Улуус дьаһалтатын бүгүҥҥү планеркатыгар 2013–2023 сс. улуус баһылыга Алексей Федотов уонна баһылыгы солбуйааччынан үлэлээбит Петр Сивцев, Семен Бурнашев кыттыыны ыллылар.
Алексей Федотов улуус салалтатыгар саҥалыы тэриллэн үлэни саҕалаабыт хамаандаҕа улууһу сайыннарыыга ситиһиилэри баҕаран, олох-дьаһах туруктаах буолуутун хааччыйар хас биирдии салааҕа туохха күүстээх болҕомтону ууруохха наадатыгар, туох-ханнык үлэ инники күөҥҥэ тутуллуохтааҕар бэйэтин көрүүлэрин, сүбэ-соргу тылларын эттэ. Түмүккэ Уус Алдаммыт чэчирии сайдарын туһугар биир санаанан биир сомоҕо буолан күүскэ үлэлииргэ баҕа санаатын тиэртэ.