XIX-с үйэ иккис аҥаарыттан XX-с үйэ бастакы аҥаарыгар тиийэ олорон ааспыт Бороҕон улууһун аар-саарга аатырбыт олоҥхоһута Д.М. Говоров – Олоҥхоһут Миитэрэй 2023 сылга дьоһун аата ааттанар бэлиэ кэмэ — төрөөбүтэ 175 сыла.
Ойуунускай биһирээбит олоҥхоһута
Дмитрий Михайлович Говоров – Олоҥхоһут Миитэрэй Бороҕон улууһун олоҥхоһуттарыттан барыларыттан ордук киэҥник биллибит, эдэр сааһыттан олоҥхоҕо уһуйуллан, киэҥ сирдэринэн тэлэһийэн сылдьыбыт киһи. Тыыннааҕар үс олоҥхото суруллан, онтон иккитэ бэчээттэнэн, ССРС суруйааччыларын Сойууһугар чилиэнинэн ылыллан (1939 с.), 1934, 1938 сылларга ыытыллыбыт Саха сирин суруйааччыларын кэмпириэнсийэтигэр ыҥырыллан олоҥхолоон уран тылынан умсугуппут улуу Ойуунускай биһирээбит олоҥхоһута буолар.
Төрдө-ууһа кимий-ханныгый диир буоллахха, 1934 сыллаахха Сэһэн Боло улууспутугар кэлэ сылдьан Миитэрэйтэн төрдүн-ууһун ыйыталаспытыгар Эллэйтэн саҕалаан 14-с көлүөнэҕэ тиийэ ааттаабыт. Бииргэ бодоруһан үөскээбит үөлээннээхтэрэ этэллэринэн, иккитэ кэргэннэммит. Бастакы кэргэнэ Саһылыкаантан төрүттээх Кэтириис өлбүтүн кэнниттэн огдооботуйан Өлүөхүмэнэн, Бодойбонон, көмүс бириискэлэринэн «дьол көрдөһө» тайҕаҕа түһэн хаалбыт. Дьокуускай куоратынан Өлүөнэ арҕаа өттүнэн Өлүөхүмэҕэ тиийэ, Бүлүү сүнньүлэринээҕи улуустарынан хоту өттүн Дьааҥыга, Булуҥҥа, бэл Бодойбоҕо, Аляскаҕа тиийэ «уон улууһунан долоҕойдоон, киэҥ сирдэринэн мэччийэн» үлэни батыһа сылдьан дьаамсыгынан, сирдьитинэн, балыксытынан, мас кэрдээччинэн, саһаан охсооччунан үлэлээбит. Ол былаһын тухары киэҥник тэнийэн олоҥхолообут. XX-с үйэ саҕаланыытыгар дойдутугар кэлэн Мэҥэ улууһун Маттатыттан төрүттээх Кыычыкыннар кыыстарын Марфа Кычкина диэн дьахтары сүгүннэрэн аҕалбыт.
Олоҥхолуур үөрүйэҕи батыһа сылдьан кэрэхсээн, биһирээн истибит олоҥхоһуттарыттан иҥэринэллэрэ, оскуола оҥостоллоро. Ол курдук, олоҥхоһут Миитэрэй олоҥхоҕо уһуйуллубут, үөрэппит киһитинэн Бороҕон улууһун XIX-с үйэ аатырбыт олоҥхоһутун Уйбаан Охлопковы – Чочойбоҕу ааттыыр эбит.
