СВО-ҕа сылдьар биир дойдулаах­тарбытыгар Уус Алдан улууһун аатыт­тан 425 киилэ гуманитарнай көмө айаннаабыта. Бу көмөҕө улуус олохтоохторо бүттүүн түмэн ыыппыт хаххаланар сиэккэлэрэ, ис-тас таҥас, сибиэһэй эт, балык, о.д.а. баар.

Көмөнү «Эрэл» пуонда учредителэ Иван Захаров уонна Лөгөй нэһилиэ­гин сэбиэтин депутата Дмитрий Шарков сэтинньи 22 күнүгэр Москваҕа илдьэ тиийбиттэрэ уонна эбии наадалаах малы-салы, таҥаһы-сабы булан-талан, атыылаһан, Иван Иванович Новоазовск куоракка бэҕэһээ, сэтинньи 28 күнүгэр, сарсыардаттан айаннаан эрэбин диэн биллэрбитэ.

Оттон тугу атыыласпыттарын, бул­буттарын туһунан маннык иһитиннэрдэ:

– Москваҕа кэлэн барыта 60 кэмпилиэк таҥаһы-сабы, туттар малы атыыластыбыт. Ол курдук биир кэмпилиэккэ рюкзак, саппыкы, утуйар мөһөөччүк, үстүү паара ис таҥас, наскы, термобелье, перчатка, бэргэһэ, кыһыҥҥы куртка, ыстаан кэмпилиэгэ, ардахтан харыстыыр пончо, улахан тыастан наушник, газ оһох, газ баллон, муль­титул, 50 000 мАч кыамталаах портативнай зарядник, фонарик хомуйдубут. Итиннэ, быһа холоон эттэхпинэ, 800-чэкэ тыһ. солкуобайы ороскуоттаатыбыт. Ону таһынан 80 тыһ. суумаҕа блиндаж сылытарга дизелинэн, уоту­нан, аккумуляторынан даҕаны үлэ­лиир обогревателлары ыллыбыт, теп­ловизор, прибор ночного видения, рация, детектор БПЛА диэннэри эмиэ атыыластыбыт. Өссө уолаттар тус са­йаапкаларын толоро сатаатыбыт, холобур, улуустан көмөҕө суох эмтэри, кыра керосиновай лаампаҕа фитиль сакаастаа­быттарын ыллыбыт уонна 2-с Лөгөй нэһилиэгин баһылыга Тулунаттан сылдьар байыаска анаан генератор сакаастаабытын, сууматын аҥаарын “Эрэл” фондаттан уйунан буллубут.

Манна биһиэхэ Кэптэни уола Ньургуян Нафанаилов уонна 2 тонналаах грузовиктаах Бэйдиҥэ уола Анатолий Татаринов улаханнык көмөлөстүлэр, дойдубутуттан илдьэ кэлбит аспытын-үөлбүтүн Анатолий дьиэтигэр ларьдарга угаммыт харайыыга кыһалҕаны көрсүбэтибит.

Ити курдук, 1,5 тонна кэриҥэ таһа­ҕаһы илдьэ Новоазовскайга Саха Рес­публикатын тирэх пуунугар эрдэ тиийэн түһэр сир булан, көмөбүтүн наардаан, уолаттары көрсөр маршруппутун оҥоро туруохтаахпын, оттон 29-с чыыһылаҕа улуус дьаһалтатыттан Иннокентий Троев уонна 1-кы Өспөх нэһилиэгин баһылыга Михаил Домотов Москваҕа кэлэн постпредствоҕа сылдьан, Новоазовскайга ахсынньы 1-2 күннэригэр тиийэллэрэ былааннанар. Оччоҕо дьэ 60 уолбутун көрсөр, кинилэргэ көмөбүтүн тарҕатар үлэбит саҕаланыаҕа.

Бэйэб. иһитинн.