Сахалар көс омук буолбатахпыт, урукку кэмнэртэн алааһынан түөлбэлээн олорбуппут. Онон ынах сүөһүнү, сылгыны ииттэн олохторун-дьаһахтарын көрүннэхтэрэ. Ол иһин сиргэ хаһаайынныы сыһыан диэн төрүт үгэс быһыытынан иҥэн сырыттаҕа. Онтон Сэбиэт былааһа олохтонон, саҥа олох оҥкула ууруллан бөдөҥсүтүү баран, алаастартан тэйии саҕаламмыта. Холкуос, сопхуос тэриллэн, сорох алаастар сайылык быһыытынан иккис тыыннарын ылбыттара. Ити эрээри, олох биир сиргэ турбат, уларыйыы-тэлэрийии кэлэн, аны сопхуостар ыһыллыбыттара. Эмиэ алаастарга талаһыы саҕалламмыта. Онтон олохпут олох атыннык салаллан барыытыгар алааска тулуурдаахтар, сатабыллаахтык тэриммиттэр эрэ хааллылар.
Бэрт Ууһун нэһилиэгэр “Мэкэри” диэн хаһаайыстыба баарын 2000-ча сыллар саҕаланыыларыттан истэбин-билэбин. Бу биир дьиэ кэргэн удьуордаан тутан олорор хаһаайыстыбата диэтэххэ улахан сыыстарыы буолбата буолуо. Хаһаайыстыбаны тэрийбит киһинэн Черкашиннар диэн халыҥ аймах бас-көс киһитэ Гаврил Черкашин буолар. Кини үлэһит буолуоҕуттан тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит киһи быһыытынан сопхуос ыһыллыытыгар бааһынай хаһаайыстыба тэринэн нэһилиэгин дьонун үлэнэн хааччыйа олорбута. Биир сайын мин кини хаһаайыстыбатыгар ыалдьыттаан турабын. Оччолорго хаһаайыстыба аата “Хаҥа” диэн этэ. Үлэтин хайысхатын уларытан бурдук, оҕуруот аһын үүннэрэн эрэрэ. Онтон бурдук үүннэрэр буоллахха, сылгы ииттэргэ табыгастаах эбит диэн Мэкэри сайылыгы сөргүтэн, онно сүрүн олорор, үлэни-хамнаһы тэрийэр сир оҥостон, билигин онно сылгы үөрэ тоҕуоруһар буолла.
Удьуор утумуттан тирэҕирбит “Мэкэри”
Гаврил Гаврильевич билигин үлэттэн тэйэн хаһаайыстыбаны уолугар Олегка олоччу туттаран, утума салҕанан баран иһэр. Олег Черкашины да үчүгэй, тэрээһиннээх үлэһит диэн уруккуттан истэбин. Аҕыйахта мунньахтарга түбэһэн, тылын-өһүн олус сэргээбиттээҕим. Онон анаан көрсөн кэпсэтэр баҕа баара да, түгэн көстүбэтэҕэ. Ол эрээри, санаабыт санаабын ситэн, Мэкэри сайылыкка ыалдьыттаан кэллим. Бэрт Ууһа уонна Курбуһах төһө да үйэлээх сааспыт тухары ыаллаһан олордорбут, сайылыктарын уруккуттан билэттээтэрбин, манна сылдьыбатах сирим эбит.
Хаһаайын хайдаҕа тэлгэһэтиттэн биллэр дииллэринии, Мэкэри сайылыкка илин аартыгынан киирэн иһэн халдьаайы өттүгэр урукку сопхуос саҕанааҕы типовой сайылык уопсай дьиэтин санатар дьиэ оччотооҕуга курдук сэнэхтик турарын сэргии көрдүм. Дьиэ сэргэх көрүҥнээҕэ, тулата ырааһа мэлдьи көрүллэрин-истиллэрин көрдөрөр. Оттон куулаҕа ким эрэ анаан олордубутун курдук, хас да эрээтинэн кэккэлэспит кыракый хатыҥ чараҥ таһыгар саҥатык тутуулар кэккэлээбиттэр. Билиҥҥи хаһаайын сүрүн олоҕо бу эбит. Куула, халдьаайы ыаллардаах дьиҥнээх алаас киэбэ харахпар ойууланна, арай тутуулара билиҥҥи кэм сиэринэн уратытык көстөллөр.
Тиийээт да хатыҥнары сэргии көрөн Олегтан: ”Бэйэҕит олордубуккут дуо?” – ыйыттым. “Ээ, суох, айылҕа бэйэтэ үүннэрбит хатыҥнара. Оҕо сааһым бу сайылыкка ааспыта. Бу хатыҥнар тастарыгар тыа сирин оҕотун сиэринэн ыстаап туттан хорҕойор сирим этэ. Ол иһин оҕо сааспар тардыһан хатыҥнарым тастарыгар дьиэ-уот тутуннум”, – диэн күлэ-үөрэ хоруйдаата.