Сахаттан бастакы эпосовед биһиги биир дойдулаахпыт И.В. Пухов суруйарынан, Миитэрэй 13 олоҥхону билэр эбит. Биһиэхэ ааттара биллэр тоҕус олоҥхотуттан «Эрбэхтэй Бэргэнин» икки төгүл Г.В. Данилов 1930, 1942 сыллардаахха, И.М.Говоров 1938 с. суруйбуттар, Г.В. Данилов суруйбут «Эрбэхтэй Бэргэнин» П.А. Ойуунускай сирийэн ааҕан биһирээбит, кыра көннөрүүлэри киллэртээбит уонна олоҥхо тахсара сөптөөҕүн бэлиэтээбит. Саастарын тухары иитиэхтээн илдьэ сылдьыбыт олоҥхолорун оҕолорун курдук саныыллара баар суол. «Эрбэхтэй Бэргэнин» бэчээккэ бэлэмнээн үлэлэһэ сылдьар историческай наука кандидата В.Н. Чемезовтан: «Эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр эр бэрдэ, элик үтүөтэ Эрбэхтэй Бэргэн диэн уоллаах этим. Ол оҕом ханна тиийдэҕэ буолла» диэн ыйыталаспыт. Олоҥхо оҕонньор өлбүтүн кэннэ 1942 с. «Творчество якутского народа» хомуурунньукка толору тиэкиһинэн бэчээттэммитэ. А.Ф. Бояров олоҥхоһут тылыттан туох да эбиитэ, көҕүрэтиитэ, тупсарыыта суох олоҕурбут кэпсээн киэбинэн буолбакка, хоһоонунан суруйбут «Мүлдьү Бөҕөтө» 1938 с. туспа кинигэнэн бэчээттэнэн тахсыбыта.
Саха олоҥхотун дириҥник ырыппыт И.В. Пухов олоҥхоһут Миитэрэй «Мүлдьү Бөҕөтүн» сиһилии үөрэппитэ, олоҥхо сүрүн уобарастарын киэҥник чинчийбитэ, наука эйгэтигэр таһаарбыта. Иннокентий Васильевич «Идеи и образцы олонхо «Мюльджю Сильный» диэн кандидатскай диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээн, филологическай наука кандидата буолбута. Кэлин кандидатскай диссертациятын ситэрэн «Якутский героический эпос – олонхо. Основные образы» диэн монографията саха фольклористикатыгар суолу аспыт кинигэнэн буолар. Востоковед Е.С. Сидоров нууччалыы тылбааһынан «Непобедимый Мюльджю Беге» икки кинигэнэн 2003 сыллаахха бэчээттэммитэ. Ил Түмэн дьокутаата А.Н. Жирков биир дойдулааҕын олоҥхотун латинскай графикаттан сахалыы алфавикка көһөрөн, Е.С. Сидоров тылбааһын кытта холбоон 2010 с. икки кинигэнэн бэчээккэ таһааттарбыта.
Миитэрэй олоҥхоһутун таһынан норуот былыргытын Эллэйтэн, Омоҕойтон саҕалаан, улуустар, нэһилиэктэр аҕа, ийэ уустарын төрүттэригэр тиийэ, туох эмэ бэлиэ түгэннэри хаалларбыт дьон туһунан араас сэһэннэри, үһүйээннэри, алгыстары, андаҕардары билэриттэн үөрэтиллибэккэ, суруллубакка хаалбыта элбэх буолуохтаах. Оһуохайдьыт быһыытынан улаханнык биллибэтэх киһи эрээри, 1940 с. Е.И. Говоровка этэн суруттарбыт «Мухтуйа үҥкүүтэ» архыыптан көстөн «Песни круговых танцев Саха» диэн кинигэҕэ, эмиэ ити сыл суруллубут «Кыргыска киирэр алгыһа» «Саха фольклора» хомуурунньукка бэчээттэммиттэрэ. Олоҥхоһут Миитэрэй ойууннаабытын туһунан усках кэпсээннэр бааллар. Билигин Бэйдиҥэҕэ олорор 87 саастаах Иван Афанасьевич Охлопков эдэр сылдьан биир кырдьаҕастан Чыккаа ойууну уһуйбутун туһунан истибит. Саҥа саҕалаан эрэр эдэр ойуун олоҥхоһуттан араас ыарыыларга тиэрдэр суоллары сүбэлэппит, сөптөөх тойуктары, алгыстары үөрэттэрбит буолуохтаах. Хойукка диэри олорбут Чыккаа ойуун туһунан айыырҕаабыта буолан кэпсээбэккэлэр умнуллубут эбит. Кини кыырарын көрбүт, билэр дьон куттаммыта буолан сэһэргээбэттэр эбит, онон Чыккаа ойуун умнуллан аата эрэ ахтыллар.
