Бүгүн Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах «Ийэ тылым – омугум тыына» тэрээһин Уус Алдан улууһун, Лөгөй уонна Чурапчы улууһун Бахсы нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, Россия суруналыыстарын союһун чилиэнэ, Саха Республикатын киинэтин ветерана, суруналыыстар республикатааҕы бириэмийэлэрин «Кыһыл көмүс бөрүө» уонна «Илин эҥэр» экономическай зона олохтообут В.В. Никифоров –Күлүмнүүр аатынан бириэмийэ лауреата, хомоҕой тыллаах хоһоонньут Иван Попов–Уйбаан Бахсылыырап төрөөбүтэ 75 сылыгар ананан ыытылынна. Кини кэриэһигэр «Сахам сайдам саҥата» диэн хоһооннорун дорҕоонноохтук ааҕыы күөн-күрэс С.С. Васильев–Борогонскай аатынан киин библиотекаҕа тэрилиннэ. Күрэскэ бастакы бөлөххө 8-с, 9-с, 10-с, 11-с кылаас үөрэнээччилэрэ, иккис бөлөххө улахан дьон кытыннылар.
Күөн-күрэс түмүгүнэн оҕолорго биирдиилээн ааҕыыга 1-кы үктэл – Валентин Новгородов (Хомустаах), 2-с үктэл – Олеся Крылова (Чараҥ), 3-с үктэл – Надя Ханчаева (Чараҥ) уонна биһирэбил бирииһи Айтал Мигалкин (Мүрү) ылан үөрдүлэр-көттүлэр. Бөлөҕүнэн ааҕыыга Мындаабаттан уолаттар бөлөхтөрө кыттан биһирэбил бирииһинэн бэлиэтэннэ.
Улахан дьоҥҥо 1-кы үктэлгэ – Афанасий Бурцев (Майаҕас), 2-с үктэлгэ – Розанна Дегтярева (Тулуна), 3-с үктэлгэ Лена Избекова (Хомустаах), биһирэбил бириискэ Вера Сивцева (Мындааба) уонна бөлөҕүнэн ааҕыыга «Олоҥхо дьиэтэ» этно-культурнай киин бөлөҕө кыттан биһирэбил бириискэ тиксэннэр үөрүү өрөгөйүн биллилэр.
Күн иккис аҥаарыгар дьоро күн үөрүүлээх чааһа буолла. Найахыттан уолаттар бөлөхтөрө кэлэн тэрээһини уус-уран ааҕыынан арыйдылар. Ол кэнниттэн сценаҕа Мүрү 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын күпсүүрдьүт уолаттара тахсан дирбийэн-дарбыйан оонньоон көрөөччүлэри сэргэхситтилэр. Салгыы бу бэлиэ күнүнэн Уус Алдан улууһун баһылыгын солбуйааччы Анатолий Сторожев, Мүрү нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Вероника Сивцева, үөрэх улуустааҕы управлениетын начальнига Степан Литвинцев уонна «Кэскил түһэ» ийэ тыл түмсүүтүн салайааччыта Светлана Бурцева истиҥник эҕэрдэлээтилэр.
Бүгүҥҥү тэрээһин сонун көстүүтүнэн Уус Алданнааҕы оҕоҕо аналлаах социальнай реабилитациялыыр киин үлэһиттэрэ көрдөрбүт «Былыр уонна быйыл» дьүһүйүүлэрэ буолла. Ол курдук «Көмүлүөк тула», «Отчуттар», «Суоллааҕы көрсүһүү» көстүүлэр биһиги Ийэ тылбыт баайа былыргыттан быйылгыга диэри хайдах уларыйан тиийэн кэлбитин итэҕэтиилээхтик көрдөрөн көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылыахтарын ыллылар. Тыл уобараһын толорбут Наталья Гуляеваны дьон олус сөбүлээтэ. Кэрэхсибиллээҕэ диэн – бу тэрилтэ үлэһиттэрэ уонна иитиллээччилэрэ бары кыттыбыттара, уус-уран уустук тыллардаах этиилэри бары өйтөн ааҕан толоруулара буолар. Дьүһүйүүнү суруналыыс, суруйааччы Светлана Бурцева-Суугунай Чараана суруйбут, туруорбут. Чахчы, билиҥҥи тыл кыһалҕатын таарыйар, инникигэ эрэли үөскэтэр сонун туруоруу эбит. Сценаҕа тэрилтэ салайааччыта Иннокентий Сергеев тахсан мустубут дьону эҕэрдэлээтэ, коллектив аатыттан дьүһүйүү дьон дьүүлүгэр тахсыбытынан Светлана Бурцеваҕа махтанан туран сибэкки дьөрбөтүн туттарбыта ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.
Салгыы сценаҕа Уйбаан Бахсылыырап олоҕун, айар үлэтин кэпсиир монтаһы «Кэскил түһэ» ийэ тыл түмсүү кыттыылаахтарын толордулар. Маны таһынан «Уһуктуу» литературнай түмсүү хоһоонньуттара бэйэлэрин хоһооннорун ааҕыылара, эҕэрдэ нүөмэрдэр кэрэтик иһилиннилэр. Тэрээһин Уйбаан Бахсылыырап хоһоонун күргүөмүнэн ааҕыынан түмүктэннэ.