Убайдыы бырааттыы Егор, Гаврил Старостин кэриэстэригэр анаммыт волейбол күрэҕэ

Эр киһи уопсастыба үөскээһинигэр, уопсастыба олоҕор тоҕоостоох, олус наадалаах түгэннэргэ салайар, муоһалыыр, тутар, көмүскүүр күүс быһыытынан суолтата улаханын олус үчүгэйдик, чаҕылхайдык туоһулуур, дакаастыыр тэрээһини көрөн-истэн, итэҕэйэн кэлэн баран тутатына санаа сылааһына суруйарга сананным.

Дьиҥнээх эр киһи ис чиҥнээх, өрүһүлтэлээх өйүн өркөнүн туһалаахха туһаайар, наадалаахха наардыыр, олоххо баар моһоллору-мэһэйдэри туоруурга, дьон олоҕун туруктаах буолуутугар ураты көрүүнү киллэрэр. Бу түгэҥҥэ өссө ыарахан кэмнэр күүстээх дьону төрөтөллөр диэн кынаттаах тыллары саныыр олус тоҕоостоох. Ол курдук, Уус Алдан улууһун уһук нэһилиэгэр түөлбэлээн олорор төрүт дойдубар Түүлээххэ убайдыы бырааттыы Егор, Гаврил Старостиннар кэриэстэригэр волейболга аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир олус тэрээһиннээхтик, далааһыннаахтык уонна дириҥ ис хоһоонноохтук ыытылынна.

Уолаттар түөрт оҕолоох Спиридон Гаврильевич, Екатерина Евстафьевна Старостиннар дьиэ-кэргэттигэр төрөөбүттэрэ, улааппыттара. Улаатан борбуйдарын тутан олох аартыгар үктэниилэригэр дойдуга судаарыстыба тутула уларыйыар диэри бииртэн биир түгэннэр, күннэр-дьыллар буолбуттара. Хаһан даҕаны сууллуо суох курдук улуу тутул – Сэбиэскэй былаас бэрт түргэнник тыаһа-ууһа суох симэлийбитэ, дьон-сэргэ олоҕо ыйытыы бэлиэтин курдук турукка киирбитэ. Дьэ, бу түгэҥҥэ, бу кэмҥэ эрэйи өйүнэн кыайар, ис кыаҕы кэҥэтэр, эт мэйии кистэлэҥ ааннарын арыйар дьон муҥатыйа, ытыы-соҥуу олорбокко, тырыбыыналарга тахсан тылынан тыбыырбакка бэрт борустуойдук дьону-сэргэни, норуоту кытта үлэлэһэн чэгиэн-чэбдик туругу оҥорсубуттара.

Чөл-чэгиэн диэн бэйэтин кыанар, спортсмен эрэ диэн санаатахха тутах буолар. Чөл-чэгиэн диэн өйдүүн-санаалыын, олорор олоҕун тутулугунан куруутун инники күөҥҥэ сылдьар, тулалыыр эйгэҕэ баар бары хамсааһыҥҥа көхтөөх киһи ааттанар. Чэгиэн турук сааһыттан тутулуга суох, этэргэ дылы эдэриттэн эмэниттэн, саастааҕыттан кырдьаҕаһыттан тутулуга суох хайа да киһиэхэ олус наадалаах. Онно маассабай спорт көрүҥнэрэ сүрүн төһүү күүс буолаллар. Түүлээх сиригэр-уотугар волейбол, футбол, хайыһар курдук көрүҥнэргэ сирдьит сулус оҥостор, тумус туттар дьонноохпут. Бүгүҥҥү сэһэммит-сэппэммит волейболу өрө туппут, сайыннарбыт, ол туһугар ааттарын ааттатардыы үлэлээбит-хамсаабыт Старостиннар тустарынан буолуоҕа.

Тэйэр-тэбэр мээчик төһөлөөх элбэх биир санааҕа киллэрэн, араас атын дьаллыктартан аралдьыппыта буолуой, төһөлөөх элбэх киһини хамаанда туһугар, дойду туһугар диэн сырдык өйдөбүлгэ ииппитэ буолуой?! Саха норуотун түсчүтэ Дабыл этэринэн, саха киһитин өйө сааһынан наарданар, сааһыланар. Онно сыһыаран эттэххэ, өйү-төйү булунуу биэс төгүл сэттэлии сылынан 35 диэри таҥыллар. Дьэ, бу сылларга, бу кэмнэргэ түмсүүлээх буолууга, бэйэ күүһүгэр эрэлгэ киллэрэргэ, атын дьон санаатын истэ үөрэнэргэ, эгэлгэ элбэх моһоллоох-мэһэйдээх түгэнтэн тахсарга хамаанданан күрэхтэр, араас хайысхалаах тэрээһиннэр салгын курдук тоҕоостоох, наадалаах кэмнэригэр Ганя Старостин элбэхтэ массыынатынан таһан, спонсордаан, көҕүлээн, бэриниилээхтик спорт саалатыгар дьарыктанан бэйэтинэн холобур буолбута.

