Бүгүн өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев оскуолалар уонна орто профессиональнай үөрэх тэрилтэлэрин дириэктэрдэригэр саҥа автобустар күлүүстэрин туттарда.
Үөрэхтээһини сайыннарыыга туһуламмыт тырааныспар өрөспүүбүлүкэ 44 үөрэх тэрилтэтигэр ананна, биһиги улууспутуттан Уус Алданнааҕы техникумҥа бэрилиннэ.
Техникум дириэктэрэ Андрей Стрекаловскай:
– Бу автобустар тыйыс тымныылаах Сахабыт сирин климатыгар анаан оҥоһуллубуттара үөрдэр. Дойду бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин өйөбүлүнэн, 2016 сылтан үөрэх кыһаларын транспорынан хааччыйыы, саҥардыы тиһигин быспакка ыытыллар, ити кэмтэн Саха сирэ 500-чэкэ саҥа автобуһунан хааччыллыбыт. Бу үлэ РФ Атыыга-эргиэҥҥэ уонна промышленноска министиэристибэтин кытта үлэ чэрчитинэн оҥоһуллар. Быйыл 62 мөлүйүөн солк. көрүллүбүтүн эттилэр. Биллэн турар, тиэхиньикэ таах туруо суоҕа, техникуммут үлэтигэр төһүү буолуоҕа, – диэн бэлиэтээтэ.
Ольга Шепелева