Уус Алданнааҕы киин балыыһа хирургия салаатын үлэһиттэрэ клип таһаардылар

Уус Алданнааҕы киин балыыһа хирургическай салаатын үлэһиттэрэ «Аанньаллар» вокальнай ансаамбыллара сайыҥҥы кэрэ айылҕаҕа ылбаҕай ырыаларын видеоҕа устан клип таһаардылар.

Ансаамбыл салайааччыта, ырыа куттаах Изабелла Старкова маннык кэпсээтэ:

– Аан бастаан ансаамбылбытын көҕүлээбит уһун сылларга анестезист сиэстирэнэн үлэлээбит кэллиэгэбит, дьүөгэбит Зинаида Старостина сырдык аатын ахта-саныы күн бүгүҥҥэ диэри түмсэн ыллаан-туойан ыларбытыттан наһаа үөрэбит. Ансаамбылбыт 1999 сыллаахха тэриллибитэ. Аан бастаан «Сайылык» диэн ырыаны толорбуппутун бу баардыы өйдүүбүт. Онон, куруук да буолбатар, ырыаны аргыс оҥостубуппут номнуо 25 сыл буолбут эбит диэн бу ырыабытын устан үйэтитэргэ сананныбыт.

Абытай түбүктээх үлэттэн быыс булан бэлэмнэнэн, хомуллан, түүннэри дьуһуурустубалаабыт үлэһиттэрбит устунан клипка уһуллан, аны суһал үлэ тахсан хаалыаҕа диэн бэрт ыксалынан уһулуннубут. Клибы улуус имиджевай бөлөҕө устан, таҥан оҥордо.

Хирургия курдук уустук, эппиэтинэстээх салааҕа сиэстэрэнэн үлэлиир кэрэ аҥаардар Егор Васильев тылларыгар, Лина Акимова мелодиятыгар «Күн» диэн ырыаны хайдахтаах кэрэтик туттан-хаптан, үрдүк таһымнаахтык толороллорун сөҕө-махтайа көрөн, клибы күндү ааҕааччыларбытын кытта үллэстэбит.

Мария Аргунова