Гаврил маны таһынан нэһилиэк олоҕун устуоруйатыгар үтүөтэ өссө даҕаны тахсыа диэн эрэлим улахан – ол кини фотовидео матырыйааллара аныгылыы технологиянан көһөрүллэн кинигэ, киинэ буолан тахсыыта буолуо. Онтон Егор анал үөрэҕэ да суох сылдьан дьиҥ чахчы айылҕаттан бэриллибит талаанынан оҕо дьону, ыччаты дьарыктыырга, спорт нөҥүө иитэргэ-үөрэтэргэ үгүс сыратын биэрбитэ. Бу түгэҥҥэ анал үөрэх диир дьоҥҥо холобур оҥостон этэр буоллахха улуу Д.П.Коркин нуучча тылын учуутала, эбэтэр чугастан ылан Түүлээххэ сыһыаран этэр буоллахха СӨ спордун маастара, араас үрдүк таһымнарга аатырар иитиллээччилэрдээх биллиилээх тренер Иван Копырин саха тылын учуутала, Сахаада спордун маастара, норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” күрэххэ чемпионнары иитэн таһаарбыт Михаил Неустроев нуучча тылын учуутала буолаллар.

Егор кэпсэтэр, тылыгар киллэрэр, итэҕэтэр дьоҕура ыһыллыы-тоҕуллуу, мунчаарыы, буккуллуу да сылларыгар ханна тиийдэ даҕаны кинини тулалыыр, кинини итэҕэйэр, киниэхэ итэҕэйэр дьон-сэргэ баар буолара. Дьэ, бу уһулуччу талаан, дьоҕур. Биллэн турар, ол барыта кини эттэ, санаата да субу кыһыл көмүс солотуулаах бүлүүһэҕэ ууруллан кэлбэтэҕэ, ол туһугар кини төһөлөөҕү сүүрбүтүн-көппүтүн, түбүгүрбүтүн чугас дьоно эрэ билэллэр. Ол туһунан кини кэргэнэ Екатерина Петровна сахалыы олус сэмэйдик “күрэхтэһии тэрийэр, дьону бэйэҥ диэки хайыһыннарар олус ыараханын эппинэн-хааммынан өйдөөбүтүм” диэн этиитигэр толору өйдүүгүн. Онтон үтүө холобуртан үөрэнии туһунан Егор Афанасьевич Неустроев: “Бырааппынаан Александрдыын биһиги көлүөнэ уолаттары кытта Ганя Старостин курдук волейболга оонньоору Егор Старостин илиитигэр киирбиппит, уонна ол күнтэн бу күҥҥэ диэри мээчик тула мустан бииргэ буолар дьоммут элбэхтэр”, — диэн күрэхтэһии баннерын таһыгар киһини долгутар, итэҕэтэр гына бэрт бэргэнник эппитин олус сөбүлүү иһиттим.


Икки күннээх күүрээннээх күрэххэ волейбол норуокка таптаан убаастаан ийэтэ аҕата диэн ааттанар Амма улууһуттан Сулҕаччы, Абаҕа , Хаҥалас улууһун Покровскайыттан, Уус Алдан Сыырдааҕыттан, түөрт дьоруойдаах Тандаттан урнна Егор Старостин 2002-2004 сыллардаахха эрчийбит хамаандалара кэлэннэр Түүлээх нэһилиэгин икки хамаандатын кытта оонньоотулар.Күрэхтэһии биир киһи ис сүрэҕиттэн махтанар, харах уулаах түгэнинэн Егор Старостин эрчийбит оҕолоро (күн бүгүн дьоһун дьон) кини мэтириэтэ ойуулаах анал формалаах киириилэрэ буолбута мөккүөрэ суох. Дьэ ыһыы-хаһыы, күүрээн, көх диэн баар буоллаҕына манна баар эбит диэххэ диэри күрэхтэһии тура тэбинэ биир тыынынан ааста! Манна биири тоһоҕолоон туран бэлиэтиэхпин баҕарабын, манна буолбут оонньуулар таһымнара өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэртэн аччыгыйа суохтар, бу көстүү волейбол хайдах курдук дьону түмэрин, сомоҕолуурун, толкуйдатарын чаҕылхай туоһулуур. Манна эмискэ, соһуччу, ааһан иһэн диэн көстүү суох, барыта күүстээх, сыаллаах-соруктаах, сыра-сылба бараныылаах үлэ түмүгэ, барыта ситим, эрдэттэн бэлэмнэммит испэктээк. Эн манна, мин манна, онтон эн итинтэн тахсаҕын диэн математика уруогун сорудаҕын курдук суоттаммыт, барылламмыт хамсаныылар, кыратык сыыстыҥ кэһиллиэ суохтаах сурааһыныҥ — “линияҥ” бу сыттаҕа эбээт, очукуоҥ көтө-көтө утарсааччыгар бэрилиннэҕэ ол… Көтөн күөрэйэн тахсан салгыҥҥа чыпчылҕан түгэнэ “ыйанан” туран мээчиги ханна “хаппахтыырын” көрөр быһааччы, “албыннааччы” манна баар. Ол аайы көрөөччү махтанар хаһыыта, ытыһын тыаһа, хамаандаҥ киһитэ хайҕаабыт хараҕа, тренериҥ үөрбүт сэбэрэтэ арыаллаан иһэр.