Олег хаһаайыстыбатын туһунан кэпсээн саҕалыырыгар аҕатыгар Гаврил Гаврильевич Черкшиҥҥа улаханнык махтанарын эттэ: ”Бу хаһаайыстыбаны бастаан аҕам тэрийэн, бөҕө тирэхтээн, миигин үлэҕэ сыһыаран, салгыы эрэнэн туттардаҕа дии. Ону бэйэм көрүүлэрбин киллэрэн сайыннара сатыыбын. Билигин 150 сылгылаах “Мэкэри” диэн племенной хаһаайыстыба буолан үлэлии-хамсыы олоробун. Бастаан ынах сүөһү эмиэ баара. Ону эти оҥоруу эмиэ сайдыахтаах диэн санааттан үүтү ыыртан тохтоон, 50-ча субай сүөһүнү тутабын. Ол аата ыраас эккэ үлэлэһэбин”.
Биир да чаас уруок ыыппатах учуутал
Мин Олегы тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ буолан бу салааҕа бэрткэ үлэлии сылдьар дии саныырым. Ону баара идэтинэн химия уонна биология учуутала эбит. Ол эрээри, учуутал быһыытынан биир да чаас уруок ыыппатах. Практикалана сылдьан учууталлаан ииттинэр киниэнэ буолбатаҕын өйдөөбүт. Үөрэҕин бүтэрэн кэлбитин кэннэ ийэтэ: ”Тыа сиригэр олорорго, үлэлииргэ ыарахан буолуо, киин сиргэ куоракка барыҥ”, – диэбит. Саҥа ыал буолбут дьон ону ылынан куоракка киирэн үлэ булан үлэлээн испиттэр. Олег ол сылдьан тоҕо эрэ олох тэһийбэтэх, куоракка кута-сүрэ тохтооботох, өрөбүл буоллар эрэ Сыырдаахха кэлэ турар эбит. Аҕата буоллаҕына: ”Тыа сиригэр үөкээбитиҥ, манна хаал. Үлэһит киһи хаһан да өлөн-охтон биэриэ суоҕа», – диэн этэр эбит.
Ол этии Олег өйүгэр-санаатыгар хатанан хаалан, дойдутугар тохтоон үлэлээн-хамсаан, билигин бэйэтин хайдах баҕарар толору көрүнэн олорор хаһаайыстыбаны тэриммит. Онтон астынар да көрүҥнээх: ”Оскуолаҕа сылдьан үөрэхпэр үчүгэй этим. Ол да иһин, оҕотук санаабар, учуутал буолар баҕа киирдэҕэ буолуо. Оттон сааһыран истэҕим аайы тыа сиригэр, тыа хаһаайыстыбатыгар тардыһарым күүһүрэн бу үлэлии сырыттаҕым. Итиннэ аҕам оруола улахана биллэр», – диэн санаатын үллэстэр.
Итинник предметник учууталлар тыа хаһаайыстыбатыгар талаһан ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ, үлэлии сылдьаллара арааһа уон тарбах иһинэн буолуо. Социалистическай Үлэ Дьоруойа, биллиилээх ыанньыксыт Петр Яковлев ботаника учууталынан үлэлээбитин билэбин.
Онон тыа сиригэр тыа хаһаайыстыбатыгар да үлэни сатаан тэрийдэххэ олоруохха сөптөөҕүн Олег Черкашин көрдөрө сылдьар дии саныыбын.
Олег Черкашин ураты санаалара
“Мэкэри” хаһаайыстыбаҕа билигин кыстыгы туоруур от бэлэмигэр күүстээх үлэ барар турар. Кураан күннэри баттаһа бүтэрэр соруктаахтар. Билигин ходуһаҕа 6 тыраахтар үлэлии сылдьар. Куораттан, Бороҕонтон аймахтар кэлэннэр көмөлөһө сылдьаллар. Былааннара – 300 тн. Былырыын өҥ сайын буолан 500 тн оттообуттар. Онон кур ото элбэх. Быйыл да үүнүү куһаҕана суох эбит, былааны холкутук толорорбут буолуо дэһэллэр.
Аҕыйах хонуктааҕыта “Мүрү-Ас” тэрилтэ дириэктэрэ Владимир Колесовтыын кэпсэтэрбэр: ”Дьон төрүт аска болҕомтолорун уурар буолбуттар, үрүҥ ас атыыга хамаҕатык барар буолла”, – диэбитэ. Онтон Олег Черкашиҥҥа тиийэммин эмиэ оннук курдук санааны иһиттим. Кини хаһаайыстыбата эти оҥоруунан дьарыктанар. Урукку сылларга эт куоратынан, тыанан бэрт ыараханнык барар эбит буоллаҕына (чуолаан ынах этэ), билигин былдьаһык буолбут. Олег онон эт батара диэн куоракка киирбэт буолбута ырааппыт. «Тоҕо оннук буолла?» диэн ыйыппыппар: ”Дьон тыа сирин иҥэмтиэлээх этин, доруобай аһы сыаналыыр буолла. Соҕурууттан араас эбилигинэн аһаабыт сүөһү этэ кэлэн саха киһитин этигэр-хааныгар иҥэрэ кыратын өйдөөтүлэр. Онон үлэлээбит көлөһүнүҥ тиллэр кэмнэрэ кэллилэр”, – диэтэ.
