Уһун Күөл оскуолатыгар үөрэнээччилэри үлэҕэ сыһыараллар, көҕүлүүллэр

Уол оҕо кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ эриллэн-мускуллан, дьиэ ис-тас улэтигэр сыстан, аҕатын, эһэтин, эр киһи аймаҕын батыһа сылдьан көрөн-истэн үөрэммит буоллаҕына, оннук оҕоттон олоххо бэлэмнээх эр киһи тахсара саарбаҕа суох. Оҕону үлэнэн иитии, бастатан туран, дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Ону таһынан, кэнники кэмтэн оскуолаҕа оҕону үлэнэн иитиигэ болҕомто күүскэ ууруллар буолла.

Уһун Күөл оскуолатыгар эмиэ, онтон туора турбакка, үөрэнээччилэри үлэҕэ уһуйаллар. Холобур, кыстыкка бэлэмнэнии үлэтигэр сыһыаран, биир көхтөөх тэрээһининэн муус ылыытын тэрийэллэр. Онон оҕолор оскуолаҕа кыһыны быһа иһэр ууларын хааччыйалар уонна бэтэрээн учууталларыгар И.И. Бурцевка, В.М. Заровняеваҕа, Н.М. Стрекаловскаяҕа муус ылан биэрэллэр.

– Маны барытын оскуолабыт эр дьон үлэһиттэрэ иилээн-саҕалаан тэрийэн үлэлээтилэр. 10-11 кылаас үөрэнээччилэриттэн Милан Босиков, Павел Куприянов бэйэлэрин кыахтарынан уопсай үлэттэн туора турбакка көмөлөстүлэр. Кинилэр үтүө холобурдара инникитин атыттарга холобур буолан ыҥырыа-угуйуо. Күргүөмүнэн үлэҕэ көхтөөхтүк кыттыы – патриотизм биир көстүүтэ. Онон Миланнаах Павелга уонна кинилэр төрөппүттэригэр махталбытын биллэрэбит, уолаттарга оскуола уопсай фондатыттан бэлэх туттардыбыт. Мантан иннэ үтүө быһыыны оҥорбут, улахан көмөнү оҥорбут үөрэнээччилэри маннык бэлиэтиир буолуохпут, – диэн дириэктэр Наталья Турантаева иһитиннэрдэ.