Оонньууларга бэйэлэрин көрдөрбүт 18 спортсмен анал ааты кытта бириистэри туттулар. Ити курдук ньиргиэрдээх үлэ түмүгүнэн бастакы миэстэни Түүлээх нэһилиэгин хомуур хамаандата (манна оскуола оҕото, эрчийэр тренер, салайааччы, устудьуон, үлэһит) биир киһи курдук төрөөбүт төрүт сирдэрин доргуччу ааттаттылар. Иккис миэстэ Өлүөхүмэ улууһуттан тиийэ хомуллан кэлбит Е.Старостин үөрэнээччилэрэ онтон үһүс миэстэҕэ Сулҕаччы нэһилиэгин хамаандата таҕыстылар. Бу хамаандаҕа быйыл буолуохтаах норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” күрэххэ СӨ чиэһин көмүскүөхтээх Данияр Тышканбаев баар.

Ханнык баҕарар ааттаан-суоллаан тэриллибит күрэх бириистэрэ төһө кыалларынан ол таһымы, ол тэрээһини ааттатардыы тэриллэр. Бу күрэх бу чааһыгар кимиэхэ да сирдэрбэттии, хомоппоттуу хомулунна. Ол курдук Егор Старостины өйдүүр-саныыр, кинини хаһан да көрбөтөх эрээри Егор хайгыырынан, ахтарынан, ыраахтан астына-дуоһуйа Хаттыгы диэн сиринэн билинэр “Тустуу сүгүрүйээччилэрэ” диэн түмсүүгэ өрөспүүбүлүкэ араас улууһугар олорор тустууну сэҥээрээччилэр кытта бааллар, кинилэр Егор оҕо спорда сайдарын туһугар диэн үлэтин сыаналаан туран 30 000 солкуобайдаах анал таҥас тигэр фирматтан сертификаты Түүлээх оскуолатын сборнайыгар анаатылар. Бириис пуондата холбоон быһа холоон 500 000 солкуобай буолбута дьон-сэргэ үтүө үтүөнэн үйэтитиллэрин өссө төгүл дакаастаатаҕа. Кыайыылаах хамаанда аҥаардас хамаандаҕа туһуламмытынан 100 000 солкуобайы уу харчынан тутта, онно өссө уһулуччу оонньообуттарга бириистэри эбэн кэбис.

Өссө ыалдьыт оонньооччулары, күрэх кыттыылаахтарын соһуппут, үөрдүбүт түгэн бастакы күннээҕи оонньуулар кэннилэриттэн саха санаабыт мааны аһа барыта баар тотоойу, иҥэмтиэлээх остуолугар олорон истиҥ иһирэх ахтыы киэһэтигэр буолла, ырыа ылланна, кэпсээн кэпсэннэ, сэһэн-сэппэн суккулунна. Ол сарсыҥҥытыгар бары аймахтыы курдук эҕэрдэлэһии, дрооболоһуу өссө эбилиннэ. Түүлээххэ интернет ситимин үлэлэтии үтүө көстүүтэ эмиэ манна буолан ааста, ол курдук интернет ситимин илимигэр иҥэн сүтэн хаалбакка, ону бэйэ диэки хайыһыннаран туһанар уолаттардаах буоламмыт дойду араас муннугар олорор (Америкаҕа тиийэ) дьон быһа эфиргэ киирэн бары бииргэ буоллубут. Дьэ, бу сайдыы, дьэ, бу билиини-көрүүнү, стабылы үтүөҕэ туһаныы! Михаил Охлопковка махтал улахана!

Түмүкпэр бу күҥҥэ, бу кэмҥэ биһиэхэ сахаларга төрүт дьоммут төлкөлөөх өйдөрө, уруу дьоммут улуу толкуйдара, аймах дьоммут аламаҕай майгылара маннык түгэннэри өссө даҕаны бэлэхтээтин диэн туран Түүлээх нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр, тэрилтэлэригэр, аймах-билэ дьоммут тумус туттар дьонугар кими даҕаны чуолаан ааттаабакка туран хас биирдиигитигэр, ис сүрэхтэн махтал буоллун. Өссө төгүл чиҥэтэн, дириҥэтэн тыа сирэ – ытык биһикпит, олохпут оҥкула диэн туран ырааҕы ыралыыры ыһыктыбакка, экчи диэн эккирэтиһэн туран сырдыгы эрэ батыһыаҕыҥ, сандаарар саҕахтары арыйыаҕыҥ диэн алгыс тылбын аныыбын.

Наталья Руфова, Түүлээх-Хатас