Улууспут делегацията байыаннай дьайыыга кытта сылдьар дьоммутун көрсө айаннаата

Делегацияҕа улуус баһылыга Василий Аммосов, Өнөр нэһилиэгин баһылыга Николай Лукачевскай, Найахы нэһилиэгин баһылыга Петр Слепцов, улуус «Эрэл» аһымал фондатын учредителэ Иван Захаров байыаннай дьайыы буола турар сиригэр биир дойдулаах байыастарбытын көрсө бүгүн Москваттан Новоазовск куоракка айаннаатылар.

Улуус дьаһалтатын көҕүлээһининэн байыастарбытыгар гуманитарнай көмө хомуллубута. Онно чопчу аадырыстаммыт 24 баһыылка, 10 уопсай көмө баһыылка барыта холбоон 1 тонна кэриҥэ таһаҕас айаннаата. Дойдубут чиэһин көмүскүү сылдьар дьоммутугар Өлтөх, Мүрү, Бороҕон, Өспөх, Бэрт Ууһун, Өнөр, Курбуһах, Дүпсүн нэһилиэктэрин дьаһалталара, Тумул орто оскуолата, «Мүрүчээнэ» оҕо тэрилтэтэ, улуустааҕы психологическай киин, улуустааҕы ис дьыала отдела уонна республикатааҕы «Якутия с тобой» уопсастыбаннай хамсааһын таҥас-сап, тус гигиена малын, хаххалыыр сиэккэлэри өрөн бэйэлэрин көмөлөрүн ууннулар.

Ону тэҥэ улуустааҕы ис дьыала отдела 50 тыһыынча суумалаах харчынан көмөтүнэн алта устуука рация ылылынна. «Эрэл» фонда үбүттэн 100 устуука саха быһаҕын, 20 тепловизоры уонна 70 устуука улуус былааҕын, харысхаллары гуманитарнай таһаҕаһы кытта туһуламмыт дьоммутугар тиэрдиэхтэрэ.

Мария АРГУНОВА