолбакка, бэйэбэр өйдөбүнньүк видео оҥорор санаалаах этим. Сынньанан кэлэн, түргэн түргэнник монтажтаан бүтэрэн, ютубу санаан кэлбитим – телефонум адьаннаҕына, видеом сотторуллан хааллаҕына да, куйаар ситимигэр ханна да сүппэккэ сытыан сөп диэн толкуйтан буолуо. Арай сарсыныгар – хас эмэ тыһыынчанан киһи көрбүт, өссө эбиллэ турар. Соһуйан эрэ хаалбыппыт, элбэх киһи үлэбин сыаналаан, хайҕаан, санааларын үллэстибиттэрэ, дойдум дьоно эмиэ олус кэрэхсээбиттэрэ. Мантан кынаттанан салгыы устарга санаммытым, билигин ханаалбар номнуо 10 видеоны таһаардым. Бу мантан икки видео дойдубар Арыылахпар анаммыта.
– Эн видеоларыҥ дьоҥҥо тугу тиэрдиэхтэрэй?
– Кыракый дэриэбинэҕэ улааппыт хас биирдии киһиэхэ сиригэр-уотугар, доҕотторугар, айылҕатыгар таптала муҥура суох, мин бу тапталбын видеоларым нөҥүө тиэрдэбин.
– Видеоларгын тугунан устаҕын?
– Бу видеоларбын барыларын телефон камератынан уһулбутум, телефоҥҥа монтажтаабытым. Салгыы сайдыы өттүгэр үктэнэр санааттан соторутааҕыта профессиональнай камера ылыммытым. Онон ханаалыма хаачыстыба өттүгэр тупсуо диэн эрэнэбин, ким интэриэһиргээбит киирэн көрөөрүҥ.
– Өссө атын дойдуларга сылдьыбыккын көрдөрөр эбиккин дии?
– Былырыын доҕотторбун кытта массыынанан Кавказка Дагестан, Чечня, Кабардино-Балкария, Севернай Осетия, Ингушетия өрөспүүбүлүкэлэрин кэрийэн кэлбиппит, ол туһунан эмиэ ютубка таһаарбытым. Тас дойдуга тахса иликпин, сотору кэминэн былааҥҥа баар. Эдэр эрдэххэ сири-дойдуну көрөн хаалыахпын наада диэн сыаллаахпын, табыллар ини диэн эрэнэбин.
– Владимир, кэпсэппиккэр махтанабын, айымньылаах дьарыккар ситиһиини баҕарабын.
Мария Аргунова