Олег Черкашин 43 саастаах эдэр киһи эрээри, бэрт дьоһуннук толкуйдуур эбит. Куруутун айылҕалыын алтыһа сылдьар буолан, күн-дьыл да хаамыытын сылыктыыр дьоҕурдаах буолсу. Аны тоҕо алааска сайылыы кэлбитин маннык быһаарар: ”Алааска күн бытааннык ааһар курдук. Ол иһин үлэни-хамнаһы аттаран күнү толору туһанарга олус бэрт. Оттон бөһүөлэккэ киирдэххинэ, мэлдьи ыксыы сылдьаҕын уонна тугу да ситэри бүтэрбэккин”.
Ходуһа оттоммутун кэннэ сылгыны онно киллэрэр сөптөөҕүн этэр. Ол курдук олорор алааһыттан урут дуоннаах оту ылбат эбит. Онтон от үлэтин кэнниттэн сылгыны киллэрэн аһатар буолуоҕуттан от үүнүүтэ тупсубут. Холобур, быйыл кураан диир сайыммытыгар былырыыҥҥытын саҕа оту ылбыт. Ити аата айылҕа ситимэ буолара дуу?
Тыа сирин удьуор үлэһитэ Олег оттуурун саамай сөбүлүүр үлэтинэн ааттыыр. “Үлэҥ түмүгэ тута көстөн иһэр”, – диир. Кырдьыга да, оннук ээ. Үүнүүлээх ходуһаны тэлгэччи оҕустаран кэбиспиттэрэ, онтон мунньан субууну субуруппуттара, ол кэнниттэн рулоннаан кэчигирэппиттэрэ барыта туспа көстүү буолан үлэҥ түмүгэ тахсан иһэрэ, кырдьык, да ураты көстүү буоллаҕа. Итинник санааны төрөөбүт дойдутун, алааһын ис сүрэҕиттэн таптыыр эрэ киһи этиэн сөп.
Бүччүм санаата олоххо киирдэр
“Мэкэри” хаһаайыстыба племенной буолан сылгытын хаана тупсарыгар үлэни мэлдьи ыытар. Ол туһуттан Олег дьиҥнээх саха сылгыта баар сиригэр Өймөкөөҥҥө, Дьааҥыга элбэхтик барбыт-кэлбит, онон сылгытын хаана лаппа тупсан эрэрин этэр. Ол иһин үчүгэй биэттэн үчүгэй кымыс оҥоһуллар диэн санааттан онно ылсан эрэр эбит. Талан-талан саамай үүттээх Кымыстыыр уонна Ыһыахтыыр диэн ааттардаах икки биэни ыыр. Олор күҥҥэ 7-лии кг үүтү биэрэллэр. Онтон элбэх кымыһы оҥоруохха сөп диир. Аһытыытын хайдах оҥорору, саамай бастыҥын, билиҥҥи ырыынакка сөп түбэһэрин билээри, булаары эмиэ элбэхтик араас сирдэринэн сылдьыбыт. Онон ити бүччүм санаатын олоххо киллэрэн, хаһан эрэ Бээрийэ кымыһа сураҕыран испитин курдук, маҕаһыын, ырыынак аайы Мэкэри кымыһын ыйыталаһар кэмҥэ тиэртэр ханнык.
Киһи аймах бу сиргэ баар буолуоҕуттан сиргэ хаһаайынныы сыһыаны олохтоон чэчирэтэн кэллэҕэ. Онтон саха былыр-былыргыттан илдьэ кэлбит төрүт үгэһэ ынах, сылгы ииттиитэ буолар. Ол иһин аҕа уустарынан алаастарынан, үрэхтэринэн түөлбэлээн олордохторо. Ону сайдыы уххана түөрэ уларытан. Ол олохторо өтөхсүйэн хааллахтара, ким эрэ олорон ааспыт бэлиэтин эрэ кэрэһилээн эрдэхтэрэ. Оттон өбүгэ сиригэр төннүү, удьуор үлэһит үгэһин салҕаан, төрүт дьарыгы өссө сайыннарар бу – саха омук барҕа баайа, сүппэт-оспот бөҕө тирэҕэ буоллаҕа. Олег Черкашин оннук дьонтон биирдэстэрэ.
Афанасий Копырин