Улуустааҕы оһуохай күрэҕэ буолла

Быйыл Арассыыйаҕа дьиэ-кэргэн уонна Сахабыт сиригэр оҕо саас сылын чэрчитинэн бүгүн Бороҕоҥҥо Олоҥхо дьиэтигэр бөдөҥ фольклорист учуонай, эпосовед, филологическай наука кандидата, Саха АССР наукаларын үтүөлээх деятелэ Иннокентий Васильевич Пухов төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах «Оһуордаах оһуохай үҥкүүтэ» улуустааҕы оһуохай күрэҕэ ыытылынна.

Тэрийээччилэр сарсыарда 10 чаастан Олоҥхо дьиэтигэр кыттааччылары алгыстаах сылаас алаадьынан күндүлүү үөрэ-көтө көрүстүлэр. Сахалыы таҥныбыт мааны ыалдьыттар утуу-субуу кэлэн ураты тыыннаах тэрээһин бириэмэтигэр саҕаланна. Этиэхтэрин-тыыныахтарын баҕалаах оһуохайдьыттар уостарыттан оҕуруолуу тиһиллэн, ийэ тылынан этиллэр өтөрүнэн иһиллибэтэх кэрэкэ тыллар этиллэн тахсан истилэр. Илии-илиилэриттэн ылсыбыт, тоҥолох-тоҥолохторуттан тутуспут оһуохай этээччилэр кыначчыттара чахчы даҕаны, оһуордаах оһуохай үҥкүүтүн оройуттан туттулар, сэгэлдьиһэ хаамыстылар. Дьэ, көрүөххэ хайдах курдук кэрэний, хайдах курдук үчүгэйий, саха киһитэ барахсан ийэ тылынан этэр эгэлгэ этиилэрэ баҕа санаа бастыҥа буоланнар куйаар үрдүккэ кыырайа көттүлэр.

Күрэххэ 4 бөлөҕүнэн барыта 9 оһуохай этээччи кытынна, 5 нэһилиэк аата ааттанна: Мүрү, Суотту, Өлтөх, Курбуһах, 2-с Лөгөй. Түмүккэ оҕолорго Инна Алексеева (Суотту), эдэр ыччаттарга Юрий Стручков (Мүрү), үһүс бөлөххө Агафья Васильева (Курбуһах) кыайыылаах буоллулар. Саамай элбэх кыттааччылаах төрдүс бөлөххө 1 үрдэли Ульяна Бурнашева (2-с Лөгөй), 2-с үрдэли Игнатий Слепцов (Өлтөх), 3-с үрдэли Лилия Слепцова ылары ситистилэр. Уус Алданнааҕы оҕолорго аналлаах реабилитационнай киин саха оҕотун иитиигэ аналлаах бырайыагынан ситимнээх үлэни ыытарынан Олоҥхо дьиэтин тэрээһиннэригэр хаһыс да сылын көхтөөхтүк кыттар. Бүгүн даҕаны 13 киһи кыттан Варвара Сидорова «Түөлбэ оһуохайын тутуһааччы», Мария Федорова «Бастыҥ саҕалааччы»,  коллектив «Бастыҥ кыначчыт» ааттарга тигистилэр.

Төрөөбүт тылбыт билигин хайдах туруктааҕын бары билэбит, ол иһин тыл тыыннаах буоларын туһугар хамсанарга быыһык кэм диэн этэллэр, суруйаллар. Омук быһыытынан оһуохайбытын өрө тутуу ийэ тылбытын харыстааһыҥҥа, кэлэр көлүөнэҕэ чөл тириэрдиигэ ыччат дьоҥҥо тугунан да солбуллубат холобур буолуох этэ. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ оҕо уонна ыччат дьон өттүттэн кыттыы мөлтөҕө төрөөбүт тылбытыгар сыһыаммытын, ыытар үлэбит ситэтэ суоҕун көрдөрдө дии саныыбын. Онон салгыы үлэни тэрийэргэ түмүктэ оҥостуоҕуҥ, тылбыт тыыннаах буоларын туһугар бииргэ буолуоҕуҥ!

 

                                                               Светлана Бурцева, суруналыыс