Сыырдаах бөһүөлэгэр интэриэһинэй дьарыктаах дьон элбэх. Оҕо саадын, оскуола оҕотуттан саҕалаан биирдиилээн коллекцияны мунньууну сөбүлээн дьарыктаналлар. Онтон 2022 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр улуус киинигэр Бороҕоҥҥо «Саха АССР тэриллибитэ 100 сылын көрсө — 100 коллекционер» быыстапкаҕа 7 коллекционер буолан кыттыыны ылбыттар. Бастакы кыттыылара буолан дьон коллекциятын көрөн сөҕөн, астынан кэлэн, дьоҥҥо кэпсээн, көрдөрөн “коллекционердар бары бииргэ түмсүөххэ” диэн сүбэлэспиттэр.
Түмсүү аатын «Утум» диэн ааттыырга Александра Андреевна Портнягина этии киллэрэн, ону бары сөбүлээн, түмсүүлэрин тэрийбиттэр. Салайааччынан Олесова Варвара Васильевна талыллан, түмсүү үлэтин тэтимнээхтик саҕалаабыт. Араас быыстапкалары тэрийэн, коллекционердар күннэрин бэлиэтээн, нэһилиэк тэрээһиннэригэр кыттан дьону кэрэҕэ, сыаллаах-соруктаах буоларга, иллэҥ кэми интэриэһинэйдик атаарарга көҕүлээбиттэр.
Коллекционердар күннэригэр олус сэргэх тэрээһини оҥорон коллекциялаах оҕолор быыстапкаларын тэрийбиттэр. Комсомол күнүгэр Төҥүлүттэн биир дьарыктаахтара кэлэн быыстапка туруоран, кэпсэтэн, билсэн барбыттар. Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр, Аан дойду дьахталларын бырааһынньыгар интэриэһинэй тэрээһиннэри оҥорбуттар.
Түмсүүлэригэр билигин 14 коллекционер биир санаанан сылдьар, салайааччынан Бурцева Валентина Анатольевна үлэлиир. Түмсүү кыттыылаахтарын коллекциялара киэҥ ис хоһоонноохтор, бииртэн биир интэриэһинэйдэр. Манна Сахабыт сирин бастакы президенэ М.Е.Николаев олоҕун, үлэтин кэпсиир кинигэлэри, открыткалары, хаһыат, сурунаал ыстатыйаларын, араас дойдулартан кэлбит кырасыабай куукулалары, бииртэн биир хатыламмат уруучукалары, брелоктары, минньигэс кэмпиэттэр сууларын, Саҥа дьыллааҕы бэлэх суумкаларын, хоруопкалары, тимэх, кур арааһын, сиэдэрэй бэйэлээх харандаас уһуктуурдары, матрешкалары, илин дойду кэрэчээн веердарын, духуу хаппахтарын, флаконнарын, куобахчааннар статуэткаларын, киндер-сакалаат оонньуурдарын, сэбиэскэй кэминээҕи оҕо оонньуурдарын, открыткаларын, темаларынан кэмпилиэк открыткалары, В.И.Лениҥҥа аналлаах кинигэлэри, открыткалары, испиискэлэри, араас куораттар ойуулаах куукуна дуоскаларын, темаларынан значоктары көрүөххэ сөп. Түмсүү кыттыылаахтара инники былааннара элбэх, бэйэлэрин коллекцияларын өссө хаҥатар, байытар туһугар утумнаахтык үлэлэһэллэр. Ол сыалтан-соруктан араас куораттары көрөн, күүлэйдээн кэлэр былааннарын Владивосток куораттан саҕалаабыттара. Быйыл Благовещенскай куоракка дуоһуйа күүлэйдээн, сынньанан кэллилэр.
Аан дойдуга доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо анаммыт декадаҕа Курбуһахтааҕы интернат-дьиэ олохтоохторугар куйаар ситимин нөҥүө быыстапка тэрийдилэр. Кырдьаҕастар бииртэн биир интэриэһинэй коллекцияны көрөн сэргээтилэр, астыннылар. Инникитин бу түмсүү кыттыылаахтара өссө сайдан, коллекциялара хаҥаан иһэригэр, бэйэлэрин быыстапкаларын көрдөрө, билиһиннэрэ интернатка ыалдьыттыылларыгар баҕардылар.
Мария Винокурова, Курбуһах