Ааспыт үйэ 30-50-с сылларыгар күнүстэри тымтыктана сылдьан национализмҥа күтүрүүр репрессиялар ыар кэмнэригэр олоҥхо, оһуохай аҕырамнаан сылдьыбыт кэмнэрэ этилэр. «Норуот өстөөҕө, националист, дьоппуон үспүйүөнэ, тороскуус, куорҕаллааччы Ойуунускай» тэрийиитинэн олоҥхолообут, киниттэн бириэмийэ ылбыт, алтыспыт олоҥхоһуттарга куттал суоһаан ыллаабат-туойбат, оһуохайдаабат, олоҥхолообот, Ойуунускай аатын да ааттаабат кэмнэрэ сабардаан тураллара. Ити кэмнэри олоҥхоһут Миитэрэйгэ уонна кини олоҥхотугар сыһыары тутан эттэххэ, «Ардьамаан Дьардьамаан уобараһынан аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттары, Бүгүстээн Харанан улуу нуучча норуотун ойуулаан көрдөрбүт» норуоттар доҕордоһууларыгар күлүгү түһэрэр диэн баайсан Н. Кривошапкин диэн суруйааччы Обком аатыгар үҥсүү түһэрбит. Сэрии иннинэ Обком үҥсүүгэ кыһаллыбатах буоллаҕына, 50-с сылларга үҥсүүгэ суолта бэриллибит.
Аны иккис түгэн. П.А. Ойуунускай аатынан музейга И.В. Пухов архыыбыгар учуонай Обком пропагандаҕа отделыгар П.П. Неустроевка суругун кытта билсибитим. Ити курдук, ааттаах-суоллаах олоҥхоһуппут сүдү айымньыта эккирэтиһиилээх ыарахан кэмнэргэ араас токурутуулаах өйдөбүллэри соҥнооһуннарын утарсан, И.В. Пухов саха бухатыырыныы турууласпыта.
Ханнык баҕарар айымньы сурукка-бичиккэ түһэриллэн бэчээттэнэн таҕыстаҕына иччитин үйэтин уһатар, кэлэр көлүөнэҕэ аатын ааттатар. Д.М. Говоров олоҥхолоро сындааһыннаах үлэ түмүгэр сурукка тиһиллэн умнууга хаалбакка, XXI-с үйэҕэ тиийэн кэлэн өлбөт-сүппэт үйэлээбиттэригэр суруйбут дьоҥҥо махтаныах кэриҥнээхпит. Онон түмүктээн эттэххэ, Д.М. Говоров олоҥхото суруллан, үөрэтиллэн наука киэҥ эйгэтигэр тахсан, документальнай киинэ уһуллан, театральнай искусство көрүҥүнэн дьүһүйүллэн, үтүө аата үйэлэри уҥуордуу туруоҕа.
Мария Сивцева, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо.
Олоҥхо утума салҕанарын кэрэһитэ
РФ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Галина Никитична Иванованы кытта олоҥхо эйгэтигэр бииргэ алтыһан үлэлээбитим ыраатта. Кини улууспутугар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар тэрийэр бөлөххө киирэн “Мүлдьү Бөҕө” олоҥхону сиһилии үөрэтэн, ыһыах айымньытыгар туруорууга, кини ыһыах аһыллыытын-сабыллыытын сценарийын суруйууга сценаристар бөлөхтөрүгэр үлэлээбитэ, хоһооннорун тыла сценарийы байыппыта.
Биһиги улууспутун иккис дойду оҥостубут ытык-мааны киһибит Галина Иванова – Айтыына айар аартыга арыллан, “Элэмэс аттаах Эрэли бухатыыр” олоҥхону суруйан, 2017 сыллаахха кинигэ гынан күн сирин көрдөрдө.
Галина Никитична күн сирин көрбүт сирэ норуот төрүт култууратын, үтүө үгэһин түөрэҕэ түстэммит, Олоҥхо дойдута диэн ааттанар Сунтаар улууһа. Түһүлгэлээх ыһыахтаах, тохтор тойуктаах дьонноох дойдуга үөскээн, уран тылга уһуйуллан, үс кутугар иҥэринэ сылдьыбыта. Олоҥхо биһигэ буолбут Уус Алдаҥҥа олохсуйан, айар аартыга аһыллан, оҕолорго тэттик хоһоонноруттан, чабырҕахтарыттан, остуоруйаларыттан саҕалаан суруйуу чыпчаалыгар тиийэн олонхону суруйдаҕа.
