Бэйэлэрин кэмнэригэр үлэ үөһүгэр сылдьан баран, билигин биһиги олорор олохпутун тутуспут, тэлсибит аҕам саастаах дьоҥҥо болҕомто ууруллара барыбыт ытык иэспит буоллаҕа. Ураты болҕомтону эрэйэр саастаах дьоҥҥо улууспутугар ханнык-туох өйөбүл оҥоһулларын араас эйгэ тэрилтэлэрин үлэһиттэрин кытта кэпсэтэн билсиэххэ.
Валентина ФЕДОРОВА, улуустааҕы социальнай харалта салаатын сэбиэдиссэйэ:
– Билигин социальнай харалта учуотугар 65 саастаахтан үөһээ 2 668 кырдьаҕас баар. Сүрүн болҕомтобутун соҕотох олорор, бэйэтин кыаммат буолбут кырдьаҕастарбытыгар, инбэлииттэрбитигэр уурабыт. 2013 с. “Иитэр дьиэ кэргэн” диэн көдьүүстээх бырагыраама киирбитэ. Ол аата, бэйэтин кыаммат, көрөр-истэр киһитэ суох хаалбыт кырдьаҕас көрдөрөр киһитин (аймаҕа буолуон сөп) булунан, бары ирдэбилгэ бэрэбиэркэни аастаҕына, көрөр киһиэхэ дуогабар быһыытынан харчы төлөнөр. Көрөр киһи (ыал) дьиэтин иэнэ эппиэттиир, быраастан ыспыраапкалаах, сууттана сылдьыбатах буолуохтаах. Маннык бырагыраама 2021 с. I гр. инбэлиит дьоҥҥо эмиэ үлэлиир. Билигин «Иитэр дьиэ кэргэҥҥэ» 11 кырдьаҕас көрүллэн олорор. Соцүлэһиттэрбит 200-тэн тахса кырдьаҕаска көмөлөһөн үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Улуус иһинэн 31 үлэһиттээхпит. Күн аайы 7-8 кырдьаҕаска бородуукта таһыытыттан саҕалаан, сууйуу-сотуу, муустарын-мастарын, ууларын киллэриигэ, оһохторун оттууга, тэлгэһэ хаарын күрдьүүгэ тиийэ ыарахан үлэҕэ сылдьаллар. Ону таһынан, кэпсэтэн-ипсэтэн саастаах дьоммутун олоххо тардыһыыларын күүһүрдэр соруктаахтар.
Марианна БЕРЕЖНЕВА, култуура управлениетын салаатын сэбиэдиссэйэ:
– Хас биирдии нэһилиэктэргэ култуура тэрилтэлэрэ: сынньалаҥ кииннэрэ, бибилэтиэкэлэр, мусуойдар араас хабааннаах интэриэһинэй тэрээһиннэри быыстала суох ыыталлар. Ону таһынан, култуура эйгэтин иһинэн 55-тэн үөһээ саастаах дьоммутугар анаммыт 100 түмсүүлэрбитигэр барыта 1 438 аҕа саастаахтарбыт хабыллаллар. Кинилэри кытта бииргэ алтыһан, саастаах дьоммут сэргэхсийэн, талааннарын киэҥ эйгэҕэ таһааран, туох сатабыллаахтарынан уопсастыбаҕа көмө буолалларын, быһатын эттэххэ, олоххо тардыһыыларын күүһүрдэр сыаллаах айа-тута үлэлиибит.
Саргылана НИКИТИНА, улуустааҕы психологическай киин салайааччыта:
– Психологическай киин Уус Алданнааҕы салаатын психологтара аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн уонна күннэтэ сурутуунан саастаах дьоммутугар анаан ис турук, уйулҕа чөлүгэр түһүүтүгэр, долгуйуу, ыгылыйыы буолуутун уҕарытыыга, биэнсийэҕэ тахсан социумтан хаалан хаалбаттарын туһуттан, дьарыктаах буоларга, сиэннэрин иитии боппуруоһугар араас психологическай дьарыктары, биирдиилээн консультациялары ыытабыт. Түмсүүлэр ыҥырыыларынан иискэ, илиинэн оҥоһуктарга маастар кылаастары тэрийэбит.
Олег ФЕДОРОВ, улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ:
– Улуустааҕы социальнай көмүскэл, пенсионнай пуонда, култуура, үөрэхтээһин салалталарын, нэһилиэктэр баһылыктарын кытта саастаах дьоммутугар Кыайыы күнүттэн саҕалаан бэлиэ дааталары бэлиэтээн, үгүс тэрээһиннэри ыытабыт. Нэһилиэктэринэн бэтэрээннэр спартакиадаларын ыытабыт, сэтинньигэ саҥа успуорт дыбарыаһыгар ыытаары бэлэмнэнэбит. Былырыын өрөспүүбүлүкэҕэ бэтэрээннэр спартакиадаларыгар 2-с, быйыл 5-с миэстэҕэ тиксибиппит. Быйыл Аммаҕа туристическай хабааннаах күрэхтэһиигэ бастаабыппыт. «СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ» диэн аакка сылга биир квоталаахпыт. «Улуус бочуоттаах бэтэрээнэ» диэн сылга үс киһиэхэ бэриллэр бэлиэ олохтообуппут. 90 саастаахтарга «Ытык саас» диэн бэлиэни туттарабыт. Быйыл биэс кырдьаҕаһы наҕараадалаатыбыт. Үйэтитиигэ быйыл Дүпсүҥҥэ ППМИ сэриигэ барбыт буойуттарбытыгар икки искибиэр оҥоһулунна. Кинигэ таһаарыытыгар бэйэбит кылааппытын киллэрэбит.
Мария Аргунова