Бу күннэргэ улуустааҕы киин балыыһа (кылаабынай быраас А.С. Петрова) хараҕы эмтиир кэбиниэтин үлэһиттэрэ Мария Михайлова уонна Анастасия Попова катарактаны эпэрээссийэлэтэ барыахтаах дьон испииһэктэрин бэрийэн, Дьокуускайдааҕы офтальмологическай клиническэй балыыһаҕа барарга бэлэмнээтилэр. Бу үлэҕэ офтальмолог-быраас Светлана Аргунова кэлэн үлэлэстэ.
Маныаха 37 киһиттэн 20 киһи талыллан, бу иһигэр 8 киһи икки хараҕын,12 киһи аҥаар харахтарын эпэрээссийэлэтэллэрэ күүтүллэр.
Ыарыһахтары балаҕан ыйын 11 күнүгэр улуус дьаһалтатын көмөтүнэн анал автобуһунан Дьокуускайга арыаллаан киллэриэхтэрэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, улууска хараҕы эмтиир клиника филиала арыллыаҕыттан 256 киһи хараҕын эпэрээссийэлэтэн махталлара муҥура суох.
Ольга Шепелева