Саха сиригэр Булчут күнүгэр муус устар 6 күнүгэр II Лөгөй нэһилиэгэр улуустааҕы » Байанай » күрэхтэһиитэ буолла. Тымныы, тыаллаах да күн турдар биэс хамаанда тэринэн кэлэн, аҕыс көрүҥҥэ күрэхтэһэн, булт албастарыгар үөрүйэхтэрин көрдөрдүлэр.
Күрэхтэһиини нэһилиэкпит ытык кырдьаҕас булчута Иннокентий Иннокентьевич Габышев сиэри-туому тутуһан, аал уоту айах тутан, күрэхтэһии этэҥҥэ ааһарын көрдөстө, араҥаччылаата. Күрэхтэһээччилэри улуус баһылыга Василий Аммосов эҕэрдэлээтэ, күрэхтэһиигэ ситиһиилэри баҕарда.
Бастакы түһүмэххэ муус аннынан балыктааһыҥҥа: 1 миэстэ – Тулуна, 2 миэстэ — «Вепрь», 3 миэстэ – Хомустаах хамаандалара буоллулар. Калашников автомат сааны ыһыыга, хомуйууга: 1 миэстэ — «Баабыр», 2 миэстэ – Тулуна, 3 миэстэ — «Вепрь». Үһүс көрүҥҥэ булт быраабылаларын билиигэ тургутар биктэриинэҕэ: 1 миэстэ — «Вепрь», 2 миэстэ — «Баабыр», 3 миэстэ – Хомустаах. Төрдүс ойбону тэһии көрүҥҥэ: 1 миэстэ — «Баабыр», 2 миэстэ «Вепрь», 3 миэстэ – Хомустаах. Уоту оттуу көрүҥҥэ: 1 миэстэ — «Баабыр», 2 миэстэ — «Вепрь», 3 миэстэ – Тулуна. Алтыс көрүҥҥэ саанан ытыыга: 1 миэстэ — «Баабыр», 2 миэстэ – Хомустаах, 3 миэстэ — «Вепрь». Сэттис көрүҥҥэ ох саанан ытыыга: 1 миэстэ -«Вепрь», 2 миэстэ – Бэрт Ууһа, 3 миэстэ – Хомустаах. Ахсыс көрүҥҥэ эстафетаҕа: 1 миэстэ — «Баабыр», 2 миэстэ – Тулуна, 3 миэстэ – Хомустаах. Муҥутуур кыайыылаахтарынан уопсай түмүккэ: 1 миэстэ — «Баабыр» МЧС (50 000 солк.), 2 миэстэ -«Вепрь» Мүрү, (30 000 солк.), 3 миэстэ – Хомустаах (20 000 солк.) хамаандалара буолары ситистилэр.
Анал аат хаһаайыннарынан буоллулар: «Саамай элбэх балыгы хаптарбыт» – Айаал Сергеев, Тулуна (В.Г. Васильев аатынан анал бириис), «Саамай эдэр кыттааччы» – Костя Бечекянов, Хомустаах (Е.С. Васильев аатынан анал бириис), «Аҕам саастаах кыттааччы» – Семен Охлопков, Хомустаах (П.Е. Дегтярёв аатынан анал бириис), «Кыайыыга дьулуурун иһин» – Матвей Новгородов, Иннокентий Габышев, Тулуна («Сатабыллаах хаһаайка» түмсүү анал бириистэрэ), «Уот оттуутугар бастаабыт хамаанда» — «Баабыр» (И.С. Носов аатынан анал бириис), “Ойбону тэһиигэ бастаабыт хамаанда” — «Баабыр»( А.Г. Мигалкин аатынан анал бириис), «Саамай улахан балык» – Айаал Сергеев, Тулуна (Ю.И. Троев анал бирииһэ), «Бэргэн ытааччылар» – Василий Явловский, Урсун Бурнашев, «Баабыр» хамаандата, (Ю.А. Алексеев анал бирииһэ, булчут ыт оҕото), Бэрт- Ууһун хамаандатыгар В.П. Дегтярёв аатынан анал бириис, Тулуна хамаандатыгар улуус үөрэҕин салалтата (сал. С.М. Литвинцев) туруорбут бириистэрин туттардылар.
Уус Алданнааҕы Экология управлениета (бултка лицензия,көтөр маччыыттара), улуус тыатын хаһаайыстыбатын управлениета, ООО «Полистом» (сал. М.М. Никифоров), «Бадаар» маҕаһыын (сал. С.П.Бурцев) харчынан бириистэри туруордулар. Күрэхтэһии кэмигэр оллооҥҥо буспут босхо миини, итии чэйи олохтоох дьаһалта тэрийдэ. Күрэхтэһиини кылаабынай судьуйа Василий Окоёмов иилээн-саҕалаан ыытта, тэрээһиҥҥэ олохтоох култуура киинин уус-уран салайааччыта Гаврил Шепелев күүс-көмө буолла, кылаабынай сэкирэтээр Матрена Терентьева. Өйөөбүт бары тэрилтэлэрбитигэр, биир дойдулаахтарбытыгар, нэһилиэк депутаттарыгар улуустааҕы «Байанай» күрэхтэһиитэ өрө күүрүүлээхтик, үрдүк таһымҥа ааспытыгар истиҥ махталбытын тиэрдэбит!
Александра Васильева