Иккис төрүөтэ удьуорун утумнаабыта буолар. Ол курдук өбүгэ эһэтэ Улуу Чохороон кинээс аймаҕар бэйэлэрин кэмнэригэр олоҥхоһуттар Аппанаас Трофимов, тохтор тойуктаах, оһуохайдьыт Кугас Омукчаан бааллара биллэр. Галина Никитична аҕата Никита Иванов уран тыл ууһа – Сээркээн сэһэнньит буолан, кыыһа аҕатын утумнаабыт диирбит тоҕоостоох.
Аны өссө биир төрүөтүнэн эдэр сылдьан Сунтаар улууһун чулуу тойуксуттарын Екатерина Захарованы, Николай Тимофеевы, Александра Васильеваны, олоҥхону толорооччулар Прокопий Кириллины, Трофим Павловы кытта бииргэ фольклор бастакы фестивалыгар Бүлүү куоратыгар кыттыбыта. Сергей Зверев “Улуу Москваны уруйдуубут” тойугун тэҥҥэ туран туойсубута буолар.
Педагог быһыытынан национальнай оскуоланы саҥардан сайыннарыы концепциятын олоххо киллэриигэ сүдү кылаатын киллэрбитэ. Оҕо саадын оҕолоругар фольклору үөрэтиини, олоҥхону билиһиннэриини аан маҥнай саҕалаабыта, ол курдук “Сарыал” оҕо саадыгар сэбиэдиссэйдии сылдьан “Ньургун Боотур” олоҥхону оҕолор толорууларыгар туруортарбыта. “Саха фольклора” (1993 с.) тахсыбыта, кини автордарыттан биирдэстэрэ, кинигэ методическай пособие буолан туһалыы сылдьар.
Олоҥхону үөрэтиигэ, үйэтитиигэ үлэлэһэн, Москваҕа бүтүн Россиятааҕы Вернадскай ааҕыыларга “Изучение древо саха – Аал Луук мас” дакылаатынан икки оҕону кытыннаран, лауреат буолалларын ситиспитэ.
Олоҥхо дьиэтин кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиир. Хас олоҥхо декадатын аайы уһуйааннарга, оскуолаҕа анал бырайыагынан “Олоҥхо эйгэтэ”, “Олоҥхоҕо ыалдьыттааһын” диэн олоҥхону билиһиннэриигэ, тарҕатыыга үлэлэһэр.
Галина Никитична – Айтыына “Урааҥхай уутуйан үөскээбит дойдута” диэн улуус визиткатын олоҥхонон дьүһүйүүтэ төрөөбүт түөлбэни таптыырга, киэн туттууга, патриотическай тыыҥҥа иитэр суолталаах буолан, 2017 сыллаахха Дьокуускайга Саха театрыгар улуус күннэрин аһыллыытыгар толоруллан, дьон биһирэбилин ылбыта. Онтон ыла, улуус араас тэрээһиннэригэр араас коллективтар сөбүлээн толороллор. “Элэмэс аттаах Эрэли Бухатыыр” аныгы кэм уратытыгар тохтуохпун баҕарабын. Манна икки игирэ уолаттар төрүүллэр, биирин Үөһээ Айыы Тойон ылан иитэрэ, бухатыыр буолан дьонун-сэргэтин көмүскүү түһэрэ, Мэнэрик эмээхсин уобараһа, аптаах таас уобараһа саҥа аныгы олоҥхо тыынын биэрэр. Байҕал анныгар баар цивилизация ойууланара эмиэ олоҥхо ис хоһоонун байытар, ааҕааччыны толкуйдатар. Онон Галина Иванова – Айтыына олоҥхото сиппит-хоппут, хомоҕой баай тыллаах буолан, ааҕааччыны тардар айымньы.
Олоҥхону аныгы кэмҥэ суруйбут, олоҥхо айааччылары саҥа тахсыахтаах Олоҥхо энциклопедиятыгар туспа салаа арыйан, аныгы кэм олоҥхону айааччыларын ааттарын, олоҥхолорун сырдатарга болҕомтону уурарга. Ол, олоҥхо утума салҕанарын кэрэһитэ, сайдарын туоһута.
Марфа Алексеева, “Олоҥхо дьиэтэ” этнокултуурунай киин салайааччыта