«Уһуктуулар» ситиһиилээх кэллилэр

Уус Алдан айар куттаахтарын «Уһуктуу» түмсүүтэ (сал. Галина Аммосова) өрөспүүбүлүкэ  литературнай  түмсүүлэрин «Сандал саас кэрэтэ» диэн дьоро тэрээһинигэр кыттан кэллэ. Тэрийээччи «Иэйии» өрөспүүбүлүкэтээҕи коммерческайа суох тэрилтэ (сал. Илья Афанасьев-Алмаас) олус кыһаллан, айымньылаахтык бэлэмнэнэн көрүстэ, тэрээһини үрдүк таһымнаахтык ыытта. Тэрээһин иһинэн “Хааһахха хаайтарбат талааннар” диэн күрэс биллэриллибитэ. Тэрээһиҥҥэ Алдан, Сунтаар, Таатта, Ньурба, Хаҥалас, Дьокуускай хамаандалара кытыннылар.

Улуус хамаандата 5 түһүмэххэ олус үчүгэйдик кытынна. Хамаандаҕа талааннаах эдэр дьон Игнатий Слепцов, Борис Лугинов бааллара дьон болҕомтотун тарта. Онно эбии түмсүүгэ саҕаланыаҕыттан, ол аата 25-с сылын сылдьар Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына уонна быйыл саҥа киирбит Ольга Татаринова-Чуораайытта бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, хамаанда ситиһиилээхтик кытынна.

Күрэс түмсүү бэйэтин билиһиннэриититтэн саҕаламмыта. Манна түмсүү тэриллибит историятын, түмсүү тумус туттар дьонун уонна хамаанда биирдиилээн дьонун билиһиннэрии, ону айымньылаахтык тиэрдии сүрүн болҕомтоҕо турбута. “Уһуктуулар” бэйэни билиһиннэриилэрэ хас да түһүмэхтээх, толору, сонун, сэргэх ис хоһооннооҕунан бастыҥ буоларын күргүөмнээх ытыс тыаһа, “маладьыастар” диэн сыанабыллар туоһулаатылар. Иккис түһүмэх – эҕэрдэ нүөмэр. Манна кыттыбыт Бэйдиҥэтээҕи култуура киинин салайааччыта Игнатий Слепцов ырыата истээччилэр куттарын туппута,“браво!” хаһыынан доҕуһуолламмыта. Ситэрэн эттэххэ, хоһоонньуттар ортолоругар ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр элбэхтэр эбит, кэлбит дьон барыта ырыа аайы ойон туран көхтөөхтүк үҥкүүлээтэ. Үһүс түһүмэх – сэлээппэ көрүүтэ. Дьон толкуйа сөхтөрөр, кырачаан-улахан, кыһыҥҥы-сайыҥҥы, кыл-кумааҕы – барыта баар, киэргэтиитэ биир оннук. Бу да сырыыга “уһуктуулар” бастыҥнарын ыытааччы бигэргэтэн, Игнатий Слепцов көрдөрбүт үрүҥ туллуктарынан тулаламмыт кыл сэлээппэтин бастыҥынан ааттаата, өйдөбүнньүк бэлэх туттарда. Уолбутун кытта хаартыскаҕа түһээри уочарат буолла диэтэххэ омун буолбат. Сэлээппэни түмсүү чилиэнэ, норуот маастара, Байаҕантай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Наталия Андросова оҥорбута.

«Кэрэ саас» тиэмэтигэр тута хоһуйуу күрэҕэр “Кус” диэн тыл түбэспитэ. Борис Лугинов тута тиспит строкалара кусчут эр дьону долгуппут буолуохтаах. Бүтэһик түһүмэҕинэн быыстапканы көрүү буолла. Айар талааннаах дьон оҥоһуктарынан быыстапкалар бары да тэҥ баайыылаахтар. Бэчээттэммит үлэлэри таһынан иис, баайыы, оҕуруонан оҥоһуктар, уруһуйдар, хаартыскалар, симэхтэр, күрэхтэһии мэтээллэрэ айар кут тылынан эрэ буолбатаҕын туоһулаатылар. “Уһуктуулар” быыстапкаларыгар түмсүү бэчээттэммит кинигэлэрэ, “Тандам Ытык Томторо” диэн кыбытыгынан иистэнээччилэр куолаан үлэлэрэ – субу турар гына оҥорбут көбүөрдэрэ (сал. Н.Е. Андросова), Агафья Сивцева оҥоһуктара, Мария Иванова саахымат көбүөрэ дьүүллүүр сүбэ уонна кыттааччылар болҕомтолорун ордук күүскэ тартылар.

“Уһуктуу” салайааччыта хамаанда ситиһиилээхтик кыттарыгар көмөлөспүт, сүбэ-ама буолбут түмсүү бары чилиэннэригэр, массыынанан көмөлөспүт култуура управлениетыгар, начаалынньыгы солбуйааччы Сайыына Стручковаҕа махтанна.

Бастыҥтан бастыҥынан Таатта Игидэйин сэттэ киһилээх хамаандата ааттанна, бары түһүмэххэ биир тэҥ үчүгэйдэр. Атын миэстэ диэн таһаарбатылар, анал ааттары туттардылар. “Уһуктуу” түмсүү кыттыыта таһымнаах, дьоһун. Ол да иһин иккис миэстэҕэ тэҥнээх “Ситиһиилээх хамаанда” диэн суругунан, анал бэлиэнэн, Уйбаан Уххан тус бэйэтин бирииһинэн наҕараадаланан, өрө көтөҕүллэн кэллэ. Онон 25 сыллаах үбүлүөйүн көрсө бэртээхэй бэлэх оҥоһунна.

Клара Троева